Биһиги оскуолабыт саха биллиилээх суруйааччыта, поэт, прозаик Иван Егорович Федосеев-Доосо аатын сүгэр. Уйбаан Доосо — Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгиттэн төрүттээх, биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт.
Оскуолабыт иннитигэр турар Доосо бюст-пааматынньыгын кини оҕолоро, сиэннэрэ туруорбуттара.
«Кэскиллээх кэрэмэс суолбутун солуоҕуҥ, кэлимсэ түмсүүлээх биир ньыгыл буолуоҕуҥ», -диэн Доосо тыллара оскуола оҕолоро үүнэр –сайдар девизпит буолар. Бу тыллары хас бэнидиэнньик аайы гимни кытта тэҥҥэ этэбит.
Биллиилээх биир дойдулаахпытыгар анаан өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы тэрээһиннэри ыытабыт. Сыл ахсын «Доосо ааҕыылара» кэмпириэнсийэ буолар. Суруйааччы хоһооннорун ааҕыы, олоҕун, айар үлэтин сырдатар КВИЗ оонньуулар интэриэһинэйдик ааһаллар. Бу тэрээһиннэргэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кэтэхтэн эмиэ кытталлар. Быйыл Доосо хоһооннорун нууччалыы, омуктуу тылбаастааһын куонкуруһугар элбэх оҕо кыттыбыта.
«Доосо аатын сүгэр оскуолаҕа үөрэнэр оҕо суруйааччы хоһооннорун хайаан да билэр, ааҕар буолуохтаах” диэн сыалтан кини хоһооннорун кылааһынан күргүөмүнэн ааҕабыт.
Доосо төрөөбүт алааһа, Ныытырык, нэһилиэктэн ырааҕа суох сытар. Икки сыллааҕыта манна суруйааччы олоҕун сырдатар киинэ уһуллубута. Оскуола оҕолоро кини хоһооннорун аахпыттара.
Суруйааччы оҕолоро, сиэннэрэ биһиэхэ хас сыл ахсын күндү ыалдьыт буолан кэлэллэр. Доосо кинигэлэрин бэлэхтииллэр, кэмпириэнсийэ кыайыылаахтарыгар бирииһи олохтууллар.
Альмира Макарцова, Снежанна Решетникова, Ярослава Хоютанова,
IX «а» кылаас.
Дириҥ агро-оскуолата, Чурапчы.