Муус устар 23 күнүгэр соһуччу баҕайы «Киин» киинэ тыйаатырыгар «Кыталыктаах кырдалым» диэн саҥа киинэни билиһиннэриигэ сырыттым. Олус астынным.
Киинэҕэ дьиэ кэргэн истиҥ сыһыана уонна киһи күүстээх санаата олоххо хайдах дьайара көстөр. Чуолаан ини-биилэр сыһыаннарын уонна Ваня ыра санаата туоларыгар күүстээх дьулууру сэҥээрдим.
«Бииргэ төрөөбүккүтүнээҕэр чугас бу олоххо ким да суох» , – диэн аҕалара үөрэтэр. Кешалаах Валера бырааттара сатаан хаампатын билэн, кэлиэҕиттэн ыла өрүүтүн аттыгар сылдьаллар. Бииргэ күүлэйдииллэр, оонньууллар, аҥаардас аһыылларыгар икки ардыларыгар өйөөн олороллор.
Онтон Ваня убайдарыгар, кыталыкка кынаттарын тэҥэ дьонугар өйөнөн, хаамарга үөрэнэр. Киинэ бүтүүтэ бэйэтэ хааман барар. Бу түгэҥҥэ киһи толкуйга түһэр, бу, кырачаан оҕо, хайдахтаах курдук олоххо күүстээх олоххо дьулуурдааҕый? Ваня дьоло – кини ыраас санаата. Билиҥҥи олоххо хас биирдиибит итинник дьулуурдааҕа буоллар, бары да дьоллонуохпут этэ.
Киинэ сүрүн санаата – бэйэҥ дьолун туһугар туруулас.
Хайдахтаах да уустук түгэҥҥэ санааны түһэринимиэххэ уонна ыра санаа туоларгар дьулуһуохха наада, оччоҕо кыра да хардыылар, үтүө доҕотторун, истиҥ чугас дьонуҥ көмөлөрүнэн дьэрэкээн өҥүнэн күлүмнүүр дьол кустугун тутуоҕуҥ, кыталык үҥкүүлүүр кырдалларын көрүөҕүҥ.
Бу маннык тылларынан киинэ түмүктэнэр. Киһини толкуйдатар, үрдүккэ көтүтэр тыллар.
Илона РУФОВА, Х гуманитарнай кылаас,
өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт, Дьокуускай