Валерий Кузаков, «Голос. Дети» кыайыылааҕа уонна “Юная звезда” ырыа куонкуруһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин аатыттан кыттааччыта Саха сиригэр төрөөбүт эрээри, кыра эрдэҕинэ дьоно Москваҕа көһөн барбыттар.
– Валера, бэйэҕин билиһиннэр.
– Саха сиригэр Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм. Мин — сахабын, дьонум эмиэ сахалар. Билигин Москваҕа олоробун. Уон саастаахпын. Ыллыыбын, муусуканан дьарыктанабын. Дьиэ кэргэним сүрдээх эйэлээх, мэлдьи бииргэ сылдьабыт. Миэхэ куруук күүс-көмө, сүбэ-ама буолаллар. Ийэм, аҕам юридическай салалтаҕа үлэлииллэр.
Саха сирин киэн туттуута
– Муусука эйгэтигэр хаһааҥҥыттан эрчиллэн саҕалаабыккыный?
– Биэбэйиккэ сылдьыахпыттан ыллыыр этим. Дьиэбэр ырыа бөҕөтүн үөрэтэн кэлэрим. Араас ырыаны араадьыйаҕа истэн, үтүктэр буолбутум. Ийэм ону бэлиэтии көрөн, вокал куруһуогар суруйтарбыта. Онно сылдьан фортепианоҕа оонньуурга үөрэммитим.
– Оттон сыанаҕа аан бастаан хайдах тахсыбыккыный?
– «Мой папа хороший» ырыаны сөбүлээн толорорум. Красная Пахра нэһилиэккэ ыллаабытым. Дьарыктаах уонна бэйэбэр эрэллээх буолан соччо долгуйбатаҕым. Кэнсиэр хайдах ыытылларын эҥин билэр буоламмын, сыанаттан куттаммаппын ээ.
– «Юная Звезда» күрэх хайдах ааспытай?
– Онно Муслим Магомаев “Синяя вечность” диэн лирическэй ырыатын толорбутум. Дьүүллүүр сүбэ миэхэ 100 баалы туруобута уонна: “Үрдүк ноталары бэркэ ыллыҥ”, – диэн хайҕаан, мин бастаабытым. Бу ситиһиим миигин улахан сыанаҕа таһаарбыта.
– Күҥҥэ хаста дьарыктанаҕын?
– Билигин кыратык миэхэ сынньалаҥ. Ол да буоллар ыллыыбын. Бастаан күҥҥэ биир чаас эрчиллэр этим. Оттон быйыл вокалга дьарыгым икки чаас уһаабыта. Онно дьиэбиттэн айанныырга ыраах. Хата, аҕам миигин масыынанан илдьээччи. Муусука миэхэ билигин үлэ курдук. Саҥаттан саҥа ырыаны үөрэтэн, киһи сылайбат. Ырыаны, муусуканы олоҕум аргыһа оҥостуом.
– Үөрэҕин хайдаҕый?
– Мин билигин М.И. Глинка аатынан муусука оскуолатыгар үөрэнэбин. III кылааһы бүтэрдим. Сөбүлүүр уруоктарым – математика уонна физкультура. Маҥнайгы кылаастан туйгун үөрэнээччибин. Үөрэҕи муусуканы кытта бииргэ ситимнээн сылдьабын.
– Сөбүлүүр ырыаһытын кимий?
– Муслим Магомаев. Мин төрөппүттэрим аныгы ырыалары наһаа сөбүлээбэттэр. Ол иһин миигин классиканы иһит диэн сүбэлээбиттэрэ. Бастаан «Бременские музыканты» мультикка «Луч солнца золотого» диэн ырыатын истибитим. Оттон сэргээн, Интэриниэккэ атын ырыаларын көрдөөн булбутум.Пласидо Доминго диэн аан дойгуга биллибит ырыаһыты кытта биир сыанаҕа ыллыыр баҕа санаалаахпын.
– Муусукаттан ураты тугунан дьарыктанаҕын?
– Футболу сөбүлүүбүн. Аан дойдуга – «Ювентус», Россияҕа – ЦСКА. Мин дьиэм таһыгар хонууга доҕотторбун кытта мээчиктээччибит. Арай биирдэ биир муусука куонкуруһугар ыллаан, оонньоон кыттыахтаах этим. Ону мин футболлуу сылдьан, илиибин өлөрбүтүм. Онно ийэм: «Аны оонньообоккун», — диэн эппитэ.
– «Голос. Дети» куонкурус туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Бу бырайыакка иккитэ холонон турардаахпын. Былырыын дьолбун ситиһээри, кастинг биллэрбиттэригэр кытынным. Видео түһүмэҕин этэҥҥэ ааспытым. Истиигэ кэлбитим, ыллаабытым, кыайан куонкуруска киирбэтэҕим. «Голос. Дети» кыттарга миигин Любовь Казарновская, опера ырыаһыта сүбэлээбитэ. Кини маастар кылааһыгар сылдьан, мин хайдах ыллыырбын истибитэ уонна айылҕаттан бэриллибит талааннаах эбиккин диэн сыаналаабыта. Ону кини бу куонкуруска киирбэтэхпин билэн, миигин куруһуогар дьарыктаары ыҥырбыта. Онно сылдьан, 2018 сыл саҕаланыыта «Синяя птица» күрэххэ «Вдоль по Питерской» диэн ырыанан кыттыбытым.
Оттон ол кэннэ элбэх араас куонкурустарга киирсэн, бу сылга көрдөрүүм үрдээтэ, элбэҕи ситистим диэн «Голос. Дети» иккистээн сайаапкабын биэрбитим. Маҥнайгы түһүмэхтэри ааһан, бүтэйдии истиигэ диэри тиийбитим. Мин кыттар сылбар наһаа күүстээх, талааннаах оҕолор кэлбиттэр этэ. Онон мин бэйэбэр эрэллээх, сытыы-хотуу, кэпсэтинньэҥ, туохтан да толлубат уол оҕото буоллаҕым дии.
– Куонкурус уһулларын, оҥоһулларын ис иһиттэн көрдөххө хайдаҕый?
– Кыттааччылар олус көхтөөхтөр, талааннаахтар, чаҕылхайдар. Бука бары биир сомоҕо буолан сырыттбыт. Кимниин да куоталаспакка, кимиэхэ да тэҥнэһэ сатаабакка, бу кэми туһалаахтык атаардым. Миша Григорян Армения уолун кытта доҕордостум. Ержан Максимныын сыһыаммыт үчүгэй этэ. Кини нууччалыы саҥарарыгар олус ыарырҕатар уонна арай биирдэ этэр: “Валера, мин ийэм эн ыллыыргын олус сөбүлүүр”. Ону истэн, үөрбүтүм аҕай.
Биэриини усталлара ыарахан соҕус этэ. Күҥҥэ уон чаас бэлэмнэнэбит. Сарсыарда эрдэ кэлэбит. Таҥнабыт, оҥостобут, бастакы, иккис уһуллуу буолар. Оттон эбиэт кэннэ генеральнай бэлэм саҕанар. Ол кэнниттэн биирдэ киэһэ 10 чааска быһа эфирга тахсабыт. Онно биэрии кэмигэр араас тыастар иһиллэллэр. Ону барытын билиэхтээхпит. Ыллыы сылдьан, хайа камераҕа көрөрбүтүн эмиэ өйдүөхтээхпит. Ынырык уустук үлэ.
– Бу күрэххэ кыайбыккын хайдах ылыннын?
– Бастаан финалга киирбитим. Ону олус үрдүктүк сыаналаабытым. Оттон «Первый канал» иккистээн түмүгү таһаарбытыгар, 9 оҕо бары кыайыылаах буолбуппут. Бу куонкурус миэхэ хаһан даҕаны умнуллубат түгэнинэн буолар. Хас биирдии финалга киирбит оҕо кыайыыга дьулуурдаах этэ.
Павел Ильин.