Кулун тутар 24 күнэ… Россияҕа кутурҕан күнэ. Московскай уобалас Красногорскай куоратыгар «Крокус Сити Холл» кэнсиэртиир саалаҕа киһи өйүгэр батан киирбэт иэдээннээх терракт буолла. Кэнсиэр буолун иннинэ террористар киирэн дьону туохха да тэҥнээбэккэ ытыалаабыттарын көрөргө наһаа ыарахан.
Тоҕо? Тоҕо туох да буруйа суох дьон тыына быһынна? Бу күн дьон тугу да сэрэйбэккэ сынньана, бириэмэлэрин туһалаахтык атаара кэллэхтэрэ дии! Инники олохторугар былаан, сырдык ыра санаа бөҕөтө… Ону барытын хара санаалаах дьон суох оҥордулар.
Бу быһылаан өссө биирдэ киһи киһилии толкуйдаах буолуохтааҕын, оҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэйи куһаҕантан араара үөрэнэригэр, үчүгэйгэ тардыһа, дьону ытыктыы, сыаналыы улаатарыгар улахан болҕомто ууруллуохтааҕын көрдөрдө.
Ыар буруйу оҥорбут хара санаалаах дьон хайаан да эппиэттиэх тустаахтар!!! Билигин биһиги бары «эн мин» дэспэккэ дойдубут дьонун-сэргэтин туһугар биир сомоҕо буолуохтаахпытын өйдүүбүт.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, VIII кылаас, Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас