Олунньу 17 күнүгэр Саха сиригэр пионерскай тэрилтэ төрүттэммитэ 100 сылын туолла. Аан бастаан 62 оҕоттон турар Спартак аатынан тэрилтэ Дьокуускай куорат маҥнайгы сэбиэскэй оскуолатыгар тэриллибитэ. Ол сыл пионерскай этэрээттэр Өлүөхүмэҕэ, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Өктөмҥө тэриллибиттэр. Сыл иһигэр пионерскай этэрээттэр өрөспүүбүлүкэбит киин улуустарын оскуолаларыгар үксүгэр баар буолбуттар. Сэрии сылларыгар пионердар тыылга үлэлээбиттэрэ, сэрии толоонугар Улуу Кыайыы туһугар охсуспуттара.
Биһиги оскуолабытыгар саха пионерията 100 сылыгар аналлаах үөрүүлээх линейка буолан ааста.
Линейкаҕа урут пионердыы сылдьыбыт учууталларбыт, «Движение Первых» уонна «Орлята России» оҕолоро кыттыыны ылбыттара. Учууталларбыт — урукку пионердар бары речевка этэн, этэрээтинэн хааман киирбиттэрэ. Оҕолорго пионердар тустарынан кэпсээбиттэрэ, историятын билиһиннэрбиттэрэ. Учууталларбыт 70-с, 80-с сыллардааҕы пионер эрдэҕинээҕи хаартыскаларын кѳрбүппүт. «Взвейтесь кострами, синие ночи» ырыаны ыллаабыттара.
Оҕолортон пионер туһунан тугу билэллэрин ыйыталастым.
Андреева Арина, XI кылаас: -Пионер диэн- коммунистическай организация, пионерскай хамсааһын кыттыылааҕа. Пионер үчүгэйдик үөрэниэхтээх, аҕа дьону ытыктыахтаах. Пионер биэрбит мэктиэ тылын тутуһуохтаах.
Никифорова Саяна, VII кылаас: -Пионерскай тэрилтэ диэн — оҕо коммунистическай организацията. Пионердар дьоҥҥо көмөлөһөллөр, субуотунньуктууллар.
Платонов Алик, VII кылаас: Пионер диэн бэйэтин дойдутугар бэриниилээх оҕо ааттанар. Пионердар кырдьаҕастарга көмөлөһөллөрѳ, араас үлэни үлэлииллэрэ.
Яковлева Мираида, VIII кылаас: Пионер — диэн ССРС кэминээҕи оҕолор коммунистическай организациялара. Пионердар дьиэлэрэ бааллар эбит, онно куруһуктарга сылдьаллара. Общественнай туһалаах үлэнэн дьарыктаналлара, металлолом уонна макулатура хомуйан туттараллара.
Билиҥҥи оҕолор пионер диэн ким буоларын, туох дьарыктааҕын, урукку кэмтэн элбэҕи биллилэр.
Степанова Анастасия, ХI кылаас.
«Кѳмүс бѳрүѳ» пресс- киин Илбэҥэ, Бүлүү