Биһиги оскуолабытыгар улахан, сонун тэрээһин буолла. Математикабыт учуутала Сардана Михайловна Баишева директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлээбитэ сүүрбэ биэс сылын бэлиэтээн авторскай семинар ыытта. Онно улуустан Зинаида Петровна Охлопкова салалталаах үөрэх управлениетын исписэлиистэрэ, Таатта улууһун оскуолаларын завучтара, бииргэ төрөөбүт балтылара Надежда Михайловна Тарасова, Ньургуйаана Михайловна Скрябина, төрөппүт кыыһа Дьокуускайдааҕы 7 №-дээх оскуола учуутала Клавдия Владимировна Баишева, Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын устудьуоннарын «Күн Өркөн» тыйаатырын преподавателэ Иван Александрович Семёнов, оскуолабыт учууталлара кыттыыны ыллылар.
Учууталлар, ыалдьыттар кылаастарга аһаҕас уруоктары, «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарыктары ыыттылар. Биһиэхэ тохсус кылаас оҕолорун кытта холбоһон бастакы уруогунан физика буолбута. Надежда Михайловна Тарасова Дьокуускайдааҕы техническэй лиссиэй физика учууталын аһаҕас уруогун оҕолор бары сэҥээрдибит. Уруокпут саҥа тиэмэни үөрэтэн, опыт оҥорон олус сэргэхтик ааста.
Онтон иккис уруогунан Сардана Михайловна бииргэ төрөөбүт балта Ньургуйаана Михайловна Скрябина, тыа хаһаайыстыбатын ревизор-консультана «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарыкка бизнес-былаан туһунан кэпсээтэ. Кини биһигини бэйэбитин таптыырга, сыаналыырга уонна үрдүккэ тардыһарга сүбэлээтэ. Киһи бэйэтин кыччаабыта биэс сүүс тыһыынчаҕа сыаналыахтаах эбит, ол курдук бизнес-былаан толкуйдаан, оҥорон харчылаһыахтаах. Уруок устата тыа хаһаайыстыбатын холобуругар хайдах ынахтаах киһи үүттэн ас арааһын оҥорон, атыылаан бэйэтигэр харчы киллэрэрин туһунан кэпсээтэ. Эмиэ биир сонун уруок буолан ааста.
Онтон үһүс уруогунан кылааспыт салайааччыта Туйаара Евгеньевна Старкова психология уруогар IX-XI кылааcтары холбоон, тренинг ыытан бэйэни билэргэ, дьону кытта алтыһарга үөрэттэ. Интэриэһинэй оонньуу ыытан, оҕолор болҕомтолорун тарта. Онно бары бэриллибит кыыллары бэйэбитин кытта дьүөрэлээн талан баран «тоҕо чопчу бу кыылы таллыбыт?» диэн боппуруоска хоруйдаан быһаарбыппыт. Онтон ватмаҥҥа биирдии бэйэбит тус кыраныыссабытын арыы быһыытынан уруһуйдаан, пластилинынан уонна фольганан туттан киэргэппиппит. Мин онно сынньанан, доҕотторум туһунан саҥаны билэн, сэҥээрдим.
Төрдүһүнэн «Күн Өркөн» тыйаатыр преподавателэ Иван Александрович Семенов култуура колледжын туһунан сырдатта. Бэйэтин үлэтин, олоҕун, инникигэ идэ таларга сүбэлээтэ. Мин онно элбэх ыйытыы биэрбитим, култуура эйгэтин сэҥээрбитим, сырдыкка, билиигэ тардыһарга өрө көтөҕүллүбүтүм. Иван Александрович биһиги оскуолабытын бүтэрбит, билигин киэҥ эйгэҕэ биллэр оператор буоларын эрдэттэн билэрим. Бүтэһигэр махтанан баран, кинини уонна улуустааҕы үөрэҕирии салаатын начальнигын солбуйааччыта Зинаида Петровна Охлопкованы кытта өйдөбүннүк хаартыскаҕа түспүтүм.
Бу күн саха литературатын төрүттээччи, бөлүһүөк-суруйааччы Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнүнэн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Өксөкүлээх сардаҥата» аахсыйаҕа кытынныбыт. Суруйааччы хоһооннорун аахтыбыт, истиҥ ахтыылары иһиттибит Онтон салгыы учууталларга, ыалдьыттарга аналлаах маастар-кылаастар, төгүрүк остуол, Сардана Михайловна таһаарбыт саҥа кинигэтин презентацията буолбута.
Бу курдук күнүм наһаа туһалаахтык, сонуннук ааста. Саҥаны билэммин, ситиһиилээх дьону кытта билсэммин олус үөрдүм, дьоллоннум.
Ангелина Данилова, X кылаас,
Уолба, Таатта