«Кыталыктаах кырдалым» киинэни көрөн бараммын мин элбэҕи эргитэ санаатым. Киһи олоҕо оҕо саастан саҕаланар. Бу кистэлэҥнээх кэм буолар диэн өйдөөтүм. Киһи улааппытын кэнниттэн, кини оҕо сылдьан кыайан хаампатын, хайдахтаах курдук уустук моһолу туораан киһи буолбутун туһунан билбэккин.
Киинэҕэ киһи кэрэхсиирэ элбэх. Оҕолор Неругай диэн ааттыыр эмээхсиннэрин ис сүрэхпиттэн сөбүлээтим. Баанньа оҕо эрэ барыта куттанар киһилэрин ис санаатын арыйар.
Улахан дьиэ кэргэн ийэтэ суох хаалан баран, ыһыллыбакка бары бииргэ тутуһан олороллор. Аҕалара өйүнэн-санаатынан, илиитинэн, атаҕынан олус күүстээх киһи. Баанньа бииргэ төрөөбүттэрэ бары кыһаллан туран, кинини хаамарыгар көмөлөһөллөр.
Уол дьулуура, ийэтин таптала, «кыталыгы көрбүт киһи олоҕун устата дьоллоох буолар» диэн ыра санаата кинини атаҕар туруордулар.
Ванесса ЧУВАШОВА, VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы