Мин хос эһэм, тыыл үлэ бэтэрээнэ Попов Иван Афанасьевич «Кылгас Уйбаан» Нам оройуонугар Маймаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Хос эһэм бииргэ төрөөбүттэр үһүөлэр этэ, мин эһэм саамай улаханнара, бырааттара Дьөгүөр уонна Оппуонньа диэн этилэр. Аҕата Аппанаас эдэр сааһыгар ыалдьан олохтон туораабытын кэннэ уолаттар ийэлэригэр кыра саастарыттан күүс – көмө буола улааппыттар. Ийэтэ Дьэбдьиэй оччотооҕу кэмҥэ дьон бары колхозка үлэлииллэр этэ.
Сэрии сылларыгар сут-кураан дьыллар буолбуттара. Ол кэмҥэ хос эһэм оҕо буолан сааһынан хапсыбакка сэриигэ кыттыыны ылбатах. Соҕотох огдообо ийэтигэр бырааттарын көрөн, аҕа оруолун толорбут. Ол иһин, эһэм хорсун санаалаах, эппиэтинэстээх уонна үтүө санаалааҕа.
1949-1952 сылларга Камчаткаҕа артиллерийскэй армияҕа соҕотох саха уола нууччалар быыстарыгар этэҥҥэ сулууспалаан кэлбит.
1953 сыллаахха хос эһэм Таатта улууһун Баайаҕатыттан төрүттээх хос эбэбин Белолюбская Марфа Васильевнаны көрсөн, ыал буолаллар. Нам сэлиэнньэтигэр олохсуйаллар, алта оҕолоноллор. Саамай улаханнара Анатолий, ол кэннэ Любовь, онтон икки игирэ кыргыттар Надежда уонна Вера. Ол кэнниттэн мин эһэм Василий уонна саамай кыра кыыстара Елена.
1955 сыллаахтан «Холбос» диэн тутуу учаастагар, тутуу матырыйаалын собуотугар бэһис разрядтаах плотнигынан үлэлээбит. Туйах хатарааччынан билигин мин эһэм уонна убайдарым тутуунан дьарыктаналлар.
Күөх маай бырааһынньыгар махтал суругунан, коммунистическай үлэ ударнигын аатын уонна «За трудовую доблесть» диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Хос эһэм төһө да сэриигэ сылдьыбатар тыылга үлэлээн норуотугар күүс –көмө буолбута.
Хорсун санаалаах, олоххо тардыһыылаах, тулуурдаах, дьулуурдаах мин хос эһэм биһиэхэ куруук үтүө холобур буолар. Мин хос эһэбинэн киэн туттабын.
Айна Протопопова
И.Д.Винокурова- Чаҕылҕан аатынан Нам алын кылаас оскуолаты 1 “б” кылаас үөрэнээччитэ