IT-технологияны, программированиены үөрэтэр учуутал тиийбэтэ биир улахан кыһалҕа буолар. Дьокуускайдааҕы “Кванториум” оҕо технопаарката бу сорукка күүскэ ылсан үлэлиир. Манна технология, ОБЖ, эбии үөрэхтээһин учууталларыгар аналлаах куурус саҕаланна. Биэс күннээх үөрэх устатыгар учууталлар бэйэлэрин үлэлэригэр аныгы технологияны, программированиены киллэрэргэ үөрэниэхтэрэ. Түмүгэр Россия таһымнаах сертификаты тутуохтара.
Билигин “Точка роста” кииннэр бары улуустарга үлэлииллэр. 2020 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 54 киин тэриллиэхтээх. “Точка роста” соругунан оскуолалар материальнай-техническай базаларын хаҥатыы буолар. Оччоҕуна эрэ тыа сирин оҕолоро аныгы кэм хардыытын кытта тэҥҥэ хаамар кыахтаныахтара.
2016 сыллаахха Россиятааҕы Үөрэҕирии сайдыытын саҥа киэбин пуондата (“Фонд новых форм развития образования”) 81.603.000 суумалаах гранын сүүйэн, 2017 сыллаахха Дьокуускайга “Кванториум” тэриллибитэ, оборудованиенан толору хааччыллыбыта. Билиҥҥи кэмҥэ манна 1300 оҕо тоҕус хайысханан дьарыктанар: “Аэроквантум”, “IT-квантум”, “VR/AR-квантум”, “Геоквантум”, “Космоквантум”, “Нейроквантум”, “Робоквантум”, “Хайтек”, “Энержиквантум”.
Билигин үөрэҕирии национальнай бырайыага ылыллан, саҥа технология күүскэ киириэхтээх. Үөһэ этиллибит пуонда дириэктэринэн үлэлээбит Марина Ракова билигин Россия үөрэҕин миниистирин солбуйааччыта буолла, онон бу өттүнэн өйөбүл улахан. “Хас биирдии оҕо ситиһиитэ”, “Аныгы кэм оскуолата”, “Цифровизация” бырайыактар олоххо киирдилэр.
— “Точка роста” киин учууталларга үөрэҕэ “хард” уонна “софт” диэн түһүмэхтэрдээх. Бу кууруска кэлбит учууталлар “софт” түһүмэҕин дистанционнай ньыманан үөрэппиттэрэ. Аныгы кэм ирдэбилинэн хамаанданан үлэ, бэйэ-бэйэҕэ көмө үөрүйэхтэрэ иҥэриллэллэр. Өскөтүн урут лидер биир буоллаҕына, билигин бүтүн хамаанда лидер буолара эрэйиллэр.
Бүгүн саҕаламмыт “хард” түһүмэххэ учууталлар саҥа технология оборудованиетын кытта билсэллэр. Робототиэхиньикэ, промышленнай дизайн, 3Д-проектирование, гео-информационнай технология, Python (пейтон) тылынан программирование, VR/AR (дополненная реальность) үөрүйэхтэрин ылаллар.
“Кванториум” үлэһиттэрэ этэллэринэн, урут, холобур, физика учууталын иннигэр чопчу сыал турара: бу садаачаны маннык ньыманан оҕону суоттуурга үөрэтии. Бэлэм эппиэттээх. Аны билигин оҕо садаачаны ханнык баҕарар ньыманан суоттуохтаах, сүрүнэ, ону сөпкө дакаастыахтаах.
Учууталлар “мозговой штурм”, ТРИЗ (теория решения изобретальных задач), рефлексия ньымаларынан үөрэппиттэрин чиҥэтэллэр. Түмүгэр бырайыак оҥорон, презентация көрдөрөллөр.
Билигин “трудовиктар”, салгыы математика, информатика учууталлар кууруһу барыахтара. Биллэн туран, “трудовик” учуутал маны ылынарыгар ыарахан буолуо, ол эрээри “труд” да уруогар 3Д-моделирование, ЧПУ-лаах станок киирэн, саҥа технология туһаныллыахтаах.
“Кванториум” үлэһиттэрэ үөрэтии методикатын онлайн-үөрэҕин бары барбыттара, онон учууталлар сөптөөх билиини ылан, тыа сирин оҕолоро сайдалларыгар усулуобуйаны тэрийиэхтэрэ диэн эрэнэбит, — диир салайааччы Светлана Дьячковская.
Ааптар: Таисия Алексеева