Үөһээ Дьааҥы улууһун Баатаҕай орто оскуолатыгар Ийэ-тыл сурук-бичик күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр ыытыллан салҕана тураллар. Ол курдук олунньу 3 күнүгэр «Күн» түмсүү оҕолоро биир кэрэхсэбиллээх «Көҥүллээ, мин хомус тардыым» — диэн ааттаах айар уруогу ыыттылар. Уруоктарга биһиги оскуолабыт хомусчут оҕолоро ыалдьыттаатылар.
9-с кылаас үөрэнээччитэ Леонтий Антонов : «Хомус кыра уонна боростуой инструмент. Пианиноны кытта тэннээбэккин. Улуу мэлдьи боростуой буолар. Хомус лира курдук сыҥаахтаах уонна хаптаҕай тыллаах. Ол эрээри хайдах курдук этигэний, ырыаһытый. Хомус дуорайарыгар инструмент эрэ буолбакка, киһи тыыннаах этэ-хаана: тыҥата, хабарҕата, тииһэ, тыла, таҥалайа, тарбаҕа, тараһата — барыта кыттар. Онон хомуска оонньуур киьи олох бүтүннүү эрчиллэр, сынньанар, эмтэнэр диэххэ сөп. Хомуһу атас оҥостон, тарбаххытын, мэйии улэтин сайыннарыҥ. Төрөөбүт тылгытын — эһиэхэ ийэлээх аҕаҕыт биэрбит күнду бэлэхтэрэ, онтон хомус биһигини сахалыы тыынныырын умнумаҥ! Төрөөбүт тылбыт — көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр өбүгэбит барҕа баайа, хомуспут дьүрүһүйэр тыаһа айар дьоҕурбутун, тылбытын кытта ситимниир күүстээх» – диэн олус сэмэйдик оҕолорго бэйэтин санаатын иһитиннэрдэ уонна хомуска ситиһиилэрин туһунан сырдатта.
Онтон салгыы оҕолорго Леонтий хомус арааһын көрдөрдө уонна араас матыыптары тыаһатан дьүрүһүттэ.
Сынньалаҥҥа 6 «Б» кылаас уолаттара Айуран Иванов, Эрчимэн Аммосов уонна 4 «В» кылаас талааннаах уолаттара Сергей Колесов уонна Леонтий Антонов хомустуур бириэмэлэригэр оҕолор бука бары сахалыы үҥкүүнү толордулар, ол кэннэ Павел Слепцов доргуччу хоһоон аахта, кинини батыһан атыттар эмиэ аахтылар.
Оҕолор бүгүҥҥү күннэригэр хомус туһунан билиилэрэ-көрүүлэрэ өссө кэҥээтэ. Элбэх саҥаны үөрэттилэр. Сахалыы чуолкайдык саҥарарга, хоһоонноохтук ааҕарга үөрэннилэр.
А.Н.СТРУЧКОВА, Баатаҕай орто оскуолатын учуутала