Быйыл дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сылларыгар сөп түбэһиннэрэн биһиги нэһилиэкпит элбэх оҕолоох биир бастыҥ ыалыгар Анна Прокопьевна, Дмитрий Дмитриевич Поповтар дьиэ кэргэттэригэр ыалдьыттаатыбыт. Уол оҕону иитии-үөрэтии уратыларын туһунан ыал ийэтин кытта сэһэргэстибит.
– Үтүө күнүнэн, Анна Прокопьевна. Дьиэ кэргэҥҥит туһунан кэпсиэххит дуо?
– Биһиги ыал буолан Хатылы нэһилиэгэр олохсуйан олорбуппут 17 сыл буолла. Мин билигин Е.Д.Доҕордуурап аатынан Хатылытааҕы тыа сирин модельнай бибилэтиэкэтигэр бибилэтиэкэринэн, кэргэним нэһилиэккэ Хатылы-Чурапчы маршрутунан автобуска суоппарынан үлэлиибит.
Иккиэн оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбитигэр нэһилиэктэрбитигэр, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас куонкурустарга, күрэхтэргэ куруутун кыттар этибит. Кылаас старосталара, үчүгэй үөрэхтээх, барытыгар көхтөөх үөрэнээччилэр эбиппит. Оскуолаларбытыгар бэриллэр аҕабыт Е.Д.Доҕордуурап, мин Н.Д.Субуруускай аатынан бириэмийэлэри ылбыппыт, иккиэн сыры сыллата Президент харыйатыгар сылдьыбыппыт. Аҕабыт оҕо эрдэҕиттэн ыллыыр, музыкальнай инструменнарга оонньуур дьоҕурдаах, мин оскуола эрдэхтэн спортка сыһыаннаах буоламмыт бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн биэрэбит.
Дьиэ кэргэммитигэр 4 уол оҕолоохпут. Улахан уол Женя устудьуон М.К.Аммосов аатынан ХИФУ юридическай колледжыгар үөрэнэр, быйыл бүтэрэр. Атыттар В.С.Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатыгар Вадим VIII, Петя V, Дьулустаан III кылааска үөрэнэллэр.
– Дьиэ кэргэҥҥит сөбүлүүр дьарыгын туһунан сырдатыаххыт дуо?
– Сөбүлүүр дьарыкпыт диэн, сүнньүнэн, спорт: футбол, теннис, волейбол. Сорохпут ыллыырын, үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр, аҕабыт үксүн техниканан дьарыгырар. Сыл аайы өрөбүллэргэ түбэһиннэрэн чугас дьоммутугар субуотунньугунан көмөлөһөбүт. Күһүн бары тахсан туос хомуйабыт. Бэлиэ бырааһынньыктарга ырыа-тойук аргыстаах дьиэ кэргэттэринэн мустааччыбыт. Бары баарбытына айылҕаҕа сынньана тахсарбытын туохтааҕар да ордоробут.
– Икки улахан уолаттаргыт подростковай кэмнэрин ааһалларыгар төрөппүттэр тугунан көмөлөспүккүтүй? Төһө биллэрдик ааспытай?
– Улахан уолаттар подростковай саастара уустуктук ааспыта диэн өйдөөбөппүн. Кимиэхэ эмит туох эмит уларыйыы тахсаары гыммытын сэрэйдэхпинэ олорон эрэ бэйэбит оҕо эрдэҕинээҕибитин санаан, холобур ылан көр-күлүү курдук кубулутан сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн биэрэ таарыйа кэпсэтээччибит.
– Эбэ, эһээ төһө көмөлөһөллөрүй? Эһиги санааҕытыгар, кинилэр оруоллара оҕону иитиигэ туохха сытарый?
– Эбэ, эһээ үлэлиир буоланнар көрсөр бириэмэлэрэ ардыгар тиийбэт. Билиҥҥи кэмҥэ үгүс ыалга оннук буолуо. Сиэннэрэ күрэхтэһэ барар айаннарыгар, үөрэнэр кэмнэригэр материальнай көмө оҥорооччулар. Ону таһынан үөрэхтээх, туһа дьоно буоллуннар диэн сылын ахсын чиэппэр түмүгүнэн үчүгэй үөрэнээччилэргэ эбэлээх эһээ стипендияларын туттарааччылар.
– Оҕолоргут төһө эйэлээхтэрий? Майгыларынан майгыннаһаллар дуу эбэтэр олох тус-туспалар дуу? Уол оҕону иитии туох уратылааҕый? Ханнык иитии ньыматын туттаҕытый?
– Уолаттарбыт майгылара бары биир тэҥ соҕустар, улахан уратылара суох. Барыларын кыра эрдэхтэриттэн биир тэҥник, олох боростуойдук бэйэ-бэйэлэрин көрсөргө, көмөлөсүһэргэ, дьиэ ис-тас үлэтигэр сыһыаран иитэбит. Күннээҕинэн бэйэ-бэйэбитин кытта тэҥнээхтэрбит курдук аһаҕастык кэпсэтэбит. Улахан уолаттарбытын хайдах үөрэтэбит да, кинилэр ол курдук бырааттарын салайан биэрэллэр. Уруоктарыгар, дьарыктарыгар туох эмэ наада буоллаҕына, көмөлөсүһэбит. Бары күннээҕинэн кыралыын- улаханныын араас былааннаах үлэлээхпит, дьарыктаахпыт. Бириэмэбитин бары аттаран сөптөөхтүк сылдьарга кыра эрдэхтэриттэн чаһы үөрэтэр кэмтэн саҕалаан үөрэтэн, сүбэлээн биэрэбит. Бу санаатахха бары үлэҕэ, үөрэххэ, спортка ситиһиилээх буоларбыт туһугар дьиэ кэргэнинэн бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн, өйөһөн, ирдиибит, толотторобут эбит.
– Уолаттардаах эдэр ыалга тугу сүбэлиэ этигитий?
–Төрөппүттэр бэйэбит түүннэри, күнүстэри дьиэҕэ тиийбэккэ да, үлэҕэ умса түһэн сылдьар кэмнэрбит баар буолааччылар. Араас ыарахаттары, уустуктары көрсөрбүт үгүс, онон оҕолорбутун кыраларыттан бэйэлэрин көрүнэргэ иитэбит. Аныгы үйэ буолан, төлөпүөнүнэн дьаһайыы, ону оннук, маны маннык диэн ыйыы-кэрдии ордук ийэ киһиэхэ сүктэриллэр буоллаҕа. Ону оҕолор эбээһинэстэрин үллэстэн, олус үчүгэй толорон кэбиһээччилэр.
Онон уол оҕону олох боростуойдук, бэйэлэрин көрүнэргэ, этиллибити толорорго, эппиэтинэстээх, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах гына иитиэххэ наада дии саныыбыт.
Кэпсэттилэр VII «б» медиакылаас оҕолоро
Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолата, Чурапчы улууһа