Олунньу бастакы күнүттэн Баатаҕай орто оскуолатыгар «Күн» оҕолор түмсүүлэрэ
«Тыл — норуот кута — сүрэ, барҕа баайа, өйө-санаата уонна инники кэскилэ» диэн ааттаах Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаммыт тэрээһиммитин саҕалаатылар.
Бу тэрээһин уратыта диэн «Күн» түмсүү оҕолоро олунньу 13 күнүгэр диэри сахалыы айар уруоктары ыытыахтаахтара.
«Мин тылым — мин тохтор тойугум,
Мин тылым — мин туойар хомуһум.
Кэриэһим -кэннибэр хааларым,
Кэхтибэт кэрэкэ тылларым» — диэн туран хомусчут үөрэнээччилэрбит Инна Слепцова, Айуран Иванов, уонна Леонтий Антонов хомуска доҕуһуоллаан иһитиннэрдилэр.
«Таптаа, харыстаа төрөөбүт дойдугун!» — диэн тиэмэҕэ 6 «Б» кылаас үөрэнээччилэрэ Эрчимэн Аммосов уонна Айуран Иванов өбүгэлэрбит хаалларбыт үгэстэрин умнумуохха, төрөөбүт төрүт тылбытын харыстаан илдьэ сырыттахпытына эрэ, дойдубутугар тапталы күүһүрдэбит диэн уонна дойдутун харыстыыр киһи, хайаан да төрөөбүт төрүт тылын, олоҕун-дьаһаҕын, култууратын барытын билиэхтээҕин туһунан оҕолору кытта дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтиини ыыттылар. Онтон 6 «Б» кылаас үөрэнээччитэ Павел Слепцов Иван Гоголев «Саха тылынан» диэн хоһоонун доргуччу ааҕан иһитиннэрдэ.
Дьэ, ити курдук бастакы күммүт олус тэрээһиннээхтик, долгутуулаахтык саҕаланна.
Үөрэнээччибит Слепцов Павел былырыын ыстатыйатыгар суруйбут этэ:
«Бар дьонум, кыбыстыман сахалыы саҥараргытыттан, ыллыыргытыттан-туойаргытыттан! Таптаан төрөөбүт төрүт тылгытын, ытыктаан сахабыт култууратын, сайыннарын сахабыт тылын!» — бу тылларынан бүгүҥҥү айар уруоктарбыт түмүктэннилэр.
А.Н. Стручкова, Баатаҕай орто оскуолатын учуутала,
«Күн» оҕолор түмсүүлэрин салайааччыта