Кулун тутар 12 күнүгэр Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр Е.А. Захарова-Саха Күөрэгэйэ аатынан култуура киинигэр Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа буолара 100 күн хаалбытынан бэлиэтээтибит.
Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Петрович Бубякин Олонхо ыһыаҕар бэлэммитин туһунан кэпсээтэ: “250 олбох тигилиннэ, 400 миэтэрэлээх сиэлбит бүтэрэ кыра хаалла. Ону тэҥэ Эмискэ Очуллаан Чочуллаан испиктээк турда. Кырыымпаһыттар, хомусчуттар маастар-кылаастара буолла. Олоҥхо ыһыаҕа ситиһиилээхтик ааһарыгар эрэнэбит”.
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ ыаллыы сытар Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх биир дойдулаахпыт, хомус маастара Василий Петрович Чупров ыалдьыттаата. Нэһилиэк олохтоохторугар оҕолорго бэйэтин алгыс тылын анаата, аал уотун арыылаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан айах тутта. Уонна оҕолору, нэьилиэк олохтоохторун хомус матыыбын, тардыытын көрдөрөн үөрэтэн бэйэтин сүбэтин тиэртэ.
Түмүккэ Василий Чупров бэйэтин оһуохайынан, ону тэҥэ Эмис нэһилиэгин В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан оскуолаҕа “Эрэкэ-дьэрэкэ” фолькльорнай куруһуок салайааччыта Мотрена Иннокентьевна Владимирова-Силигийээнэ Устин Нохсоороп Аммалыы оһуохайын эттилэр.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас, Эмис, Амма