Үөһээ Бүлүү улууһун Нам орто оскуолата саха норуодунай поэта, СӨ үтүөлээх үлэһитэ Петр Николаевич Тобуруокап аатын сүгэр. Тапталлаах суруйааччыбыт аатын үйэтитэр, оҕолору кинигэни ааҕарга уһуйар сыаллаах араас дьаһаллар сыллата ыытыллан кэллилэр.
Бу күһүн поэт төрөөбүт күнүгэр, алтынньы 25-гэр, учууталбыт Ю.Д. Протодьяконованы кытта кылааһынан П.Н Тобуруокап мусуой-уһаайбатыгар экскурсияҕа сылдьыбыппыт.
Истиэндэлэри, кинигэлэрин, остуолугар Пётр Николаевич луупата, уруучуката, ачыкыта, араадьыйата сытарын көрбүппүт. Бэйэтэ илиитинэн кумааҕыга суруйбут хоһоонноро баара. Мусуой үлэһитэ Галина Саввинова П.Н.Тобуруокап олоҕун, айымньыларын билиһиннэрбитэ, биктэриинэни ыыппыта.
Сэтинньигэ П.Н Тобуруокап хоһооннорунан литературнай биэчэр буолбута. Биһиги, бэһис кылаастар, кини хоһооннорунан дьүһүйүүгэ «Саҥа хаар» дьүһүйүүнэн кыттан, бастакы миэстэ ылбыппыт. Араас литературнай оонньууну оскуола библиотекара М. Г. Петрова бэрт интэриэһинэйдик ыытар. Ити курдук, П.Н.Тобуруокап аатын үйэтитэр араас үлэ-хамнас тохтообокко ыытыллар.
Ясмина Афанасьева, V кылаас.
Нам орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү.