Видеоҕа “Тай” диэн тылы сиһилии ырытыы көстөр. Былыргылар оҕо итии ууга, уокка буспатын диэн ити тылы тутталлара. Кинилэр биллибэтинэн-көстүбэтинэн итии луоскунан, эбэтэр уу тыынынан кыратык хаарыйан ылаллара. Оччоҕо кыра киһи тыл суолтатын өйдүүр буолар. Ылыммыт билиитин улаатыар диэри илдьэ сылдьар.
Саҥ тардыы оҕоҕо өй-санаа төрдүн олордуу ааттанар. Манна биир сүрүннээн туттар ньыманы – хаарыйыы дииллэр. Бу оҕоҕо саҥаны этигэр-хааныгар иҥэрэр ньыма.
Маны хоһоонунан чиҥэтиэххэ сөп. Ити ньыма көмөтүнэн оҕо биириттэн сэттэ сааһыгар диэри кыһалҕатын этэр, тулатыттан сэрэнэргэ, харыстанарга үөрэнэр.
Рубрика ааптара – Павлов Анатолий Николаевич-Дабыл “Кут-Сүр” кыһа салайааччыта, суруналыыс, “Айыы кыһата” оскуола учуутала.