“Угуйааччылары уруйдаан, утумнааччылары уһуйан” диэн ааттаатым мин бу тэрээһини – ЫБСЛКС төрүттэммитэ 100 сылыгар, итиэннэ Россия үөрэнээччилэрин хамсааһынын төрөөбүт күнүгэр анаммыт дьоро күнү.
Кырдьыга да, бу бырааһынньыкка угуйааччылары – бэтэрээн хомсомуоллар А.К. Павлованы уонна М.К. Петрованы – ЫБСЛКС үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтилэр, оттон кинилэр утумнааччыларга – РДШ актыбыыстарыгар – хомсомуол үлэтин кэпсээтилэр, холобур оҥостоллоругар ыҥырдылар.
–Мин 1977 сыллаахха комсомольскай путевканан БАМ тутуутугар баран, “Юность Якутии” этэрээккэ киирэн, Беркакит бөһүөлэгин тутууга үлэлээбитим. Наһаа да үчүгэй кэмнэр этэ. Хомсомуол диэн аат-суол, эбээһинэс буолбатах. Бу – киһи күүрээннээх туруга. Нууччалыы эттэххэ, “комсомол – это состояние души”. Онон эһиги, оҕолоор, РДШ диэн тэрилтэҕэ сылдьыыгыт сүктэриллибит үлэ, бэриллибит сорудах курдук буолбакка, күн аайы баҕаҕытынан кэлэн кыттыһар, саҥаны айар-тутар кыһаҕыт буоллун.
Мин оҕо сылдьан эһиги курдук актыбыыс бэрдэ этим. Ол хаачыстыбам сааһым тухары миигин үрдүккэ кынаттаата, салайар үлэҕэ эппиэтинэһи ылынарбар, дьон туһугар үлэлиирбэр тирэх буолла. Бүлүү 1 №-дээх оскуолатыгар хомсомуол сэкирэтээрэ этим. Тэрилтэбит өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы миэстэни ылан, мин “Орленок” лааҕырга сынньанар чиэскэ тиксибитим. Онно Юрий Никулины, Муслим Магомаевы көрсөн турардаахпын. Олоҕум суолдьут сулуһа буолбут хомсомуолбар махталым муҥура суох, – диэн кэпсээтэ СӨ Тимир суолун, Үөрэхтээһинин, Айылҕатын харыстабылын Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ государственнай сулууспатын туйгуна, Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина Анастасия Кирилловна Павлова.
– Оттон мин этиэм этэ, сааһым тухары оҕону иитэр эйгэҕэ үлэлээбит киһи быһыытынан, эһиги маннык түмсүүлэргэ, сойуустарга, тэрилтэлэргэ сылдьан, бастатан туран, бэйэҕит майгыгытын-сигилигитин, хараахтаргытын иитиэхтээххит диэн.
Билигин эһиги “Дьулуур” Оҕо биир сомоҕо уонна Россия үөрэнээччилэрин хамсааһыныгар тэҥинэн сылдьаҕыт. Бастакы сүһүөххүтүн “Следопыты” диэн ааттыыгыт. Урут эбитэ буоллар, кинилэр октябреноктар буолуо этилэр. Оттон “искателлэр” – пионердар, “новатордар” – хомсомуоллар. Онон биһиги да көлүөнэбит, эһиги да көлүөнэ бары биир соруктаахпыт — дьоҥҥо туһалааҕы оҥорор үтүө дьон буолуу.
Хомсомуол миэхэ элбэҕи биэрбитэ. Ол иһин мин комсомольскай киниискэбин, докумуоннарбын ханна да бырахпакка, өрүү чугас илдьэ сылдьабын, харыстаан тутабын. Бу – биһиги олохпут, историябыт. Ону туора сотор, умнар табыллыбат. Эһиги ол үтүө үгэһи салҕыахтааххыт, утумнуохтааххыт,– диэн тыл эттэ Маргарита Константиновна Петрова, СӨ Үөрэҕириитин тиһигин үтүөлээх үлэһитэ, Үөрэх министиэристибэтин Бочуоттаах үлэһитэ.
Оруобуна хомсомуол төрүттэммит күнүгэр – алтынньы 29 күнүгэр – 2015 сыллаахха В.В. Путин Ыйааҕынан тэриллибит Россия үөрэнээччилэрин хамсааһына 4 хайысханан үлэлиир. Ону билиһиннэрэр сыалтан, хас биирдии хайысхаҕа ыалдьыттары ыҥырбыттар.
