Бу кыһын «Мин таптыыр спутнигым» диэн телесериалы дьон-аймах олус сөбүлээн көрдө. Хомойуох иһин, киинэбит соччото суохтук түмүктэммититтэн бары да мунаарбыппыт. Онтубут өссө салгыы сериялаах буолан биэрбитэ. Онон куорат олохтоохторо биир бастакынан «дьэ, туох буолар эбит?» диэн санаалаах киинэ тыйаатырдарыгар сүүрбүппүт. Кырачаан кыыс Күннэй оруола бу киинэ сүрүн «баайыыта» буолуоҕун киһи эрдэ сэрэйбэт да этэ.
Бу киинэҕэ Күннэй бэйэтэ эрэ оонньообот, кини ийэтэ эмиэ баар. Лана диэн Уйгууна дьүөгэтин оонньуур. Кинилэр иккиэн кимнээх эбиттэрий?
Күннэй дьиҥнээх аата эмиэ Күннэй. Кини быйыл П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар аат. Хатастааҕы орто оскуола боруогун атыллаата. I “а» кылаас үөрэнээччитэ.
-Күннэй, быйыл саҥа оскуолаҕа киирбиккин. Оскуола үөрэнээччитэ хайдах буолуохтаах эбит дии санаатыҥ?
-Үөрэнээччи бэрээдэктээх, уруокка айдаарбат, оонньообот, ыраас туттуулаах буолуохтаах.
-Ханнык уруоктары саамай сөбүлээтиҥ?
—Математиканы уонна азбуканы.
-Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаргын ордороҕун?
-Ийэм үлэтигэр, кулуупка, сылдьарбын сөбүлүүбүн. Уруһуйдуубун, мультик көрөбүн уонна музыкальнай оскуолаҕа үҥкүүгэ дьарыктанабын.
-Киинэҕэ оонньуур хайдах эбитий? Ыарахан дуо?
-Ыарахан соҕус дии санаатым. Тиэкискин үөрэтэргэ, хамсанарга, атын каадыр уһулларыгар саһарга, ыйыттахтарына эппиэттииргэ.
-Телевизорга бэйэҕин көрөн туох санаа кэллэ?
-«Ити кырдьык мин дуо?» дии санаабытым. Хас көһүннэҕим аайы үөрэр, саҥа аллайар этим.
-Күннэй, улааттаххына ким буолуоххун баҕараҕын?
-Эбэм курдук быраас буолуохпун баҕарабын. Дьону эмтээн үтүөрдүөм этэ.
-Саамай улахан баҕа санааҥ тугуй?
-Саҥа төлөпүөннэниэхпин, ону тэҥэ балетынан дьарыктаныахпын баҕарабын.
Күннэй сытыы-хотуу, күлэн-үөрэн эппиэттиир, булугас өйдөөх кыысчаан. Кини ыал үһүс оҕото. Константиновтар дьиэ кэргэн туһунан сиһилии билээри ыал ийэтэ Виленаттан туоһуластым. Кини Хатаска «Тускул» култуура дьиэтигэр уус-уран салайааччынан үлэлиир.
— Вилена, эн киинэҕэ бастакы холонууҥ дуо? Ити оруолга хайдах талылынныҥ?
— Мин аҕыйах сыллааҕыта «Күдээринэ күүрээн» диэн телесериалга кыра эпизодка уһуллан ааспытым. «Мин таптыыр спутнигым» киинэҕэ эмиэ кыра эпизодка оонньотоору «Сериаллар» студия салайааччыта Марфа Пермякова эрийэн: «Эйиэхэ сөптөөх оруол баар, эйигин көрөбүт», — диэбитэ. Мин тута сөбүлэспитим.
— Олус сытыы-хотуу, бэһиэлэй оруолу оонньуугун. Ол аата дьиҥ олоххор эмиэ оннугун буолуо?
— Итиннэ өссө холку соҕуспун дии саныыбын ээ. Дьиҥ олохпор быдан сытыыбын-хотуубун (күлэр).
— Эһиги дьиэ кэргэн хас оҕолооххутуй?
— Биһиги 4 оҕолоохпут: икки уол, икки кыыс. Улахан кыыспыт устудьуон, улахан уол 7-с кылаас, онтон Күннэй кэлэр уонна кыра уолбут Ньургун 5 саастаах.
— Эн кэргэниҥ, аҕаҕыт Виктор устудьуоннуу сылдьан «Сэргэлээх уоттара» телесериалга биир сүрүн оруолу оонньообутун өйдүүбүн. Ол туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
— Оннук, биһиги аҕабыт ол кэми наһаа үчүгэйдик ахтар. Устудьуоннуур сылларыга биир умнуллубат кэминэн буолар. Бары бииргэ үөрэнэр уолаттара буолан уһуллубуттар. Онон олус бэһиэлэйдик, чэпчэкитик барбыта диэн кэпсиир. Витя онно Ньургун диэн уолу оонньообута. Кыра уолбутун ол уол аатынан ааттаабыппыт. Оннук күүскэ сылаас, истиҥ өйдөбүллэри хаалларбыт сериал буолар. Мин устудьуоннуу сылдьан тоҕо эрэ көрбөккө хаалбытым. Кэнники 1-2 серияны көрбүппүт дьиэ кэргэнинэн, онно оҕолор: «Аҕабыт олох уларыйбатах эбит дии!» диэн соһуйбуттара аҕай. Сериалы барытын көрөр баҕа баар.
— Дьиэ кэргэҥҥит туһунан кэпсээ. Туох үтүө үгэстэрдээххитий? Туох дьарыктааххытый?
— Биһиги икки оҕобут улахан буоланнар олус табыгастаах. Оҕолорун көрсөн абырыыллар. Дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сылдьарбытын туохтааҕар да сөбүлүүбүт. Аҕабыт бултуур, биһиги сир астыыбыт. Оҕолорбутун кыраларыттан илдьэ сылдьабыт. Уус Алдаҥҥа эбэбит аах сайылыктарыгар хайаан да нэдиэлэ курдук тиийэн сынньанабыт. Онно эбэлээх эһэбит туппут сахалыы балаҕаннарыгар олоробут, интэриниэттэн, төлөпүөнтэн сынньанабыт, айылҕаны кытта ыкса алтыһан астынан-дуоһуйан төннөбүт.
Оҕолорбут төрөөбүт күннэрин хайаатар да ылабыт, ону тэҥэ сайыны быһа көрбүт-харайбыт оҕуруоппут аһа хомулуннаҕына, күһүн аайы алаадьылаан, ис миинэ буһаран бырааһынньыктыыбыт. Ону тэҥэ кэргэммин кытта «V&V” диэн кыра мастарыскыайдаахпыт, онно сакааһынан уһанабыт, фанераттан быһан арааһы оҥоробут, ону таһынан тэрээһиннэри киэргэлинэн симиибит.
— Элбэх оҕолоох ыал оҕо иитиигэр саамай тугу өрө тутаҕыт, тутуһаҕыт?
— Саамай сүрүнэ оҕо үчүгэйи, куһаҕаны араара үөрэниэхтээх. Бэйэлэрин санааларын сайа этэллэригэр үөрэтэбит, көҥүллүк талларабыт. Ону таһынан, биллэн турар, саха дьоно буоларбыт быһыытынан итэҕэлбитин өрө тутабыт буоллаҕа. Айылҕаҕа, иччилэргэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга, куруук махтана сылдьарга иитэбит, үөрэтэбит.
Дьиэ кэргэн дьоло туохтан тутулуктаах дии саныыгын?
— Бука бары бииргэ бэйэ-бэйэни өйөнсөн, өйдөһөн сылдьыыга дьол сыттаҕа дии…
Маннык дириҥ ис хоһоонноох этиинэн Константиновтар ыал ийэлэрэ Вилена кэпсээнин түмүктүүр.
Иллээх-эйэлээх саха мааны ыалыгар дьоллоох олоҕу баҕарыаҕыҥ! Өссө да дьон сөбүлээн көрөр киинэтигэр сэргэх геройдарга эһигини күүтэ хаалабыт.
Кэпсэттэ Вера Петрова