Атырдьах ыйынааҕы учууталлар сүбэ мунньахтарын чэрчитинэн Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата “Оҕо интеллектуальнай сайдыытын төрүөтэ — ааҕыы сатабыла: оҕону, төрөппүтү ааҕыыга уһуйуу бырайыага“ диэн төгүрүк остуолу тэрийэн ыытта. Мунньаҕы СӨ үөрэҕин министиэристибэтиттэн Марианна Платонова уонна “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатыттан Ольга Семенова, Сардаана Коврова иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технология министиэристибэтин миниистирин I солбуйааччыта Николай Гришаев бэйэтин этиитигэр ааҕыы кыһалҕата 90-с сылларга экономика, культура, социальнай эйгэ түөрэ уларыйар кэмигэр үөскээбитэ диэн бэлиэтээтэ: “Ааҕыы үөрүйэҕэ дьиэ-кэргэнтэн саҕаланар, онон төрөппүт аахпат буоллаҕына, оҕолоро эмиэ аахпаттар. Өрөспүүбүлүкэ IT-пааркатын резиденнэрэ улахан үлэни ыыталлар. «ЭкоНордАйТи» тэрилтэ 29 электроннай учебнигы оҥордулар. Аныгы үйэҕэ олоххо ураты чараас дисплей киириэхтээх. Маннык электроннай тэрили илдьэ сылдьар да табыгастаах буолуо, экология, мас-ойуур да харыстаныа этэ. Ол эрээри кумааҕы кинигэ, хаһыат баар буолуохтаах. Нэһилиэк бибилэтиэкэтэ дьону, ыччаты түмэр киин буолуохтаах, манна нэһилиэнньэни саҥа технологияҕа үөрэтии эмиэ барыахтаах.”
“Кэскил” кинигэ кыһатыттан Анатолий Павлов-Дабыл “Айымньы уонна санаа көстүүтэ” тиэмэлээх дакылаатыгар Плутарх, Платон курдук былыргы философтар этиилэриттэн Айыы үөрэҕэр, саха классик-суруйааччыларын айымньыларыгар тиийэ ырытта. Түмүгэр: “Оҕо аахпат буолуутугар уопсастыба буруйдаах”, —диэн тоһоҕолоото.
Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетын методиһа Альбина Кондратьева, бибилэтиэкэрдэрин методхолбоһугун салайааччыта Олимпиада Халимова оскуола бибилэтиэкэригэр уруогу таһынан үөрэтии төлөбүрдээх чааһын аныылларыгар баҕа санааларын эттилэр.
“Кэскил” кинигэ кыһатын дириэктэрэ Ольга Семенова тэрилтэтин саҥа структуратын, былааннарын билиһиннэрдэ, төгүрүк остуол кыттыылаахтарыгар информационнай өйөбүлү эрэннэрдэ, бииргэ үлэлииргэ ыҥырда.
Тэрээһин биир чаҕылхай түгэнинэн биһиги эдкордарбыт кыттыылара буолла. “Бэдьимэ кэскилэ” пост салайааччыта, Мэҥэ-Хаҥалас Бэдьимэтин оскуолатын дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы Екатерина Попова үөрэнээччилэрин Айсен Корякины уонна Лера Сергееваны кытта “Дьөһүөл” бырагыраамаҕа киирэр “Ааҕыы – сайдыы төрдө” бырайыактарын билиһиннэрдилэр. 2016 сыллаахтан үлэлиир бырайыактарын сүрүн сыалынан оҕо иитиитигэр бүтүн нэһилиэнньэни, тэрилтэлэри, төрөппүттэри кытыннарыы буолар. Холобур, ааҕыыга тардар сыалтан оскуоланы бүтэрэр эбэтэр киирэр оҕоҕо, оҕолонон тахсыбыт ийэҕэ, о.д.а. нэһилиэк ыалын кэрэ-бэлиэ түгэнигэр тоҕоостоох тиэмэлээх кинигэлэри атыылаһан бэлэхтииллэр эбит.
Бу төгүрүк остуолга Москва куорат издательстволарын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ылан, мустубут дьон болҕомтотун ыллылар. Надежда Гусева (“Российский учебник” корпорация), Елена Рижская (“Бином. Лаборатория знаний”), Марина Колосова (“Просвещение”), Ксения Якубовская (“Русское слово”, урукку “Детская литература”) судаарыстыба сайдыытыгар ааҕыы, литература оруолун туһунан эттилэр. Билиҥҥи көлүөнэ ыччат сарсын судаарыстыбаны салайыахтааҕын умнуо суохтаахпыт. Кинигэни ааҕыы үөрүйэҕин оскуола иннинээҕи саастан иҥэрдэххэ эрэ, оҕо ааҕыыга ылларар. Онно сүрүн оруолу төрөппүт ылар. Төрөппүт оҕотун кытта кинигэни ааҕара үгэс буолуохтаах. Оҕону кытта аахпыт кинигэлэрин туһунан кэпсэтиэхтээх, ырытыахтаах. Оччоҕо оҕо бэйэтин сананара (значимость) үрдүүр: “Миигин кытта кэпсэтэллэр, мин санаабын истэллэр, ыйыталлар”,—диэн.
Кинилэр кэллиэгэлэрэ, “Бичик” кинигэ кыһатын методиһа Марина Никифорова оскуола бибилэтиэкэлэрин фондун хаҥатыы, үбүлээһин боппуруоһун көтөхтө.
ИРОиПК учебнай-методическай хааччыйыы отделын салайааччыта Алена Саввинова “Сыл бибилэтиэкэрэ”, “Библио-турнир”, “Дорҕооннохтук ааҕыы” тэрээһиннэрин, бибилэтиэкэлэр информационнай киин буолуохтаахтарын туһунан кэпсээтэ.
Дьокуускай национальнай библиотекатын библиограба Евдокия Уланова 2000 сыллаахтан төрөөбүт оҕолор “цифровое поколение” диэн ааттаналларын, кинилэр кинигэни информация эрэ ыларга туһаналларын туһунан санаатын эттэ.
Оҕолору кытта быһаччы үлэлиир дьон этиилэрэ ханнык баҕарар мунньахха ордук элбэх интэриэһи тардар. Оннук, Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй нуучча тылын учуутала Августина Чойнова 30 сыл устата үлэлээбит уопутун сырдатта. V кылаастан ылбыт оҕолорун ааҕыы эйгэтигэр сирдээн, сыл ахсын атын-атын бырайыактары (“Звездочка”, “БиблиоШЕСТвие”, “Книжная радуга”, “Библио”) тэрийэн үлэлиирин туһунан кэпсээтэ. Ол түмүгэр кылааһын оҕолоро араас таһымнаах кэмпириэнсийэҕэ, олимпиадаҕа элбэх ситиһиилээхтэр, биэс үөрэнээччитэ кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит. Урукку оҕолоругар нуучча литературатын ордук күүскэ үөрэппит эбит буоллаҕына, саҥа ылбыт бэһистэригэр “нууччатымсыйыы” кыһалҕата турар эбит. Онон учуутал бу оҕолору аны сахалыы эйгэҕэ, төрүт култуураҕа хайыһыннарар соруктаах салгыы үлэлиир.
Төгүрүк остуол түмүгүнэн сүбэ сурук ылылынна.
Таисия Алексеева