Биһиги Чурапчы оройуонун Мугудай нэһилиэгин биир тэнийбит аҕа ууһуттан төрүттээх Семён Павлович Сивцев диэн аҕалаах уонна Чурапчы оройуонун Хоптоҕотуттан төрүттээх Домна Афанасьевна Сивцева (Лаврова) диэн ийэлээх колхуостаах ыалга 11 оҕо төрөөбүтүттэн 7 оҕо ордон улааппыппыт. Онтон 5 улахаммыт сэрии сылын оҕолоро этэ. Сэрии кэмин сут, кураан. көһүү, аччыктааһыны билэн улааппыттара. Аҕаны харах уулаах сэриигэ атааран, сэрии кэннинээҕи тиийиммэт-түгэммэт олоххо олорон, кыра эрдэхтэриттэн олоҕу сыаналыырга, үлэҕэ үөрэммиттэрэ. Аҕабыт сэриигэ ыӊырыллан баран, доруобуйата мөлтөҕүнэн трудовой фроӊӊа икки сылтан ордук сылдьан кэлбитэ. Ийэбит бу сылларга сут. кураан буолан, Нам Арбыныгар көһүүгэ биэс оҕотун илдьэ сылдьан, доярканан үлэлээбитэ. Бу кэмӊэ биир биэс саастаах кыыс оҕото ас-таӊас, көрүү-харайыы тиийбэтиттэн ыалдьан өлбүт. Онтон көһөн дойдуларыгар кэлэн, кураан сыллар ааһан, арыый ама буолан үлэ үөһүгэр түһэллэр. Улахан убайбыт. Дмитрий Семёнович уончатын ааһан эрэр оҕо оҕус сиэтиитэ эӊин быстах үлэлэргэ үлэлиирэ үһү.
Аҕабыт эдэр сааһыгар, 1952 сыллаахха, ыалдьан өлбүтэ. Ийэбит сэттэ оҕоҕо тулаайах хаалбыта. Улахан уола Миитэрэй Х-с кылааска үөрэнэрэ, кыра уол, Хаппытыан биир сааһын эрэ ааспыт уол этэ. Байбал сэттэтигэр сылдьара. Онон ийэбит барахсан үтүө дьулуурунан, күүстээх санаатынан, хараӊаттан хараӊаны ыпсаран, элбэҕи үлэлээн, сүүрэн-көтөн биһигини атахпытыгар туруордаҕа. Аҕабыт кыайан өрүттүбэтин билэн баран: «Оҕолорбут үөрэҕи ылыах курдуктар, онон төһө кыайаргынан үөрэттэрэ сатаар», – диэн бэйэтэ кыайан, толорбот буолбут ыра санаатын эппит. Ону ийэбит толорбута: түөрт оҕотун үрдүк, үһүн орто анал үөрэхтээх дьон оӊортообута. Улахан үс оҕо үөрэнэ, ыал буолан туһунан барыталаабыттара. Биһиги түөрт кыра оҕо огдообо ийэ кыһалҕалаах олоҕун эппитинэн-хааммытынан билэ улааппыппыт. Кыра сааспытыттан тугу кыайарбытынан үлэлиирбит: оттук маһы кэрдэн, тиэйэн аҕалыы, чуурка гына эрбээһин, хайытан дьиэҕэ киллэрии, иһэр ууга анаан муус ылан, тиэйэн таһааран, сааһылааһын, онтон күннэтэ дьиэҕэ киллэрии, туттар ууну кыһынын хаар баһан уулааһын, сайынын балай эмэ ыраах сиртэн хастыыта даҕаны кырынан биэдэрэн уу баһыыта, сүөһү көрүүтүгэр көмөлөһүү, дьиэ иһинээҕи, таһынааҕы үлэ кыракый санныбытыгар сүктэриллэрэ. Ити этибиллибит үлэлэртэн ыарахан өттүн аҕалаах оҕолор толорбот үлэлэрэ. Арыый обургу убайбыт Сеня батыһыннаран, тыаҕа дьиэни отторго анаан куруӊах мас кэрдэн, эрбээн, долгучуок оӊорон, акка эбэтэр оҕуска тиэйэн киллэрэрбит. Үксүгэр убайдарым Сеня, Байбал бараллара, сороҕор миигин, Байбал суох буоллаҕына, көмөлөһүннэрэ илдьэрэ. Кэлин Хаппытыан арыый да улаатан, мин оннубар кини көмөлөһөрө. Онно Сеня 14-15 саастаах уол куруӊах маһы үөл мастан араарары, хас хардыыны хардыылаан, долгучуок гына эрбиири үөрэппитин өйдүүбүн. Ол долгучуоктары аны Сыарҕаҕа тиэйэр күүстээх буолуохха наада. «Убайым Сеня билэр, кыайар да эбит» дии санаабыппын өйдүүбүн. Оннук бэйэҕиттэн улахаттары убаастыы үөрэнэр эбиппит. Биирдэ даҕаны бэйэ-бэйэбитин кытта кыыһырсан айдаарсарбытын өйдөөбөппүн. Билигин санаатахха, бэйэҕиттэн аҕа саастаах убайыӊ дуу, эдьиийиӊ дуу эппитэ мөккүөрэ суох сокуон буолар эбит. Оскуолаҕа кыра кылаастарга үөрэнэр кэмнэрбитигэр күтэр, моҕотой тириитин туттарарга түһээн түһэрэллэрэ. Өлөрөн, сүлэн, маска тиирэн хатаран, маҕаһыыӊӊа таһааран туттарарбыт. Оччоҕо аҕыйах харчы, квитанция биэрэллэр. Ол харчыны ийэбит ас атыылаһарыгар эбии гынара. Онон олус кыһанан туран хапкаанынан күтэри бултаһарбыт, моҕотойу эккирэтиһэрбит. Сарсыарда эрдэ туран, Байбал биһиги капкаан көрө барарбыт. Биирдэ оннук сылдьан, кэлин атаҕыттан туттаран, тыыннаах олорор күтэргэ түбэспитим. Өлөрөөрү сордоннум аҕай. Маһынан охсон өлөрөөрү гынабын, илиим олох барбат. Күтэрим тииһин ырдьата-ырдьата утары охсуһа кэлэр. Онтон куттанарбын да, аһынарбын да билбэтим, санаабынан өлөрүөхтээхпин диэн кыһаллабын да, кыайан охсубаппын. Сүрэҕим тэптэ, уӊуоҕум, сүһүөҕүм салыбыраата аҕай. Оннук муӊнана турдахпына, убайым кэлэн, саӊата-иӊэтэ суох, маһынан күтэри охсон өлөрөн баран, сып-сап хапхааныттан арааран, саӊаттан иитэн кэбистэ. Ити кэнниттэн кыра киһи, мин кыайбаппын кыайар убайбын хайдах убаастыам, тугу эппитин толоруом, истиэм суоҕай?!
