Бүгүн, олунньу 4 күнүгэр, биһиги нэһилиэкпит оҕолоро үтүө санаа холобурун көрдөрдүлэр. Ол курдук тренер Александр Александрович Ларионов эрчийэр уолаттарын кытта доруобуйатынан хааччахтаах Владимир Ильич Даниловка 7 куб маһын сааһылаан биэрдилэр.
Үтүө хамсааһыҥҥа барыта 14 уол кыттыыны ылла. Уолаттар эт-хаан өттүнэн эрчиллэн, спордунан эрэ дьарыктанарынан муҥурдаммакка, көмөҕө наадыйар дьоҥҥо баҕа өттүнэн көмөлөһөллөр уонна: “Инникитин өссө да көмөлөһөр буолуохпут”, – дииллэр.
Ити курдук нэһилиэкпит оҕолоро үлэ уонна үтүө санаа үүнэр-сайдар суол буоларын билэ улааталлар.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас, Эмис орто оскуолата, Амма