Аппарат Государственного Собрания (Ил Тyмэн) РС (Я),
редакция детских газет «Кэскил», «Юность Севера»
объявляют республиканский конкурс на лучший перевод произведения
с якутского на русский и с русского на якутский языки
ВОЛШЕБНОЕ СЛОВО
Конкурс посвящен памяти талантливого переводчика, выпускницы Московского литературного института им. М. Горького, заслуженного работника культуры РС (Я), отличника печати РС (Я), члена Союзов писателей и журналистов России, лауреата Большой литературной премии им. Эдуарда Володина II степени, действительного государственного советника I класса РС (Я) Марии Егоровны Алексеевой. Именно Мария Егоровна в 1988 году перевела газету «Бэлэм буол» (ныне «Кэскил») на русский язык.
Сроки проведения: до 28 февраля 2019 года.
Основные требования:
– произведения на перевод прилагаются;
– принимают участие учащиеся VIII-XI классов;
– конкурсант не должен прибегать к помощи взрослых и учителей;
– в конце работы должны быть указаны ФИО участника, класс, адрес, телефон, адрес электронной почты, ФИО руководителя;
– работа должна быть завершенной;
– поступившие работы не возвращаются;
– I, II, III места будут определены отдельно за перевод с якутского на русский и с русского на якутский. Победителям будут вручены премии, а всем участникам – сертификаты участия. Лучшие работы будут опубликованы на страницах газет «Кэскил», «Юность Севера».
Жюри обратит особое внимание на содержание, раскрытие темы, оригинальность, умелое использование слов.
Конкурсные работы можно отправить через посыльных или на электронную почту редакции. Итоги конкурса будут напечатаны в газете «Юность Севера» в марте 2019 года.
Наш адрес: 677027, г. Якутск, ул. Орджоникидзе, 31, редакция газет «Кэскил», «Юность Севера».
E-mail: keskil@sakhanet.ru
Телефоны для справок:
42-35-56 (факс), 42-31-51.
Для перевода мы предлагаем произведения, которые поступили в 2016 году на закрытый литературный конкурс «Айар ыллык». С якутского на русский – сказка ученицы XI класса СОШ № 14 г. Якутска Виктории Максимовой «Ньургуйаана уонна Ыстапаан», с русского на якутский – «Сказка о трёх сестрах», написанная Олей Иевлевой, ученицей VIII класса СОШ № 9 им. Р.В. Лонкунова села Тас-Юрях Мирнинского района.
Желаем всем удачи!
Организаторы.
Ньургуйаана уонна Ыстапаан
(остуоруйа)
Бэрт элбэх сүөһүлээх Бардам Баһылай диэн баай киһи олорбута үһү. Сүөһүлэрин хамначчыттара түүннэри-күнүстэри көрөллөр-истэллэр. Кэргэнэ Маайа үтүө санаалааҕын, ыраас хааннааҕын, чэбэр туттуулааҕын ааһан, олус бэркэ иистэнэр эбит. Кинилэр Ньургуйаана диэн суос-соҕотох мааны кыыстаахтар. Хамначчыттара Уус Ньукулай уонна кини кэргэнэ Балбаара Ыстапаан диэн уоллаахтар. Кини, аҕатын курдук, маһы, тимири эрэ хамсаппат уус бэрдэ эбит. Ол да иһин Уус Ыстапаан диэн ааттаах.
Кэрэ сэбэрэлээх, киэҥ харахтаах, намылыйар уп-уһун суһуохтаах, уурбут-туппут курдук эттээх-сииннээх Ньургуйаана уонна Ыстапаан икки ардыларыгар иэйии истиҥ сыһыана олохтонор. Бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһэллэрин дьонноруттан кистииллэр эрээри, кыыс аҕата эдэр дьон сыһыаннарын бүтэйдии сэрэйэр, кыыһа дьадаҥы уолга санаата сытарын сөбүлээбэт.
Бардам Баһылай, биирдэ кыыстаах уол кэпсэтэ туралларын көрөн, кыыһын ыҥыран ылан:
– Ити хамначчыт уолу кытта тугу гына тураҕын? Кини туга да суох, киниэхэ кэргэн таҕыстаххына, хоргуйан өлүөҥ! – кытаанахтык бардьыгынаабыт.
Кыыс, эр хаанын ылынан, аҕатын утары көрөн туран, уолу сөбүлүүрүн эппит. Бардам Баһылай кыыһыран, кыыһын хаппахчыга таһыттан хатаан, хас да күн олордубут. Онтон “Өйүн-төйүн булла ини?” дии санаан, кыыһын босхолообут.
Бэйэ-бэйэлэрин истиҥник таптаһар Ньургуйааналаах Ыстапаан биир сарсыарда дьиэлэриттэн күрээн хаалбыттар. Бардам Баһылай сорук-боллур уолаттарынан көрдөппүт да, аттанан-атыырданан барбыт чаҕардара булбакка төннүбүттэр. Оттон уоллаах кыыс атах балай бараннар, кэрэ айылҕалаах, балык сэмсиир, кус-хаас сөбүлээн түһэр күөллээх, тулата бүтүннүү хойуу оттоох-мастаах алааска тохтоон, балаҕан туттан олороллор. Кинилэр ханна баалларын Ыстапаан аҕата Уус Ньукулай эрэ билэр. Кини уонунан сылларга босхо хамначчыттаабыт соболоҥор бэриллибит ньирэйдээх ынаҕын уолун аахха кистээн илдьибит. Онтун Бардам Баһылайга: «Ынаҕым ньирэйин илдьэ мэлийэн хаалла. Арааһа, уулуу киирэн баран, ууга түстэҕэ», – диэбит.
Кыыстаах уол, дьылы баттаһа от оттоон, мас мастаан, эбэлэриттэн балык бэриһиннэрэн, быр-бааччы олорбуттар. Утуу-субуу омугу дэлэтэр айылгылаах уол, кэрэни үксэтэр кыыс оҕоломмуттар. Ыстапаан дьоно хамначчыт ыарахан үлэтин быыһыгар, Бардам Баһылайтан чып кистэлэҥинэн, оҕолоругар кэлэн, икки сиэннэрин эр-биир көтөҕөн, сыллаан, таптаан, манньыйан бараллар эбит. Биирдэ өссө кэһиилэрин ыт оҕотун аҕалбыттар. Ыттара улаатан, сүрдээх булчут буолбут.
Төһө уһуннук олорбуттара биллибэт. Арай биир үтүө күн Бардам Баһылай кыыһа аах ханна олороллорун кимтэн эрэ билбит. Хаана тардан, кыыһа хайдах олорорун билиэн-көрүөн баҕарбыт. Уһуннук айаннаан, ыйбыт сирдэригэр ала-чуо кэлбит. Бөҕө-таҕа тутуулаах балаҕан үөлэһинэн буруо унаарара, тэлгэһэҕэ ыт үрэн моргуйара, түптэ унаар буруота муннуга саба биэрэрэ, ынах маҥырыыра сүрэҕин-быарын иһинэн киирэргэ дылы гыммыт. Аан боруогун атыллаан, иһирдьэ киирбитэ, кыыһа ас астыы сылдьар эбит. Оттон кэргэнэ Ыстапаан оһоҕун иннигэр бөдөҥ соболору хастыы олорор. Хороччу улаатан эрэр уолчаан аҕатыгар көмөлөһөн, сытыы быһыччанан собону үөстүүр. Сыллаан, таптаан улаатыннарбыт собус-соҕотох Ньургуйаанатын кыра эрдэҕинээҕитин үүт-үкчү санатар кыракый кыысчаан ийэтигэр сөрүөстэн, тастан киирбит билбэт ыалдьытын атыҥыраабыттыы, харааччы көрөн турар. Бардам Баһылай маны көрөн, сүрэҕэ ууллар, атаҕа бокус гынар, туох эрэ кытаанах күөмэйин туора турар. Били суолу быһа мөҕүттүбүтэ, үнтү кыыһырбыта, дьэбин уостубута ханан да суох буола түһэр. Сиэннэрин, тапталлаах кыыһын, кыратыттан көрө үөрэммит күтүөтүн көрөн, санаата тосту уларыйар, оҕолоро олохтоохтук оҥостубуттарын көрөн, бардам санаата сымныыр.
Ити кэмтэн ыла бу үс ыал икки ардыгар үтүө эйгэлээх сыһыан үөскүүр, хардарыта сырыы сыыдамсыйар, ыалдьыттаһыы элбиир, эйэлээх олох укулаата оҥоһуллар. Ону бигэргэтэн, Ньургуйааналаах Ыстапаан ийэлээх аҕаларыгар өссө түөрт сиэни эбии бэлэхтээн, икки төгүл элбээн, үүнэн-тэнийэн барбыттара эбитэ үһү.
Виктория
МАКСИМОВА,
XI кылаас,
14 №-дээх оскуола.
Дьокуускай.
СКАЗКА О ТРЕХ СЕСТРАХ
Жили-были три сестры: остроумная Мичийэ Куо, капризная и очень себялюбивая Ыйдаана, и самая младшая из сестер, красавица Сулустаана. Жили они в глуши, где зимой земля блестит от белоснежного снега, словно алмазами усыпанная. А весной прилетали с юга стаи птиц, расцветали повсюду первые цветы – нежные бархатные подснежники. Ну, а летом – разноцветие полевых цветов, которое в последствии самовольно превращалось в волшебный радужный коврик. Осенью жители в округе дружно собирали урожай и ходили по ягоды.
В одну из зимних холодных ночей Ыйдаана зашла в комнату сестры, где Сулустаана плела свои длинные косы. Ыйдаана выхватила зеркало сестры и стала спорить, кто из них краше.
– Я красивее и умнее тебя! – сказала она, не отводя глаз от зеркала.
Сулустаана сначала не обратила на нее внимание, но Ыйдаана стала дергать ее за волосы. Тут-то сестра и разозлилась. Разбушевавшиеся сестры разбудили мирно спящую Мичийэ. Проснувшись, она стала играть на хомусе, чтобы заглушить голоса разъяренных сестер. И вдруг на звук музыкального инструмента из ниоткуда появилась старушка! Она поблагодарила девушку за прекрасную игру и в знак благодарности подарила ей не простую, а необыкновенную книгу. Ведь она была написана на непонятном для людей языке. На первой странице были нарисованы люди, которые разжигали огромные костры, чтобы в темноте не потерять своих оленей. Блики пламени были разноцветными, они словно переливались красными, синими и зелеными цветами…
И когда Мичийэ отвернулась, чтобы поблагодарить человека в преклонном возрасте, ее на том самом месте не оказалось… Исчезла в никуда, словно ее и не было вовсе.
Когда девушка вновь начала играть на хомусе, книга вдруг сама открылась! И в это время каким-то странным образом за окном стало очень светло, небо превратилось в огненный шлейф, словно искры вот-вот посыпятся на их головы. Мичийэ с неимоверным интересом взглянула туда и увидела завораживающую картину! Это были блики разноцветия северного сияния.
Мичийе это все очень понравилось, и решила она уйти из дому, чтобы жить рядом со звездами. Она взяла с собой только хомус и подаренную пожилой женщиной книгу.
И с тех пор в самые прохладные и морозные ночи девушка открывает свою волшебную книгу и начинает играть на хомусе, даруя нам одно из прекрасных природных явлений – северное сияние.
Оля ИЕВЛЕВА,
VIII класс, СОШ № 9
имени Р.В. Лонкунова.
с. Тас-Юрях,
Мирнинский район.
3 3
Дорооболоруҥ кыттыы иһин сертификаты хантан,хайдах ылабытый?
Редакцияттан
Үтүө күнүнэн! Тылбаас түмүгүн олох булан көрбөккө сылдьабыт