- Байыаннай-патриотическай салааҕа полковник, СӨ байыаннай комиссариатын көмөлөһөөччүтэ Иван Федоров кэлэн ыалдьыттаата. Ийэ дойдуну таптыырга, бэринииилээх буоларга хомсомуол сүҥкэн оруоллаах этин аҕынна, ол санаанан салайтаран, байыаннай үлэһит буолбутун бэлиэтээтэ.
“Гражданский активизм” хайысхаҕа Волонтердары кытта үлэлэһэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин дириэктэрэ Айыллаан Винокуров: “Мин дьоллоох киһибин. Оскуолабар актыбыыс буоламмын, 2013 сыллаахха Оҕо биир сомоҕо хамсааһына тэриллэр историческай түгэнигэр кыттыбытым, аатын таларга, сыалын-соругун тобуларга кыттыспытым. Оскуолаттан ылбыт көхпүн ыһыктыбакка, устудьуоннуур сылларбар педагогическай этэрээккэ баһаатайдаабытым. Оҕо тэрилтэтигэр сылдьыбыт киһи олоххо тардыһыылаах, дьулуурдаах, туохтан да толлубат, сытыы-хотуу, аһаҕас, сайаҕас буолар. Бэйэбинэн ону билэбин”, — диэн оҕолору көхтөөх буоларга көҕүлээтэ.
“Личностное развитие” диэн хайысхаҕа эстрада ырыаһыта Айгылаан кэлэн кэпсээтэ: “Мин алтыс кылаастан Төҥүлү оскуолатын үөрэнээччилэрин самоуправлениетыгар үлэлэспитим. Култуура миниистирэ этим. Элбэх күрэхтэһиини, биэчэри, куонкуруһу толкуйдаан ыытарбыт. Ол барыта айар, саҥарар, толкуйдуур, салайар, тэрийэр дьоҕурбун сайыннарбыт, киһи быһыытынан үүннэрбэр олук буолбут”.
“Информационно-медийный” диэн хайысхаҕа “Саха” НКИХ ыытааччыта Олег Колесов-Талбан кэлэн, оскуолатааҕы сылларын аҕынна: “Мин үөрэнэрим саҕана маннык “Дьулуур” да, РДШ да суоҕа. Хомсомуол, пионер эмиэ суоҕа. Оскуола иһинэн оҕо түмсүүтэ баара. Онно сылдьарым, үөрэх, култуура секторын салайарым. Кырабыттан барыны бары билэ-көрө сатыыр идэлээхпин. Ол хаачыстыбам телевидениеҕэ үлэлиирбэр абырыыр. Саҥаны, сонуну, кэрэхсэбиллээҕи ааҕан, истэн билэ, өйдүү сатыыбын. Тоҕо диэтэххэ, суруналыыс киэҥ билиилээх буолуохтаах.
Идэбин мин кыра эрдэхпинэ талбытым диэтэххэ, омуннааһын буолбатах. Өйдүүбүн ээ, бэһис кылааска килиэп ыла сылдьан, “Love is” диэн ыаһы атыыласпыппын. Ол “жвачканы” арыйах иннинэ баҕа санааҕын этэр оонньуулаах этибит.“Улааттахпына НВК-ҕа үлэлиэм дуо?” – диэн ботугураан баран арыйбытым – иһигэр сүрэх бөҕө. Ол аата, эппит баҕа санаам туолар диэн. Наһаа үөрбүтүм. Устудьуон буолаат, “Киин” араадьыйаҕа үлэлии киирбитим. Ити 17 сааспар. Онтон ыла информационнай-медийнэй эйгэҕэ баарбын. Айар дьоҕурдаах оҕолор кытаатыҥ, суруйан, холонон иһиҥ”.
Сэргэх сэһэргэһээччилэрдээх, үтүөкэн ыалдьыттардаах көрсүһүүгэ Үөрэх министиэристибэтиттэн Александр Кузьмин, тэрээһин буолбут “Моя история” музей дириэктэрэ Дмитрий Соловьев, бу дьоро күнү тэрийбит Оҕо хамсааһынын сайыннарар киин дириэктэрин солбуйааччы Нь.А. Владимирова бэтэрээн хомсомуоллары, РДШ актыбыыстарын эҕэрдэлээтилэр. Жатайдааҕы “Бригантина” оҕо тэрилтэтин кыргыттара үҥкүүнэн, 26-с оскуола Валя Котик аатынан пионердара речевкаларынан киэргэтэн биэрдилэр.
Икки көлүөнэни алтыһыннарар үөрүүлээх бырааһынньык хомсомуол туһунан биктэриинэнэн, “Хаҥалас эрэлэ” түмсүү флешмобунан түмүктэннэ.
Анисия Иевлева.