Муус устар 13 күнүгэр Эмис нэһилиэгэр Н.С. Захаров-Сахаачча аатынан Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын тренерэ, ССРС спордун маастарыгар кандидат, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Илья Анатольевич Солдатов сырдык кэриэһигэр 2008-2009, 2010-2011, 2012-2013, 2014-2015 сыллаах төрүөх уолаттарга улуустааҕы тустуу турнира буолан ааста.
Турнирга Н.С. Захаров-Сахаачча аатынан Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын, Эмис, Алтан, Сатаҕай, Бөтүҥ, Сулҕаччы хамаандалара, барыта 80-ча оҕо 15 ыйааһыҥҥа күрэхтэстэ.
Көлүөнэ ситимэ олохтонно
Саамай үөрбүтүм диэн икки быраатым Даниэл Петров, Богдан Петров бэйэлэрин ыйааһыннарыгар чемпионнаатылар. Көлүөнэ ситимэ олохтоммутуттан үөрдүм
– Уолбут Илья төһө да билигин биһиги ортобутугар суоҕун иһин, кини аата-суола дьону түмэ, кыайыыларга сирдии, нэһилиэк олоҕор, уол оҕону иитиигэ тустуу суолтатын саната, өйдөтө турар. Икки сыллааҕыта дойдутугар манна өрөспүүбүлүкэтээҕи турниры бэркэ тэрийэн ыыппыттара. Онно оскуолабытыгар 20-тэн тахса сыл дириэктэрдээбит ытык киһибит Алексей Ильич Гаврильев улуус, нэһилиэк салалталарыгар анаан, бу турниртан тирэхтэнэн Эмис нэһилиэгэр тустуу үһүс тыына киирэрин эрэнэ кэтэһэбит диэн эппитэ. Ол баҕа санаабыт туолан, 2023 сыл сэтинньи ыйтан Ильябыт доҕоро, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх тренерэ Аркадий Николаевич Тастыгин ананан кэлэн, нэһилиэкпитигэр тустуу секциятын үлэлэтэр. Ааспыт турнирга Эмистэн төрүттээх биир эрэ оҕо кыттыбыт эбит буоллаҕына, быйыл 19 оҕо туһунна. Биир чемпионнанныбыт, хас да уолбут иккис, үһүс миэстэ буоллулар.
Илья Анатольевич дойдутугар үлэлиир кэмигэр Эмис нэһилиэгин маастардарын бирииһин бэркэ тэрийэн ыытар этибит. Оччолорго спорт саалабыт суох, онон эргэ кулууппутугар сыана үрдүгэр маат тэлгэтэн, ыһыылаах-хаһыылаах хапсыһыылар буолаллара. Быйылгы турниры көрө олорон, ону санаан улаханнык астынным, долгуйдум, үөрдүм. Быйылгы турнир тэрээһинигэр сүүрэн-көтөн көмөлөспүт, тэҥҥэ сылдьыспыт Илья Анатольевич уолаттара Егор Дьячковскай, Александр Кузьмин, Александр Ларионов оччолорго кулууп сыанатын үрдүттэн төкүнүйэн түһэ-түһэ ойон туран тусталларын, нэһилиэкпит чиэһэ диэн бүтэһиккэ диэри киирсэллэрин харахпар бу бардыы көрөн ыллым. 20-чэ сыллаах тохтобул кэнниттэн биэс ый устата үлэлээбит секция диэтэххэ, уолаттарбыт бэркэ туһуннулар. Харахтара уоттаммыта сүрдээх. Тутталларыттан-хапталларыттан көрдөххө, бэйэлэригэр эрэллээхтэр. Саамай үөрбүтүм диэн икки быраатым Даниэл Петров, Богдан Петров бэйэлэрин ыйааһыннарыгар чемпионнаатылар. Көлүөнэ ситимэ олохтоммутуттан үөрдүм, – диэн Эмис оскуолатыгар физкультура учууталынан 35 сыл устата үлэлээбит Иосиф Васильевич Петров тустуу турнирын туһунан санаатын үллэһиннэ.
Тустуу кутун-сүрүн иҥэриммиттэр
Тустуук уолаттарбыт бу турниртан тирэхтэнэн тахсыахтара диэн эрэнэбин. Сирэйдэрэ-харахтара уоттаммыта, кыайдахтарына, хоттордохторуна үөрэллэрэ-хомойоллоро көрөөччүгэ эмиэ бэриллэр. Тустуу кутун-сүрүн иҥэриммиттэр диэн үөрэ көрдүм.
Эмис нэһилиэгин ытык ыала Прасковья Николаевна, Павел Прокопьевич Николаевтар улахан уоллара, бэйэтин кэмигэр спорт көрүҥнэригэр Эмис чиэһин үгүстүк көмүскээбит, дойдутун туһугар сүрэхтиин-быардыын ыалдьар Станислав Павлович Николаев турнирга куораттан анаан-минээн айаннаан кэлэн кыттыыны ылла. Бэйэтин анал бирииһин Эмис хамаандатын тустуугар Матвей Тимофеевка шруповерт туттарда.
Маны таһынан быраата урбаанньыт Прокопий Павлович Николаев “Турнир бастыҥ бөҕөһө” анал бирииһи – 20 тыһ. солк. харчыны Н.С. Захаров-Сахаачча аатынан Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын иитиллээччитигэр Слава Окоровка туттарда. Турнир бастыҥ бөҕөһүгэр кубогы Илья Анатольевич эрчийбит уолаттарын ааттарыттан Александр Кузьмин туттарда.
– Дьэ, кырдьык, 20-чэ сыллаах тохтобул кэнниттэн Эмискэ тустуу улахан бырааһынньыга буолан ааста. Быйыл спорт саалабыт тигинэччи үлэлии турарын истэммин үөрэбин эрэ. Олохтоохтор, төрөппүттэр оҕолоро тусталларын астына көрөллөрүттэн киһи сүргэтэ көтөҕүллэр. Урут Илья Анатольевич үлэлиирин саҕана ыытар күрэхтэһиилэрин санаан кэллим. Ылдьааны мин оҕо эрдэҕиттэн үчүгэйдик билэбин. Кини эрчийэр оҕолорун бэйэтин оҕолорун курдук көрөн-истэн илдьэ сылдьара. Күрэхтэһиилэргэ айаннаан иһэн куоракка миэхэ хонон, тохтоон ааһаллара. Кэпсээннээх-ипсээннээх бэһиэлэй уолаттар этэ. Слепцов Петя 5-с кылааска үөрэнэ сылдьан, “Стас, эн 8 дьиэлэнэр эбиккин”, – диэбитин олох умнубаппын. “Петя, тоҕо итинник диэтин?” – диэбиппэр – “Оттон бу оһоххор 8 крыша баар дии”, – диэбитэ. Петя билигин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр дьиэ тутааччы. Атыттар эмиэ олоххо миэстэлэрин булбут, бэрээдэктээх уолаттар. Саха сирин ханнык баҕарар улууһугар тиийдэххэ, Ылдьаа уолаттара, кини доҕотторо, бииргэ алтыһан ааспыт дьонноро бааллар. Биһиги бырааппыт оннук киэҥ сырыылаах тренер этэ. Тустуук уолаттарбыт бу турниртан тирэхтэнэн тахсыахтара диэн эрэнэбин. Сирэйдэрэ-харахтара уоттаммыта, кыайдахтарына, хоттордохторуна үөрэллэрэ-хомойоллоро көрөөччүгэ эмиэ бэриллэр. Тустуу кутун-сүрүн иҥэриммиттэр диэн үөрэ көрдүм. Улууспут баһылыга Степан Николаевич Кузьмин Илья Анатольевич аатын сүкпүт спорт саалаҕа эһиилги сылга өрөмүөн үлэтигэр үп-харчы көрүөхпүт диэн эттэ. Тустууктары эрчийэр улахан уопуттаах өрөспүүбүлүкэ бастыҥ тренердэриттэн биирдэстэрэ Аркадий Николаевич Тастыгиҥҥа үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Эмис дьоно-сэргэтэ буоларын курдук оҕо тустуутун тула түмсүүлээх буолуоххайыҥ диэн ыҥырабын, – диэн Станислав Павлович Николаев санаатын үллэстэр.
Биир хамаанда – биир тэтим
Уолаттар тренердэригэр болҕомтолоох, ытыктабыллаах сыһыаннарын хас да түгэҥҥэ бэлиэтии көрдүм. Биир тэтимҥэ сылдьаллар. Бу кылгас кэм иһигэр кырата суох ситиһии
Турнир кылаабынай судьуйата, ССРС спордун маастара, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Андриан Аркадьевич Захаров: “Доҕорум, тустууга бииргэ үлэлээбит тренерым Илья Анатольевич Солдатов быйылгы турнира саамай кылаабынайа – эчэйиитэ суох барда. Эмискэ 20-чэ сыллаах тохтобул кэнниттэн тустуу секцията саҥа бэһис ыйын үлэлиир. Киһи бэлиэтии көрөрө диэн Аркадий Николаевич Тастыгин бэйэтин тула түмпүт уолаттарыгар хамаанда тыына баар буолбут. Уолаттар хас тустууларын кэнниттэн хоттордохторуна даҕаны бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөр, кыайдахтарына бары бииргэ үөрэн туран эҕэрдэлэһэллэр. Тустуохха эрэ диэн буолбакка, көбүөргэ бүтэһик сөкүүндэҕэ диэри үлэлииллэр. Харахтара умайан олорор. Уолаттар тренердэригэр болҕомтолоох, ытыктабыллаах сыһыаннарын хас да түгэҥҥэ бэлиэтии көрдүм. Биир тэтимҥэ сылдьаллар. Бу кылгас кэм иһигэр кырата суох ситиһии, – диэн турнир түмүгүнэн бэйэтин санаатын тиэрдэр.
Тустуук оҕолор махтаналлар
Тустуу аҥардас кыайыы-хотуу, аат-суол эрэ буолбакка, оҕо үтүө сыһыаны сыаналыы, өйдүү улаатарыгар туһалаах буолара Ильяр махталыгар көстөр.
И.А. Солдатов иитэн таһаарбыт уола, спорт маастарыгар кандидат, МЧС Таатта оройуонунааҕы инспектора, старшай лейтенант Семен Гаврильев уонна кини бииргэ төрөөбүттэрэ, ийэтэ Татьяна Романовна Иванова 2014 с.т. уолаттарга 38 кг диэри ыйааһыҥҥа үһүс миэстэни ылбыт Ильяр Солдатовка анал бириистэрин – спортивнай көстүүмнэри, борцовка, трико анаан туттарбыттара.
– Ильяр бирииһин тутан баран, үөрүүтүттэн хаста эмит эргийэн кэлэн махтаммытыттан бэйэбит да долгуйдубут. Киһи киһиэхэ аныыр үтүө сыһыанын өйдүүр, сыаналыыр, киһиэхэ сатаан махталын тиэрдэр оҕону күн аайы көрсүбэккин. Тустуу аҥардас кыайыы-хотуу, аат-суол эрэ буолбакка, оҕо үтүө сыһыаны сыаналыы, өйдүү улаатарыгар туһалаах буолара Ильяр махталыгар көстөр, – диэн этэр Семен Гаврильев эдьиийэ Ольга Артемовна Васильева.
***
Убайым Илья Анатольевич тренер да, киһи да быһыытынан киэҥ көҕүстээх, дириҥ көрүүлээх этэ. Бэйэтин кылгас олоҕор бэлиэ суолу-ииһи хаалларбыта.
2010-2011 ст. уолаттарга 40 кг. ыйааһыҥҥа диэри үһүс миэстэлээх Дамир Солдатов убайа Дмитрий Николаевич Солдатов скоростной билисипиэт бэлэхтээтэ.
– Убайым Илья Анатольевич тренер да, киһи да быһыытынан киэҥ көҕүстээх, дириҥ көрүүлээх этэ. Бэйэтин кылгас олоҕор бэлиэ суолу-ииһи хаалларбыта. Ааспыт турнирга билисипиэт бирииспин туттарбыт оҕом Амматтан Марат Карпов быйылгы турнирга 2012-2013 с.т уолаттарга 41 кг диэри ыйааһыҥҥа иккис миэстэ буолла. Марат ситиһиилээхтик туста сылдьарыттан үөрэбин. Быйылгы турнирга бэйэм бирииспин бырааппар Дамир Солдатовка туттардым. Уолум үөрдэ да үөрдэ. Иккистээн эргийэн кэлэн “убаай, улахан баһыыба” диэн кууһан сыллаан ылбытыттан, хата, бэйэм үөрдүм. Убайбыт турнирыгар бириис туруорарбар уолум эмиэ кыттыһар. Олохпор Илья Анатольевич курдук курдук тренери көрсөн, соҕуруу куораттарга, Хасавюрка кытта тиийэ сылдьыбытым диэн куруук махтанар. Убайбыт олохтон туораабыта быйыл бэһис сыла. Биэс сыл устата кини аатынан турнирдар 2020, 2021 сс. Дагестаҥҥа, 2022 с. дойдутугар Эмискэ буолбута. Быйыл төрдүс турнир улуус таһымыгар ыытылынна. Илья Анатольевич киһилии сиэрдээх бүтүн олоҕу олорон ааспыт буолан, дьон-сэргэ кини аатын умнубат. Биһиги ортобутугар суоҕун да иһин, үтүө аатынан син биир барыбытыгар холобур буолар, – диэн этэр Дмитрий Николаевич Солдатов.
Сүрэхтэнии
Турнир чэрчитинэн, тустуу секциятыгар сылдьар «Чуораанчык» оҕо саадын иитиллээччилэрин ортотугар хапсаҕайга күрэхтэһии буолла. Кырачаан бөҕөстөр улахан көбүөргэ бастакы сүрэхтэниилэрин аастылар, бастакы мэтээллэрин туттулар, бастакы кыайыыларын ситистилэр. Кинилэргэ 5000 солк. харчынан бириэмийэни, мэтээллэри Илья Анатольевич балта Оксана Анатольевна Солдатова спонсордаан туттарда.
Турнир бастыҥнара
И.А. Солдатов дьиэ кэргэнэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, Н.Г. Новиков-III оҕолоро, ыччаттара турнир сүрүн бирииһин 26000 солк. чемпионнар ортолоругар оонньотто. 26000 солк. уу харчыны Алтантан сылдьар Эмистэн төрүттээх Айсиэн Николаев ылла https://keskil14.ru/strong-dagesta-a-daryktana-baryam-strong/
***
Илья Анатольевич бииргэ төрөөбүт балта Матрена Анатольевна, күтүөтэ Дмитрий Васильевич Пестеревтэр дьиэ кэргэттэрин “Бастыҥ быраҕыы” анал бириистэрин 15000 солк. харчыны Эмистэн Даниэл Петров тутта. Даниэл бирииһин тутан туран: “Мин маннык улахан бирииһи ылбыппын хаһан да умнуом суоҕа. Баһыыба!” – диэн махтаммыта истэргэ олус үчүгэй.
***
Турнир иһинэн ыытыллыбыт “Бастыҥ акробат” күрэххэ Эмистэн Степан Степанов кыайыылааҕынан тахсан И.А. Солдатов күтүөтэ Алексей Филиппович Матвеев олохтообут бирииһин 7000 солк. харчыны тутта. Онтон Өркөн Обутовка Анжелика Александровна Иванова 2000 солк. туттарда.
***
Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр урбаанньыт, меценат, Илья Анатольевич тренердиирин тухары саамай өйөөбүт спонсора, истиҥник саныыр киһитэ Руслан Еремеевич Федотов турнирга диэн анаан ыыппыт бирииһин – 15000 солк. сертификаты Эмис нэһилиэгин көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандата тутта.
«Турнир бастыҥ судьуйатын» Егор Скрябин, “Бастыҥ тренеринын” Иван Карпов ааттаннылар.
Күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Андриан Аркадьевич Захаров Илья Анатольевич бииргэ төрөөбүт быраата Константин Солдатов “Байанай” маҕаһыынтан 10000 солк. суумалаах сертификаты тутта.
Киһини киһи үйэтитэр
Быйылгы турнир бирииһин фондата, ааспыт сыллардааҕы курдук, спонсорскай көмөнөн ыытылынна. Уопсай суумата 300-кэ тыһ. солк. тэҥнэһэр. Бу улахан үлэни сүрүннээбит дьоннорунан Эмис нэһилиэгин дьаһалтатын спортка сүрүннүүр специалиһа Нонна Николаевна Ноговицына, И.А. Солдатов аатынан спорт саала дириэктэрэ Валентин Павлович Николаев, Илья Анатольевич доҕоро Николай Семенович Иванов, эрчийбит уолаттара Александр Николаевич Кузьмин, Ярослав Валерьевич Новиков, Александр Александрович Ларионов, кэргэнэ Мария Тарасовна Солдатова буолаллар.
Быйылгы турнир 15 ыйааһыҥҥа ыытылынна. Кыайыылаахтар мэтээллэрин, грамоталарын Н.С. Захаров-Сахаачча аатынан Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолата, кубоктары И.А. Солдатов дьиэ кэргэнэ, бииргэ төрөөбүттэрэ үбүлээн оҥоттордулар. Хас ыйааһын аайы чемпионнар 5000 солк., иккис миэстэлээхтэр 3000 солк. харчынан наҕараадаланнылар. Үһүс миэстэҕэ барытыгар 30 бирииһи Эмис нэһилиэгин дьаһалтата туруорда.
2014-2015 с. т. 21 кг ыйааһын бастакы (5000 солк.) уонна иккис (3000 солк.) миэстэни – В.П. Николаев; 24 кг. – Эмис оскуолатыгар бииргэ үөрэммит оҕолоро; 27 кг – кэргэнэ М.Т. Солдатова; 31 кг – Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын тренердэрэ; 35 кг – өрөспүүбүлүкэ тренердэрэ түмсэн үлэлээбит “Эрэл” спортивнай кулууптара; 2012-2013 с.т. 27 кг – өрөспүүбүлүкэ тренердэрэ түмсэн үлэлээбит “Эрэл” спортивнай кулууптара; 52 кг – И.А. Солдатов 1992-2004 сс. Эмискэ эрчийбит уолаттара; 2010-2011 с.т. 52 кг – И.А. Солдатов 1992-2004 сс. Эмискэ эрчийбит уолаттара; 2008-2009 с.т. 60 кг. – Дьокуускай куорат физическай култуураҕа управлениетын салайааччыта Эдуард Васильевич Ефимов анаан спонсордаатылар.
Онтон атын ыйааһыннары Илья Анатольевич Амма 1 №-дээх орто оскуолатын 1988 с. бииргэ үөрэнэн бүтэрбит выпускниктара, доҕотторо Дмитрий Новиков, А. Мартынов, Анатолий Нестерев, Василий Максимов, Гаврил Игнатьев, Николай Иванов, Федор Григорьев, аймаҕа Ярослав Солдатов бары кыттыһан спонсордаатылар.
Маны таһынан 47 анал номинация туттарылынна
“Турнир бастыҥ бөҕөһө” – Слава Окороков, Амма (20000 солк., ИП Николаев Прокопий Павлович);
“Бастыҥ быраҕыы” – Даниэл Петров, Эмис (15000 солк., Матрена Анатольевна, Дмитрий Васильевич Пестервтэр);
“Саҥа саҕалыыр тустуук” – Дамир Солдатов, Эмис (скоростной билисипиэт, Д.Н. Солдатов);
“Саамай кэскиллээх тустууктар” – Альберт Ноговицын, Эмис; Семен Попов, Бөтүҥ (И.А. Солдатов Эмискэ эрчийбит уолаттара; Саргылана, Ярослав Солдатовтар);
“Саамай эдэр тустуук” – Костя Платонов, Эмис (И.А. Солдатов Эмискэ эрчийбит уолаттара);
“Саамай техникалаах тустуук” – Егор Никитин (3000 солк., А.И. Гаврильев);
“Көлүөнэ ситимэ” – Даниел Петров (Эмис), Богдан Петров, Амма (4000 солк., Иосиф Васильевич Петров);
Бырааттыы игирэ тустууктар” – Семен, Степан Степановтар, Эмис (10000 солк., Окоровтар дьиэ кэргэн);
“За волю к победе” – ____ (Амма 1 №-дээх орто оскуолатын 1988 с. выпускниктара);
“Кыайыыга дьулуурун иһин” – Чаҕыл Конников, Абаҕа (2000 солк., Татьяна Тарасовна Степанова;)
Күрэхтэһии кылаабынай судьуйатын анал бирииһэ – Костя Платонов, Эмис (термос, А.А. Захаров);
“Эмис нэһилиэгин баһылыгын анал бирииһэ” – Коля Никитин, Бөтүҥ (казан, П.П. Бубякин);
Эмис нэһилиэгин дьаһалтатын анал бириистэрэ – Эрахан Катаев, Майа; Эрсан Васильев, Эмис (3000 солк.; мини-колонка);
Амма нэһилиэгин дьаһалтатын анал бирииһэ – Сайнар Левин, Эмис (квадрокоптер);
Н.С. Захаров-Сахаачча аатынан оҕо спортивнай оскуолатын анал бирииһэ – Арсений Яковлев, Эмис (5000 солк.);
“Алмазкредитсервис” анал бирииһэ – Семен Попов, Бөтүҥ (5000 солк.);
Эмис орто оскуолатын анал бирииһэ – Чаҕыл Конников, Абаҕа (наушник);
Эмис нэһилиэгин балыыһатын анал бирииһэ – Айгылаан Николаев, Эмис (3000 солк.);
«Чуораанчык” оҕо саадын анал бирииһэ – Андрей Бурнашев, Алтан (термос);
“Галина” маҕаһыын анал бирииһэ – Ярик Стручков, Сулҕаччы (квадрокоптер);
Эмис нэһилиэгин заправкатын анал бирииһэ – Даниэл Петров, Эмис (харчынан бириис);
Ньургун Иванов анал бириистэрэ – Сахаян Устинов, Эмис; Семен Васильев, Эмис (спортивнай көстүүмнэр);
Көҥүл тустууга Россия спордун маастара, хапсаҕайга Саха сирин маастара, юстиция полковнига, Росгвардия Саха сиринээҕи управлениетын “Бизон” биригээдэтин командира Святослав Татаринов анал бирииһэ – Алеша Захаров, Эмис (2000 солк.);
Станислав Николаев анал бирииһэ – Матвей Тимофеев, Эмис (шруповерт);
Ньургун Неустроев анал бирииһэ – Ярик Яковлев, Сатаҕай; Айаал Карамзин, Чапчылҕан; Эльдар Жарин, Бөтүҥ (1200, 1200, 1500 солк. сертификаттар);
Туяра Устинова анал бириистэрэ – Саша Карамзин, Давид Устинов, Чапчылҕан (2000 солк.);
Анжелика Иванова анал бирииһэ – Алик Ноговицын, Эмис (2000 солк.).
***
И.А. Солдатов аатынан спорт саалатын дириэктэригэр тренер Аркадий Николаевич Тастыгин: “Турнирбыт кыттыылаахтара 200 солк. усунуос төлөөбүттэрэ. Усунуос харчытын түмэн дириэктэрбитигэр Валентин Павлович Николаевка бастакы стартовай сууммабытын үлэбит соргулаах буоларыгар баҕаран туран туттарабын”, – диэн баҕа санаатын тиэртэ.
Ноойооннор аймах ааттарыттан көҥүл тустууга Россия спордун маастара Дмитрий Новиков спортивнай интвентарь атыылаһарга анаан спорт саала дириэктэригэр Валентин Павлович Николаевка харчынан бириэмийэни туттарда.
Аммаҕа олорор Эмис нэһилиэгиттэн төрүттээхтэр түмсүүлэрэ И.А. Солдатов аатынан спортивнай саала үлэтэ таһаарыылаах буоларыгар баҕаран, көмө харчыларын анаатылар.
***
– Илья Анатольевич үтүө аатын үрдүктүк тутан улуустааҕы турниры дойдутугар Эмискэ ыытарга көмөлөспүт, өйөөбүт тэрийэр бөлөххө, үбүнэн-харчынан көмөлөспүт бары спонсордарга истиҥ махталыбытын тиэрдэбит. Турнир сүрүн сыалын-соругун ситтэ — Эмискэ тустуу баар! Эмискэ тустуу 20-чэ сыллаах тохтобул кэнниттэн үһүс тыынын ылла!
Бу турнирга Эмистэн 19 оҕо кыттыыны ылла. Биир чемпион таҕыста. Спортивнай саалаҕа И.А. Солдатов аатын иҥэрэр туһунан эрчийбит уолаттара, чугас доҕотторо, тустуу көбүөрүгэр бииргэ үлэлээбит тренердэрэ киллэрбит этиилэрин өйөөбүт нэһилиэк дьаһалтатыгар, депутаттарыгар махтанабыт. Оҕо тустуутун тула түмсүбүт Эмис нэһилиэгин олохтоохторун, хас биирдии тэрилтэ салайааччыларын, коллективтарын, общественнай түмсүүлэр күүстэринэн улуустааҕы турнир сыалын-соругун ситтэ. Эмис нэһилиэгин тустуутугар үһүс тыын киирбитинэн! Ситиһии, кыайыы, сайдыы кэлэ турдун! – диэн И.А. Солдатов кэргэнэ Мария Тарасовна махталын тиэрдэр.
Сардаана МАТВЕЕВА
Турнир чаҕылхай түгэннэрин манна көрүҥ https://t.me/+fnsemAkkXPVkMzli
Н.С. Захаров-Сахаачча аатынан Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын тренерэ, ССРС спордун маастарыгар кандидат, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Илья Анатольевич Солдатов сырдык кэриэһигэр 2008-2009, 2010-2011, 2012-2013, 2014-2015 сыллаах төрүөх уолаттарга ыытыллыбыт улуустааҕы тустуу турнирын кыайыылаахтара
2014-2015 с.т.
21 кг
1 м. Николаев Айсиэн, Алтан
2 м. Платонов Костя, Эмис
3 м. Яковлев Ярик, Сатаҕай
3м. Софронов Ярик, Амма
24 кг.
1 м. Петров Даниэл, Эмис
2 м. Мартынов Айсен, Бөтүҥ
3 м. Левин Сайнар, Эмис
3 м. Обутов Өркөн, Бөтүҥ
27 кг.
1 м. Петров Богдан, Амма
2 м. Ноговицын Альберт, Эмис
3 м. Капитонов Сарыал, Амма
3 м. Кузнецов Тимур, Амма
31 кг
1 м. Никитин Егор, Сатаҕай
2 м. Бурнашев Аедрей, Алтан
3 м. Устинов Дархан, Абаҕа
3 м. Федоров Герман, Амма
35 кг
1 м. Попов Семен, Бөтүҥ
2 м. Ребров Семен, Абаҕа
3 м. Михайлов Виталий, Амма
3 м. Устинов Сахаян, Эмис
38 кг.
1 м. Осипов Андрей, Абаҕа
2 м. Третьяков Трофим, Абаҕа
3 м. Эверстов Арчын, Абаҕа
3 м. Солдатов Ильяр, Эмис
2012-2013 с.т.
27 кг
1 м. Романов Захар, Амма
2 м. Конников Тулурхан, Абаҕа
3 м. Захаров Алеша, Эмис
3 м. Челбердиров Сергей, Амма
41 кг
1 м. Никифоров Николай, Амма
2 м. Карпов Марат, Амма
3 м. Ягодин Сандал, Амма
3 м. Рожин Дьулусхан, Амма
52 кг
1 м. Окороков Слава, Амма
2 м. Макаров Дархан, Амма
3 м. Фелегонов Айсен, Абаҕа
3 м. Васильев Семен, Эмис
2010-2011 с.т.
40 кг
1 м. Филиппов Эрчим, Амма
2 м. Попов Давид, Амма
3 м. Солдатов Дамир, Эмис
3 м. Бурнашев Алексей, Алтан
52 кг
1 м. Павлов Иван, Амма
2 м. Макаров Геннадий, Бөтүҥ
3 м. Максимов Игнатий, Сулҕаччы
3 м. Николаев Айгылан, Эмис
68 кг
1 м. Турантаев Владимир, Амма
2 м. Устинов Игнатий, Эмис
3м. Белолюбский Дмитрий, Абаҕа
3 м. Катаев Эрхан, Майа
2008-2009 с.т.
50 кг.
1 м. Илларионов Эрхан, Амма
2 м. Степанов Семен, Эмис
3 м. Степанов Степан, Эмис
3 м. Мидловец Григорий, Чапчылҕан
55 кг.
1 м. Максимов Эрчим, Амма
2 м. Потапов Дархан, Амма
3 м. Карамзин Айаал, Чапчылҕан
3 м. Платонов Алексей, Эмис
60 кг
1 м. Максимов Эрэл, Амма
2 м. Романов Сандал, Сулҕаччы
3 м. Солдатов Николай, Эмис
3 м. Устинов Кирилл, Чапчылҕан