Бу күннэргэ Хайахсыт нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Василий Ильич Борисовы кытта көрүстүм. Кэпсэтиибит сүрүн боппуруоһунан улууска уоту араарыы туһунан буолла.
– Үтүө күнүнэн, Василий Ильич! Билэрбит курдук, уоту араарыы биричиинэтэ
өрөмүөн үлэтэ буолар.Бу туһунан сиһилии кэпсиэххит дуо, баһаалыста?
– Вадим, нэһилиэк олоҕор кыттыһан, интэриэһиргээн кэпсэтэ кэлбиккэр махтанабын. Уот линиятын өрөмүөнүн туһунан кылгастык кэпсээтэххэ маннык. Улууспутугар Майа уонна Чурапчы икки ардынан 110-наах уот линията оҥоһулла турар. Бу үлэҕэ икки тэрилтэ ОО «Чолбон» уонна «РЭС» үлэлии сылдьаллар. Сүрүн соруктара урукку, эмэҕэрбит мас остуолбалары уларытыы буолар. Өрөмүөн үлэтинэн сибээстээн, бу күннэргэ улуус үрдүнэн уот күн аайы үлэ чааһыгар арахсар.
– Василий Ильич, биһиги нэһилиэкпитигэр уот линията хантан кэлэрий?
– Биһиги дэриэбинэбит уонна соҕуруу сытар нэһилиэктэр – Хадаар, Чакыр, Дириҥ «Л-44 Одьулуун — Куохара» уот линиятыгар тардыллан тураллар. Онон бу түөрт нэһилиэк холбоон, Чурапчы кэнниттэн, саамай улахан ноҕоруускалаах линия буолар. Улууспут дизельнэй станцията барытын кыайбат. Ол иһин биһиги эҥэр уоппутун балтараалыы чаас 13:00-14:30 уонна 19:00-20:30 бириэмэлэргэ эрэ холбууллар.
– Быйылгы сылга өрөмүөн үлэлэр өссө ханнык ыйга былааннаналларый?
– Саамай улахан бу билигин ыытылла турар өрөмүөн буолар. Кэлин кыра үлэлэр көстүөхтэрэ. Ол билиҥҥи туругунан, былааҥҥа суох. Нэһилиэнньэҕэ туһаайан этиэм этэ, уот линиятын өрөмүөнэ муус устар 5 күнүгэр диэри ыытыллар. Ол кэнниттэн орун оннугар түһэн, уоппутун арааран бүтүөхтэрэ. Онон бу хаалбыт кылгас кэми тулуйан кэтэһиэххэйиҥ.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас.
А.П.Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы