Юнкордар диэн кимнээҕий? Юнкордар диэн эдэр суруналыыстар гынан баран, оскуола саастаах оҕолор диэтэххэ, кинилэр сонунуннарын бүтүн өрөспүүбүлүкэ интириэһин ууран туран ааҕар. Биһигини, юнкордары, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ салайан, сөптөөх суолу ыйан, өйөөн-өйдеен үөрэтэ сылдьаллар, ону таһынан араас тэрээһиннэри тэрийэллэр. Бу сылга «муус устар» ыччат бэстибээлин чэрчитинэн «СААС» медиа-форум тэрийэн, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 80 юнкор оҕо муһунна.
Олунньу 21 күнүгэр «Бэс чагда» оҕону чэбдигирдэр лааҕырга бу медиа-форум иһинэн хамаандалар бырайыактарын көмүскээһиннэрэ буолан ааста. Санатан этэр эбит буоллахха, бу иккис бырайыагы көмүскээһин буолар. Ол эбэтэр бастакы бырайыак хайысхата развлекательнай видеоролигы көмүскээһин олунньу 16 күнүгэр буолбут эбит буоллаҕына, иккис бырайыак хайысхата — үөрэтэр видеоролигы уһулуу.
Оҕолор форум түмүгүнэн «Азия оҕолоро» оонньууларын пресс-киинигэр отбор аастылар. Бастыҥнартан бастыҥнар сайын бэс ыйын 25 кунуттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри «Азия оҕолоро» оонньууларын сонуннарын бүтүн өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа үрдүнэн киэҥник тарҕатар кыахтаннылар. Өссө таһаарылаах үлэлээх оҕолорго Москубаҕа ВДНХ быыстапкатыгар барар путёвкалары туттардылар, араас анал ааты ылан, оҕолор бириис, хайҕал сурук ылан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах дойдуларыгар, дьиэлэригэр бардылар.
Смена тухары «Бэс чагда» лааҕыр үлэһиттэрэ уонна «Бастыҥнар хамсааһыннара» патриотическай сыаллаах тэрээһиннэри ыытан, оҕолор уопуттарын хас да бүк хаҥаттылар.
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатыгар, «Бэс чагда» лааҕыр үлэһиттэригэр махтал, иһирэх тыллары тириэрдиэ этибит. Аныгыскы «СААС» медиа-форумҥа көрсүөххэ диэри!
Гаврил ПРОКОПЬЕВ,
VIII кылаас, Төҥүлү орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас.