Сайын аайы биһиги дьиэ кэргэн ыстаадаҕа тахсабыт. Аҕабыт Иван Михайлович — биригэдьиир. Ийэм Мирена Яковлевна оскуола библиотекара, ол иһин оскуола оҕолорун ыстаадаҕа илдьэ иитээччинэн тахсар. Кини өссө повардыыр, табалары эмтиир, аҕабар көмөлөһөр.
Ыстаадаҕа тыһыынчаттан тахса табалаахпыт. Бэйэбит табаларбыт эмиэ бааллар. Биһиги оҕолор ахсыабыт. Бары сменанан табаларбытын маныыбыт. Улахан уолаттар түүҥҥү сменаҕа үлэлииллэр, биһиги кыралар күнүскүгэ сылдьабыт. Ону тэҥэ тугуттары ааҕабыт, эмтииллэригэр көмөлөһөбүт, оттор маһы бэлэмниибит, уу баһабыт. Маны тэҥэ чугас күөллэргэ, таас үрэхтэргэ балыктыыбыт. Улахан уолаттар улахан кыылга бултуурга сылдьыһаллар. Сурт аайы бастаан көһөн кэллэххэ айылҕа олус кыраһыабай буолар. Туундара сибэккитэ көрүөхтэн кэрэ, бэл үөнэ-көйүүрэ да атын. Көтөр-сүүрэр баһаам. Куобах оҕото, кус-хаас, улахан да кыыл элбэх. Бөрө, эһэ суола дьиэттэн чугас көстөр. Туруору таас хайаҕа атыыр да, оҕолоох да чубукулары көрөҕүн. Миигин улахан булка илдьэ барбаттарыттан мин наһаа хомойобун.
Мин уучаҕым аата Уолчаан диэн. Кинини бэйэм үөрэппитим. Табаҕа кинини миинэн сылдьабын. Уолчаан элэмэс, сүдээлэ сирэйэ, атаҕа маҥан. Кини наһаа кыраһыабай.Мин табаҕа аҕабынаан сылдьабын. Аҕам биригэдьиир буолан аһын-таҥаһын, отун-маһын, табатын дьаһайар үлэлээх. Киниэхэ биһиги убайбын Мишаны кытта көмөлөһөбүт. Ыстаадаҕа бары бииргэ дьиэ кэргэнинэн сылдьарбыт олус үчүгэй. Быйыл балтым Анеля оскуолаҕа киирдэ, кини эмиэ туһа киһитэ. Ийэбитигэр көмөлөһөр. Иһит сууйар, ас астаһар. Сир аһын, тэллэй луук, хомуйар. Сайыммыт биллибэккэ ааста. Ыстаадаттан кэлэрбитигэр бары даҕаны табаларбытыттан арахсыахпытын баҕарбатахпыт.
Андрей ДЬЯЧКОВСКАЙ,
II кылаас,
Бороҕон орто оскуолата, Булуҥ