Иккис кынаты үүннэрэн
Француз тылынан аан дойдуга 200 мөлүйүөнтэн тахса киһи саҥарар. Сүүрбэ тоҕус дойдуга француз тыла ылыныллыбыт тыл. ХНТ уонна “ЮНЕСКО” оробуочай тыллара.
Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр 1994 сыллаахха саҥа тэриллибит саха-француз оскуола үлэтэ-хамнаһа француз тылын учуутала Надежда Николаевна Макарова үлэтин уопутугар тирэҕирэн, кыра саастаах оҕолорго улуу француз тылын үөрэтииттэн саҕаламмыта. Хамаҕатта орто оскуолатыгар Надежда Николаевна 6-7 саастаах кырачаан оҕолору омуктуу саҥарарга үөрэтэр ньыматын ол саҕанааҕы үөрэх миниистирэ Е.П. Жирков, Франция Правительствотын тылга үөрэхтээһинин салаатын атташета мадам Сильви Дуано, уруокка сылдьан оҕолор французтуу саҥаралларын, омук тылы үөрэтэргэ баҕалаахтарын көрө-истэ олороннор, төрөөбүт тылга олоҕуран, французтуу тылы дириҥэтэн үөрэтэргэ этии киллэрбиттэрэ. Ол күнтэн ыла үлэ күөстүү оргуйбута, саҥаттан саҥа көрүүлэр, технологиялар, методикалар күүстээхтик олоххо киирбиттэрэ. 1994 сыллаахха “Ecoles des Roshes” диэн Францияҕа биллэр чааһынай оскуола дириэктэрэ Марк Клод Каминскайы кытта бииргэ үлэлэһии туһунан дуогабар түһэрсиллибитэ. Үлэ түмүгүнэн, бастакы хараҥаччылар – оҕолор, учууталлар 1996 с. стажировкаҕа айаннаабыттара, ыраах Саха сиригэр олорон, сөбүлээн үөрэтэр француз тылларын дойдутун, Францияны илэ харахтарынан көрбүттэрэ. Аатырбыт baguette, croissant минньигэс амтанын амсайбыттара, Сена өрүс устун Bateau mouche хараабылынан хатааһылаабыттара, остуоруйаҕа кэпсэнэр, ырыаҕа ылланар Notre Dame de Paris кэрэтин, дьиктитин эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ уонна аан дойдуга биллэр, хартыынаҕа эрэ көрөр Tour Eiffel иккис этээһигэр тахсан, Париж куораты үөһэттэн көрөн сөхпүттэрэ…
Саҥа тэриллибит оскуолаҕа Надежда Николаевна Макарова дириэктэри тас сибээскэ солбуйааччынан анаммыта. Василий Иннокентьевич Эверстов салайааччылаах учууталлар коллективтара, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр билии дойдутугар эрэллээхтик, өрө көтөҕүллэн, чиҥник хардыылаан бииргэ айаннаабыттара.
Посольствоны кытары утумнаахтык суруйсан
Оччолорго көмпүүтэр саҥа үөдүйэн эрэр кэмигэр, интернет диэн өйдөбүл киирэ илигинэ, Надежда Николаевна почта нөҥүө Франция Посольствотын кытта утумнаахтык суруйсан, Саха сиригэр, чуолаан кыра дэриэбинэҕэ үлэлии кэлиэн баҕалаах учуутал үөрэхтээх дьону көрдөөн элбэх суругу суруйбута. Оннук суруйсуу түмүгэр, Швейцарияттан Корнелия Мейл диэн эдэр кыыс үс ыйга Хамаҕаттаҕа үлэлии кэлбитэ. Корнелия сырдык хааннаах,бөдөҥ уҥуохтаах, нууччалыы билбэт да буоллар, кэпсэтинньэҥ, олус үөрүнньэҥ, ис киирбэх кыыс этэ. Оскуола үөрэнээччилэрин, учууталлары, нэһилиэк олохтоохторун кытта түргэннник бодоруспута, нэһилиэк хамаандатыгар киирэн волейбол улуустааҕы күрэҕэр, саҥа дьыллааҕы тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылан, Саха сирин тымныытын, олоҕун-дьаһаҕын, Хамаҕатта дьонун-сэргэтин туһунан олус үчүгэй өйдөбүллээх дойдутугар төннүбүтэ.
Оччоттон баччаҕа диэри оскуолаҕа, ону тэҥэ сайыҥҥы “Лингва” алтыһыы Кииҥҥэ 80-ча омук преподавателэ ыраах Францияттан, Бельгияттан, Мароккоттан, Швейцарияттан кэлэн үлэлээтилэр, бэйэлэрин кылааттарын саха оҕото тыл-өс, өй-санаа, билии-көрүү өттүнэн сайдарыгар киллэрдилэр. Түгэнинэн туһанан, Хамаҕаттаҕа хас да төгүллээн кэлэн үлэлээбит кэллиэгэлэрбит тустарынан билиһиннэриэхпин баҕарабын. Ол курдук, Бельгияттан алын кылаас учуутала идэлээх месье Пьер Брэ саха-француз оскуолаҕа икки төгүллээн 2004, 2008 сс., биир сыл СГУ (ХИФУ) омук тылын факультетыгар үлэлээбитэ.
Месье Пьер олус киэҥ билиилээх, элбэҕи аахпыт, учуутал быһыытынан дириҥ уопуттаах киһи этэ. Кини француз тылынан “Ньургун Боотур” олоҥхону аахпытын сөҕөн, астынан кэпсиирэ. 2004c. Пьер оҕолору кытта спектакль бэлэмнээн, Иркутскай куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы француз тылынан саҥарар тыйаатырдар фестивалларыгар бириистээх миэстэни ылан турардаахпыт. Онно сүрүн оруолу Өймөкөөн улууһуттан кэлэн үөрэммит Лина Неустроева оонньоон, фестиваль бастыҥ актрисатын аатын ылбыта. Пьер оскуолабыт оҕолорун икки төгүл дойдутугар, Бельгияҕа стажировкаҕа ыҥырбыта. Оҕолор Бельгияны олус сөбүлээн, аатырар бельгийскэй сүөһүлэр фермаларыттан саҕалаан, аан дойдуга биллэр “Мишлен” хампаанньа тэрилтэтигэр тиийэ күүлэйдээн, көрөн-истэн, олохтоох телевидениеҕа уһуллан, сүрдээҕин сайдан, харахтара аһыллан кэлбиттэрэ. Хамаҕаттаҕа үлэлиир сылларыгар Пьер улуус, өрөспүүбүлүкэ, Дьокуускай куорат француз тылын учууталларыгар элбэх туһалаах семинардары ыыппыта, саҥа ньымаларга үөрэппитэ. Месье Пьер Брэ Саха сирин айылҕатын сөбүлээн, элбэх доҕордонон, хойукка диэри дойдутуттан билсэ, суруйса олорбута.
Франсин Обрилыын айымньылаах үлэ
2004 с. Францияҕа “Обжектив Монд” диэн тэрилтэни кытта бииргэ үлэлэһэргэ дуогабар баттаммыта. Бу тэрилтэ салайааччыта мадам Франсин Обри Хамаҕаттаҕа хас да төгүл кэлэн үлэлээн барбыта.
Мадам Франсин 2005 с. оскуола саҥа дьиэтэ, 2017с. спортсаала тутулларыгар, 2020 с. Лингва лааҕыр өрөмүөнүгэр тэрилтэтин аатыттан үбүнэн көмөлөрү оҥорбута. Франсин Обри биир улахан бырайыага — “Аан дойду оҕолоро климат уларыйыытын туһунан өйдөбүллэрэ”, диэн киэҥ хабааннаах Дьокуускайга, Болгарияҕа, Страсбург куоракка, Франция, Бельгия, Румыния, Камерун, Марокко уонна Саха сирин оҕолорун уруһуйдарын быыстапкатын тэрийбитэ. Саха оҕолоро бу кыһалҕаны хайдах көрөллөрүн, климат уларыйыыта кинилэртэн туох тутулуктааҕын туһунан элбэхтэ кэпсэтэн, быһааран, иитэр-үөрэтэр үлэни ыыппыта. Франсин Саха сирин кыһынын ордук сөбүлүүр буолан, үксүн кыһыҥҥы бириэмэҕэ кэлэрэ. 2015 с. “Хаар остуоруйата” диэн француз тылынан бэртээхэй кинигэни бэчээккэ таһаарбыта. Кинигэни лиссиэй үөрэнээччилэрэ уруһуйдаан киэргэтэн, бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрбиттэрэ. 2019 с. Франсин Обрига Хамаҕатта, Нам улууһун оҕолорун сайдыыларыгар, иитии, үөрэтии боппуруһуогар үлэтин сыаналаан, нэһилиэк баһылыга И.Н. Максимов “Нэһилиэк сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэни туттарбыта.
Мишель Гандибле, Бернадетта Шрер, Бельгия преподавателлэрэ, тохсунньу-муус устар ыйдар, 2013 с.
Үгэс салҕанар
2017, 2019, 2020 сс. эдэр, эрчимнээх, күүстээх методист Арольд Можер үс сыл утумнаахтык үлэлээбитэ. Арольд нууччалыы көҥүллүк саҥарар буолан, лиссиэй, нэһилиэк, өрөспүүбүлүкэ олоҕор көхтөөхтүк, сэргэхтик кыттыбыта. Кини эбии музыкант идэлээх буолан, элбэх оҕону муусукаҕа уһуйбута. Иккис сылыгар Арольд саха тылын үөрэтэн, холкутук сахалыы саҥарар буолан кэлэн соһуппута. Лиссиэй эр дьонун кытта күһүҥҥү булка, муус ылыытыгар тэбис-тэҥҥэ сылдьыспыта. Россияҕа биллэр Евразийскай лингвистичэскэй олимпиадаҕа оҕолору бэлэмнээн, бириистээх миэстэҕэ тиксэн, икки үөрэнээччибит Иркутскай куоракка олимпиада түмүктүүр түһүмэҕэр ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Франция посольствота ыыппыт “Единство в различии” диэн эссе суруйуутун куонкуруһугар үс оҕону бэлэмнээн, кыайыылаах тахсаннар, оҕолор сыаналаах бэлэҕи туппуттара. Арольд уруоктара куруук ураты, араас технологиялары тутуһан ыытар буолан, үөрэнээччилэр болҕомтолорун тардар, интэриэһинэй, саҥарар дьоҕурдарын сайыннарар.
Быйылгы үбүлүөйдээх сылга Франция Нормандия регионуттан Морган ле Поэзард диэн эдэр учуутал кыыс кэлэн үлэтин саҕалаата. Лиссиэйгэ француз тыл учууталлара Е.И. Аммосова, О.Д. Новгородова, В.Е. Лукина, ангылычаан тылыгар А.З. Герасимова үлэлииллэр. Тас сибээскэ боломуочунай эппиэтинэһин Е.И.Аммосова толорор. Үлэбит сүрүн сыала — оҕо омук тылын чэпчэкитик ылынарын ситиһии, баҕаран туран үөрэтэргэ интэриэһин тардыы. Бу үлэбит көдьүүстээх буоларын туһуттан, уруогу таһынан эбии дьарыктары тэрийэбит. Оҕо омук тылын нөҥүө тэрээһиннэргэ кыттан сайдар, саҥаны билэр, айар, толкуйдуур дьоҕура дириҥиир, айылҕаттан бэриллибит ис кыаҕын арыйарыгар олук буолар. Ол иһин сыл устата араас күрэхтэргэ дьаныһан туран, бииргэ бэлэмнэнэн, наадалаах матырыйааллары тэҥҥэ булан, төрөппүтү кытта үлэлэһэн элбэх үлэни ыытабыт.
Тылы билии — кынат тэҥэ
Оҕолор омук тылынан ыалдьыттарга төрөөбүт дойдуларын, үөрэнэр кыһаларын, ситиһиилэрин, стажировкаларын туһунан сиһилии кэпсииллэр, кэлбит ыалдьыттары кытта французтуу алтыһаллар. Оскуола тэриллиэҕиттэн 150-тан тахса оҕо франкофоннай дойдуларга тыл стажировкатын аастылар.
50-ча үөрэнээччи олоҕун омук тылын кытта ситимнээх идэни баһылаан, өрөспүүбүлүкэ, дойду араас муннуктарыгар үлэлии, айа-тута сылдьалларыттан үөрэбит. 10-ча оҕо Франция туризм, экономика, архитектура уонна дизайн бастыҥ университеттарыгар үөрэнэн, иккис үрдүк үөрэх дипломын ылан, үлэ үөһүгэр сылдьар эдэр айымньылаах дьон. Бу сыл кулун тутар ыйыгар выпускницабыт, Хатырыктан төрүттээх Любомира Григорьевна Романова Франция Тулуз куоратыгар Поль Сабатье аатынан университекка антропобиология уонна геномика салаатыгар докторскай диссертациятын үрдүк ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Үөрэнээччилэрбит ситиһиилэриттэн үөрэппит учууталлара сэмээр үөрэбит, астынабыт, киэн туттабыт.
Маҥнайгы кылаастар ыалдьыттары кытта.
Лиссиэйбитигэр үөрэнээччилэр саха, нуучча, ангылычаан тылын сэргэ, француз тылын үөрэтэллэрэ кинилэр дьоллоро дии саныыбын. Уон араас өҥнөөх кустук буолан, кынат үүннэрэн, олохторун суолугар тирэх, көмө буоларыгар саарбахтаабаппын.
О.Д. Новгородова, француз тылын учуутала,
омук тылын холбоһугун салайааччыта,
Хамаҕатта, Нам.