Номнуо 2017 сыл ааһан эрэр. Ыт сыла тосхойоро аҕыйах күн хаалла. Биһиги, Элгээйи орто оскуолатын V «А» кылааһын оҕолоро, 13 буолан үөрэх үрдүк чыпчаалыгар салайааччыбыт Лена Васильевна Ивановалыын талаһабыт, иллээх-эйэлээх буоларга өрүү кыһанабыт. Истиҥ доҕорбут «Кэскил» хаһыат ыытар үгүс тэрээһиннэригэр, куонкурустарыгар кыахпыт баарынан кыттабыт. Кэлэр сылы көрсө, сэмэй түмүктэри оҥостон, бэйэбитин билиһиннэрэргэ холоннубут.
Кылааспытыгар алта кыыс, сэттэ уол үөрэнэр. Варя Миронова, Игорь Петров, Анжела Яковлева – үөрэх туйгуннара. Биир туйгун кыыспыт Настя Мартынова быйылгыттан Сунтаар лиссиэйигэр көспүтэ.
Хас биирдии бэйэбит талаанын, кыаҕын туһанан, арыйан араас күрэхтэргэ, куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттабыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ аатырар А.Ф. Клакинова тэрийбит «Алгыс» үҥкүү ансаамбылыгар Нарыйаана Иванова, Анжела Яковлева, Вадим Иванов утумнаахтык дьарыктаналлар. Кинилэр нэһилиэк, улуус тэрээһиннэригэр, кэнсиэртэригэр, ыһыахтарга көхтөөхтүк кытталлар.
Кылаас, оскуола чиэһин сүүрүүгэ Вадим Иванов, Денис Игнатьев, Анита Прокопьева, Варя Миронова элбэхтик көмүскээтилэр. Остуол оонньууларыгар маҥнайгы кылаастан учууталбыт дьарыктаан, хаамыскаҕа, хабылыкка кылаас, оскуола чиэһин түөлбэҕэ, улууска күрэхтэһэн көмүскүүбүт.
Тустууктарбыт Денис Игнатьевынан, Алик Макаровынан, Семен Герасимовынан киэн туттабыт. Денис, Алик – улуус, өрөспүүбүлүкэ чемпионнара, призердара. Үһүөн 1-кы, 2-с, 3-с разрядтарын Саҥа дьылы көрсө толордулар. Боксанан Айсен Иванов дьарыктанан, үрдүк ситиһиилэрдээх: нэһилиэк, улуус, зона призера, чемпиона.
Кылааһынан бары дуобаттыырбытын, ону таһынан уолаттар саахыматтыырбытын ордоробут. Сылын аайы сэлиэнньэҕэ Тымныы Оҕонньор бирииһигэр дуобат күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттабыт. Биэс сылы быһа НПК араас күрэхтэригэр Варя, Игорь, Анжела, Вадим кытыннылар. Саамай үрдүк ситиһиилээх Игорьбыт. Кини ааспыт үөрэх дьылыгар «Я – исследователь» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ бастаан, Сочи куоракка Россиятааҕы күрэххэ барар путевканы ылбыта да, сааһа хапсыбакка барбатаҕа. Быйыл «Кэскилгэ хардыы» НПК-ҕа юниордарга улууска кыайан, үүнэр сылга тохсунньуга өрөспүүбүлүкэҕэ кытта барар буолла. Ситиһиилээхтик кыттыа диэн эрэнэбит.
Быйыл оскуолабытыгар саҥа сүүрээн киирдэ. «Саамай бастыҥ кылаас» диэн күрэх биллэриллибитэ. Үөрэхпит, ырааспыт, бэрээдэкпит барыта учуоттанар, анал экраҥҥа көстөр. Ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттарга өрүү бэлэммит. Күүс-көмө буолар төрөппүттэрбитигэр, кылааспыт салайааччытыгар махтанабыт. Үүнэр сылбыт үөрүүнү, сырдыгы, ситиһиини эрэ тосхойдун! Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!
«Я – юный журналист» куруһуок чилиэннэрэ.
Элгээйи, Сунтаар.