Сэтинньи ый 18 күнүгэр С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар «WorldSkills Russia» «Медицинский и социальный уход» компетенцията үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Бу күрэххэ С.Г. Ковров аатынан Күөрэлээх орто оскуолатыттан, Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятыттан уонна С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыттан уопсайа 5 үөрэнээччи кыттыыны ылла.
Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтарынан ааттаннылар:
1 миэстэ — Күннэй Терентьева, Күөрэлээх орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ.
2 миэстэ — Сайаана Пахомова, Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятын 9-а кылааһын үөрэнээччитэ, Л.Е. Лукина аатынан эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччитэ.
3 миэстэ — Саша Волков, Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятын 9-а кылааһын үөрэнээччитэ.
Күрэх кыттыылаахтарын, кыайыылаахтарын, кинилэр салайааччыларын, төрөппүттэрин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Бу компетенцияны иилээн-саҕалаан ыытыспыт эбии үөрэхтээһин киинин педагогар Марина Петровна Жирковаҕа улаханнык махтанабыт.
«Кэскил» медиа-оскуола, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолата.