«Кыталыктаах кырдалым» киинэни оскуолабытыгар кэлэн көрдөрбүттэрэ. Биһиги саастыы оҕолор хайдах ылыныахтарай диэн киинэ режиссерун Михаил Лукачевскайы кытта санаа атастаспыппыт.
Мин киинэни олус эмоциялаахтык көрбүтүм. Тус бэйэбэр эргиллэр, ааспыты эргитэ саныыр, миэхэ чугас хас да түгэн баар. Киһи уйадыйар. Ийэтин сүтэрбит сатаан хаампат оҕо санаатын күүһүттэн сөҕөҕүн эрэ. Баанньа курдук үтүө, сырдык санаалаах буолар уустуга суох эрээри, ол барыта киһи өйүттэн-санаатыттан, иитиллиититтэн улахан тутулуктаах.
Аҕата Дьуон ийэтэ суох хаалбыт оҕолорун олус кыһаллан иитэрин үөрэ көрдүм. «Бииргэ төрөөбүттэр биир сутурук курдук буолуохтаахтар», – диэн этэр. Онтон кыталык буолбут ийэ дьиэ кэргэнин харыстыы, араҥаччылыы сылдьар, инникигэ эрэли саҕар.
Олоххо элбэх ыарахаттар бааллар. Ону санаа күүһүнэн кыайыахха сөп диэн Баанньа уол уобараһа көрдөрөр.
Бу киинэни көрөн баран, олох хас биирдии күнүн, мүнүүтэтин үөрэ-көтө атаарар буолуоҥ диэн эрэнэбин.
Люба СЕРГЕЕВА, Х кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы