Мин дьиэ кэргэммин кытары, барыта 16 буолан, тохсунньу 24-олунньу 3 күннэригэр Москва-Египет хайысханан сынньанан кэллибит.
Египет Шарм-эль-Шейх диэн куруортунай куоратыгар «Альбатрос аква блю» диэн отельга олордубут. Хас да итинник ааттаах отель баар эбит, барыта биир баай киһи сынньанар кииннэрэ. Москваттан Шарм-эль-Шейх куоракка алта чаас көтөҕүн. Аһыыр аспыт, аквапарка барыта босхо. Путёвканан кэлбит киһиэхэ хас биирдиилэригэр илиилэригэр браслет кэтэрдэллэр, ол быһыытынан аһыыргар, аквапаркаҕа киирэҕин. Күнү быһа моруосунай, утах иһэ сылдьаҕын. Рестораҥҥа күҥҥэ үстэ талбыт аскын ылан аһыыгын. Кыһыл муораҕа сөтүөлүү бараргар анал оптуобустар таһаллар.
Дьиэ кэргэнинэн, бары, яхта арендалаан муоранан устубуппут, акваланганан муораҕа түһэн балыктары, үүнээйилэри көрбүппүт. Муора ортотугар «Белый остров» диэн арыы баар эбит, онно сырыттыбыт. Сафарига баран «баггинанан», квадроциклынан хатааһылаатыбыт. Аны муораҕа парашютунан түспүппүт, «бананынан» хатааһылаабыппыт. «Дельфинарийга» дельфиннар араас трюктары оҥороллорун сөҕө көрдүбүт.
Оптуобуһунан биир күн Каирга баран кэлбиппит. Кэлэ-бара уон икки чаас айанныыгын. Каир улахан куорат, отут мөлүйүөн киһи олорор. Каирга музейга сырыттыбыт, пирамида көрдүбүт, сфинска сырыттыбыт.
Биир интириэһинэйэ диэн Египеккэ сылга үстэ-түөртэ ардах түһэн ааһар эбит. Сынньанааччыларга эрдэттэн сэрэтэллэр, кыраантан уу испэппитигэр, кыраан уутунан тиискин сууммаккар. Кыһыннара +27 кыраадыс сылаас, сайын биэс уон кыраадыска тиийэ итийэр эбит.
Египет олохтоохторо 80% — мусульманнар.
Москваҕа кэлэ-бара биэс хоннубут. Кыһыл болуоссакка күүлэйдээтибит, катокка хаҥкылаатыбыт уонна биир күнү быһа «Остров Мечты» аралдьытар кииҥҥэ сылдьан, араас оонньууга, аттракциоҥҥа кытынныбыт. «Форд Боярд» аралдьытыыга хамаанданан оонньоон кыайдаххына көмүс манньыат биэрэллэр.
Оҕо сааспытыгар биир умнуллубат бэлиэ күнү бэлэхтээбит күндү, чугас дьоммутугар оҕолор, сиэннэр ааттарыттан махталбытын аныыбыт.
Кирилл Быккасов, Ороһу орто оскуолатын 7кылааһын үөрэнээччитэ, Үөһээ Бүлүү.