Россиябыт киин куората улуу Москуба сайдан, күнтэн күн тупсан иһэр. Хас Москубаҕа тиийдэҕин ахсын туох эрэ саҥаны көрөҕүн, сонуну билэҕин. Ол иһин да буолуо, үөрэх кииннэрэ манна араас сирдэртэн эдэр ыччаты, оҕолору түмэр тэрээһиннэри ыыталлар.
Бу дьыл олунньу 26 күнүттэн кулун тутар 1 күнүгэр диэри Россия естественнэй академията аан дойдутааҕы “Старт в науке” диэн VI кэмпириэнсийэни тэрийэн ыытта. Манна 700 оҕо, ону таһынан салайааччылар кыттыыны ыллылар.
Кутузов проспегар баар дьиэҕэ буолла. I-XI кылаас оҕолорун “Афины”, “Москва”, “Дубай”, “Санк-Петербург” диэн саалаларынан үллэртээбиттэрэ.
Араас куораттартан кэлбит дакылаатчыттар үөрэппит хайысхалара сүрдээх элбэх: Аҕа дойду сэриитэ, лыахтар, история, төрүччү, о.д.а. Мин саамай хайгыы истибит тиэмэм — омук тылын быраабылаларын туһунан. Дакылааты бэһис кылаас кыыһа суруйбут. Уопсайынан, киһи эдэр чинчийээччилэри истэн, презентацияларын көрөн, олус элбэх саҥаны билэр эбит, “Кырдьык да, итинник эбит дии”, — диэн толкуйдуугун.
Кыттааччыга биэстии мүнүүтэни биэрэр буоланнар, бириэмэ түргэнник уонна олус туһалаахтык ааста. Мин үлэбин сэҥээрэн истибиттэриттэн, хайҕаабыттарыттан долгуйбутум. Салайааччым, история учуутала Пестряков Геннадий Дмитриевич сүбэтинэн саҕалаабыт чинчийиибин, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр штрафной роталарга, штрафной батальоннарга сэриилэспит биир дойдулаахтарым Крылов Николай Михайлович, Аммосов Иван Васильевич уо.д.а. эрэйи-муҥу тэлбит бойобуой суолларын, олохторун Герой-куоракка тиийэн сырдатаммын, сыалбын толордум.
Маннык улахан кэмпириэнсийэҕэ бастакыбын кыттынным уонна олус астынным, Элбэх да оҕо чинчийэр үлэнэн дьарыктанарын сөбүлүүр эбит диэн соһуйдум, үөрдүм.
Пухова Айталана,
Майаҕас орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэээччитэ.
Уус Алдан.