Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылын бэлиэтиибит. Сэрии ыар тыына хас биирдии саха ыалын таарыйбыта. Эбэм таайа, сэрии ветерана Винокуров Иван Семенович 1925 сыллаахха Нам оройуонун Салбаҥ нэһилиэгэр төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүттэр алта эбиттэр — түөрт уол, икки кыыс.
Уоттаах сэрии саҕаламмытыгар бу биир ыалтан түөрт уол фроҥҥа ыҥырыллыбыт. Кинилэртэн үс уол бары кыргыс толоонугар хаалбыттар. Онтон саамай кыралара Иван Семенович 1943 сыллаахха 18 сааһын туолаат да аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Кини тыыннаах эргиллибит. “Якутия” борохуотунан устан, Иркутскайынан эргийэн, Смоленскай куорат туһаайыытынан инники кирбиигэ киирбит. Красно-армейскай киниискэтигэр суруллубутунан, I-кы Белорусскай фронт 67-с, 202-с, 492-с, 155-с уонна 217-с стрелковай полкаларыгар сатыы сэрии саллаатынан сулууспалаабыт.
Үс төгүл бааһыран, госпиталларга эмтэммит буолан, сулууспалыыр полкалара уларыйан испиттэр. Днепр, Висла, Одер өрүстэри уот буулдьа аннынан туораталаабыт. Бүтэһик төгүлүн 1945 сыл муус устар 19 күнүгэр Берлин аттыгар атахха таптарбыт.
Кини бойобуой сырыыта “Хорсунун иһин”, “Берлини ылыы иһин”, “Германияны кыайыы иһин” бойобуой мэтээллэринэн, Верховнай Главнокомандующай И.В. Сталин уонна Советскай Союз Маршала Г.К. Жуков Махтал суруктарынан бэлиэтэммит. Кэнники “Аҕа Дойду Сэриитэ” II-с истиэпэннээх уордьанынан уонна “Нам улууһун” бочуоттаах гражданина” үрдүк аатынан наҕараадаламмыт.
Сэрии кэнниттэн Таастаахха сүөһү уонна сылгы көрүүтүгэр үлэлээбит. “Нам” совхоз чемпион үлэһитэ буолан, совхоз Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибит. Биһиги аймахтан сэриигэ кыттыбыт, хаанын тохпут ытык киһибит, хорсун саллаат, хоһуун үлэһит Иван Семенович Винокуров аатын куруутун ахтабыт, дьоммут биһиэхэ кэпсииллэр.
Ааптар: Катя Аргунова, VII “б” кылаас, Нам 1-кы №-дээх орто оскуолата