Саха сиригэр Олоҥхо ыһыаҕа быйыл 17-с төгүлүн ыытылынна. Бу улахан тэрээһин Амма улууһугар бэс ыйын 20-21 күннэригэр буолан ааста.
https://vk.com/clip-199463452_456241684?c=1
https://vk.com/clip-199463452_456241665?c=1
https://vk.com/wall-199463452_20582
Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээхтик арыйыы Муона Чараҥар ыытылынна. Ил Дархаммытын Айсен Сергеевич Николаевы кытта мааны түһүлгэҕэ олороммут Амма ааттаах олоҥхоһута Устин Гаврильевич Нохсоров “Дыырай Бэргэн” олоҥхотунан туруоруллубут дьүһүйүүнү көрдүбүт. Орто дойду олоҕун кэрэтин, айыы киһитин үтүө санаатын, сырдык хараҥа күүһү кыайарын, айыы бухатыыра биһигини араҥаччылыыр киэҥ санаатын – барытын түмэн көрдөрдүлэр. Бииртэн биир дьикти көстүү тахсан истэ.
Биһиги цирканы аренаҕа эрэ көрө үөрэммит буоллахпытына, бу сырыыга циркэни олоҥхо тэтимигэр киллэрэн биэрбиттэр. Айыы дьонун уобараһыгар киирбит акробаттар күөх хонууга, үрдүк халлааҥҥа наһаа кэрэтик көһүннүлэр. Абааһы аймаҕын хара санаата сып-сырдык, чап-чаҕылхай күнү кырдьыктыы сабардаабыт курдук буолла.
Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээх арыллыытыгар Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев Саха сирэ төрүт култууратын олус күүскэ тутан олорорун туһунан эттэ. Бэс ыйын 18 күнүгэр Россия Президенэ Владимир Владимирович Путин Саха сиригэр кэлэ сылдьан бэлиэтээн эппит. Ол туһунан Айсен Сергеевич Николаев маннык эттэ:
– Россия Президенэ Владимир Владимирович Путин Дьокуускай куоракка кэлэ сылдьан, биһиги ыытар үлэбитин, Саха сирин үлэтин былаанын көрөн баран: “Эһиги бэйэҕит култуураҕытын харыстаан илдьэ сылдьаргыт олус үчүгэй. Уонна ону барытын эдэр көлүөнэҕэ, үүнэр ыччакка тиэрдэргит көстөр.
Ол иһин мин махталбын, мин эһигинэн киэн туттуубун национальнай бырааһынньыкка Ыһыахха элбэх норуот түмсэн олорор Саха сирин дьонугар тиэрдээр”, – диэн эппитэ.
Ити тыллартан миэхэ саха буоларбынан киэн туттуу санаата үөскээтэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Николаевич Жирков Олоҥхо ыһыаҕынан Амма дьонун, ыраахтан-чугастан ыҥырыллан кэлбит ыалдьыттары барыбытын эҕэрдэлээтэ. Кини саха циркэтин салайааччыта Сергей Расторгуев Устин Нохсоороп олоҥхотунан туруорбут дьүһүйүүтүн көрөн баран олус чугастык ылыммыт.
– Ити Айталыы Куо барахсан курдук, ити Сылгы уола Дыырай Бэргэн курдук саха омук дьылҕата эмиэ өрө күүрүүлээх, үөрүүлээх күннэрдээх, эмиэ кутурҕаннаах, хомолтолоох күннэрдээх. Ону барытын кыайан, өлбөт өйдөнөн саха омуга былыр-былыргыттан оччоттон баччаҕа диэри тиийэн кэллэҕэ.
Бэйэтин ыарахан кэмнэригэр кини Ийэ олоҥхотун, үтүөҕэ тардыһыытын өрө тутан олоҕун уйгутун оҥостон кэллэҕэ. Биһиги көргө-нарга улаханнык умньамматах, үөрэммэтэх омук былыр-былыргыттан олоҥхобутун харыстаан, бүөбэйдээн илдьэ кэлбиппит күн бүгүн биһигини түмэн илдьэ сылдьар, – диэн эттэ.
Александр Николаевич Амманы «Ытык сир» диэн бэлиэтээн эттэ.
– Амма былыр-былыргыттан дьон-сэргэ таптаан сөбүлээн олохсуйбут сирэ-дойдута. Бу Амма сиригэр-уотугар туос маллаах-саллаах, туой оҥоһуктаах, тимир сэптээх-сэбиргэллээх омуктар кэлэн олохсуйбуттарын бэлиэтэ тыһыынча сыл анараа өттүнээҕи кэмнэргэ көстөр.
Оччоттон баччаҕа диэри киэҥ Амма сиригэр саха тыллаах саҥата, саха тойуга, олоҥхото, хомус ырыата иһиллэн кэлбит буолуохтаах.
Оннук уйгулаах-быйаҥнаах, оннук сымнаҕас, сайаҕас сирдээх-уоттаах, улуу олоҥхоһуттар, сээркээн сэһэнньиттэр, хорсун хоодуот дьоннор дойдулара буолар Амма сирэ, – диэн санаатын эттэ.
Александр Николаевич Жирков эппитин истэн бараммын, чахчы даҕаны мин ытык Амма сиригэр үктэнэн турар эбиппин диэн киэн тутта санаатым.
Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар дьон-сэргэ улаханнык бэлмэнэммитэ көстөр. Муона Чараҥар элбэх тутуу барбыт. Ол барыта сып-сырдыктык көстөр. Кырдьык, олоҥхо дойдутун курдук.
Арина СОТНИКОВА, Х кылаас, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията
Гаврил Прокопьев хаартыскалара
Видео ааптардара:
Гаврил Прокопьев, А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас;
Изольда Харлампьева, Х кылаас, А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы