«Коллекция нөҥүө киһи киһини кытта билсэр, билиитэ-көрүүтэ кэҥиир» диэн этэллэрэ кырдьык эбит. Биһиги нэһилиэкпитигэр Саха сирин биллэр общественнай деятеля, кыраайы үөрэтээччи Афанасий Васильевич Мигалкин ыалдьыттаабыта. Кини биһиэхэ саха омук төрдүн-ууһун, онуоха тыл ситимниир күүс буоларын туһунан олус интэриэһинэйдик кэпсээбитэ.
Афанасий Васильевич бииргэ төрөөбүт убайа, саха норуотун поэта, оҕо суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкины кытта көрсүһүү миэхэ бэлиэ суолу хаалларбыта. Иван Мигалкины кытта көрсөн, кини коллекциятын көрөн бараммын, уруучука мунньар буолбутум. https://keskil14.ru/ivan-migalkin-harahpyn-umappyta/
Афанасий Васильевыһы кытта көрсүһүү эмиэ ураты буолла. Кини миэхэ бииргэ төрөөбүт быраата, сахалартан бастакы Российскай Федерация Генеральнай консула Александр Васильевич Мигалкин тус бэйэтэ тутта сылдьыбыт уруучукатын бэлэхтээтэ. Маннык улахан киһи уруучукатын илиибэр тутаммын наһаа долгуйдум.
Уруучуканы кытта эҕэрдэ суруктаах. Ис хоһооно маннык:
Күндү Эрчим Николаев!
Эн уруучкалары сэргээн мунньаргын олус астына, хайгыы иһиттибит. Бииргэ төрөөбүт бырааппыт, убайбыт, сахалартан бастакы Российскай Федерация Генеральнай консула Александр Васильевич Мигалкин суруйбут, тутта сылдьыбыт уруучукатын коллекцияҕар анаан бэлэхтиибит.
Үөрэххэ, олоххор ситиһиилэри баҕарабыт.
Бары үчүгэйи кытта Александр Васильевич Мигалкин бииргэ төрөөбүттэрэ.
Дьокуускай 2024 с.
Афанасий Васильевич уруучукам коллекцияларын көрөн баран маннык сүбэлээтэ:
Эрчим, элбэх уруучуканы муспут эбиккин. Араас тиэмэ барыта баар. Ол гынан баран, коллекцияҕын чопчу Саха сиригэр аныырын буоллар диэн сүбэлиэм этэ. Саха сирин улуустарын, нэһилиэктэрин туһунан уруучукалар билигин элбэхтэр. Көрдөххө, боростуой эрээри, төрөөбүт дойдуну билэ улаатарга ити олус туһалаах, суолталаах.
Уонна бэйэтин тус архыыбыттан «Харбалаах», «Үөһээ Бүлүү», «Хаҥалас», «Ньурба», «Алроса», «Ил Түмэн» уруучукаларын бэлэхтээтэ.
Маны таһынан Афанасий Васильевич «Кэскил» хаһыат суолтатын туһунан санаатын эттэ: «Биһиги бары «Бэлэм буол» хаһыакка улааппыт дьоммут. «Бэлэм буол»-«Кэскил» тугу үөрэтэрэ, суруйара оҕо өйүн-санаатын көтөҕөр. Эмис нэһилиэгин оҕолоро «Кэскили» кытта тэҥҥэ үүнэн-сайдан иһэргитигэр баҕарабын».
Түгэнинэн туһанан, Афанасий Васильевич Мигалкиҥҥа, кини бииргэ төрөөбүттэригэр миэхэ анаабыт үтүө санааларыгар ис сүрэхпиттэн махтанабын. Александр Васильевич Мигалкин туһунан ааҕыам, кини туһунан билэ улаатыам.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма