Саас кэлэн, халлаан сылыйда, таммах таммалыыр, Күн чаҕылыччы тыгар. Онтон оҕолор хаҥкылыы сүүрдүбүт!
Биһиги нэһилиэкпитигэр энтузиаст-учуутал Климент Степанович Неустроев төрөөбүтэ үбүлүөйдээх сылыттан саҕалаан, сылын аайы оҕолорго анаан хаҥкылыыр сир оҥоһуута үтүө үгэс буолла. Саас аайы нэһилиэкпит ыччаттара биһиги киэн туттар, таптыыр, ытыктыыр Кургаммыт булгунньаҕын тэллэҕэр уу кутан каток оҥороллор.
Быйыл хаҥкылыыр сири 4-5 күн устата «Водовоз» массыынанан уу кутан оҥорбут Ян Ньургустаанович Рахлеевка, ыччаты түмээччи Айтал Николаевич Семеновка уонна бары кыттыһан көмөлөспүт дьоҥҥо махтанабыт. Кинилэр биһиги күүтүүлээх хаҥкылыыр сирбитин оҥорбуттарыгар оҕолор олуһун диэн үөрдүбүт.
Мин бэйэм каток оҥоһулларын күүскэ да күүскэ күүппүтүм уонна каток бэлэм буолбутугар бастакынан хаҥкылаабытым. Олус үөрбүтүм! Хаҥкылыырбын наһаа сөбүлүүбүн. Өссө саҥа катокпутугар балтыбын Устяны хаҥкылыырга үөрэттим.
Ити курдук сааскы сынньалаҥмыт кэмигэр оҕолор күн аайы дьиэбититтэн ырааппакка астына хаҥкылыыбыт, Курган булгунньахха хайыһардыыбыт, сибиэһэй салгынынан тыынабыт.
Алёна ТАППЫРОВА, VI кылаас, Уолба, Таатта