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар учууталларбыт үчүгэй буоланнар, чиӊ билиини ылбыт эбиппит диэн куруук махтанааччы. Маӊнайгы учууталын, Мария Прокопьевна Захарованы уонна кини кэргэнин, саха тылын учууталын Иван Еремеевич Саввины, биһиги дьолбутугар Мугудайга кэлэн олорон, үлэлээн ааспыттар эбит диирэ. Байбал алтыс, сэттис кылааска үөрэнэр сылларыгар Саха Государственнай Университетын саӊардыы бүтэрбит эдэр учууталлар: биолог Егор Егорович Сивцев, физик Светлана Ванипатьевна Курчатова (Барашкова), математик Константин Константинович Романов биһиги оскуолабытыгар педагогическай үлэлэрин саҕалаабыттара. Ити сыллартан саҕалаан интириэһинэй тематическэй биэчэрдэр ыытыллан, оҕолору онно кытыннаран, сайыннаран, санааларын көтөхпүттэрэ, билиилэрин дириӊэппиттэрэ. Математикаҕа, биологияҕа, химияҕа учууталларбыт көмөлөрүнэн викториналар бэлэмнэнэн ыытыллаллара. Егор Егорович Сивцев салайыытынан юннатскай куруһуок үлэлиирэ. Пришкольнай учаастакпыт улахан сири хаһан, акылааттаах, түннүк эркиннээх, үрүттээх, түөрт муннугар түөрт оһохтоох теплицалаах, икки сиргэ балай эмэ улахан учаастактаах этэ. Муус устартан дьуһуурустуба быһыытынан оһохтору оттон, теплицабытын сылытан, арассаадабытын олордорбут. үөрэх кэнниттэн үлэ бөҕө буоларбыт. Атын оҕолор үөрэх кэнниттэн оонньууллар, биһиги үлэлиибит. Оҕуруот үлэтэ куруук үгүс сүгэр-көтөҕөр үлэлээх. ону ол диэбэккэ, саас эрдэттэн сайыны быһа үлэлиирбит. Илиибитинэн баһан уу кутуута, сыыс ыраастааһына, эбии аһатыы элбэх үлэни эрэйэрэ. Егор Егорович араас уоппуттары оӊоттороро. Закалкаламмыт сиэмэттэн үүммүт, араас суол уоҕурдуунан кутуллан үүнэр үүнээйилэри кэтээн көрөрбүт. Күһүн үөрэх саҕаламмытын кэннэ уруоктарбыт бүттүлэр да, аһыы түһээт, оҕуруоппутугар барарбыт. Хомуйар, атын да үлэбит элбэх буолара. Байбал хас да сыл үлэлээбитэ. Онтон мин түөрт сыл үлэлээбитим. Күһүнүн киһи сөҕөр үүнүүтүн хомуйарбыт. Ситиһиибит оройуоӊӊа эрэ буолбакка, республикаҕа юннаттар ситиһиилэрин быыстапкатыгар миэстэлэһэн, грамоталары ылаттыырбыт. Чыпчаал түмүгүнэн 1961 сыллаахха Москва куоракка Бүтүн Союзтааҕы норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар (БСНХБ) үүнээйилэрбит кыттан, хоту тымныы кыраай үүнээйитэ буолан, биһирэбили ылбыттара буолар. Ол түмүгэр БСНХБ экспертнэй хамыыһыйата махталы биллэрэр 5442 №-дээх свидетельствота баар. Манна үлэлиирбитигэр 15 солкуобайдаах буолунай интернат паегун аӊарын сайыӊӊы ыйдарга биэрэллэрэ. Ону ийэбит биһигини илдьэ сылдьан ыларбыт уонна наһаа элбэх бородуукталаммыт курдук үөрэрэ. Биһиги олох улахан туһалаах дьон курдук дьоһумсуйарбыт, үөрэрбит. Кэлин улаатан истэхпит аайы от үлэтигэр үлэлиирбит. Аны санаатахха, биир да күн сынньаммакка үлэлиирбит дуона суох төлөбүрдээх буолар эбит.
Байбал оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар араас тэрээһиннэргэ барытыгар актыыбынайдык кыттарара. Оскуола, нэһилиэк, оройуон иһинэн ыытыллар спортивнай күрэхтэһиилэргэ: волейболга, 100-400-800 миэтирэҕэ сүүрүүгэ, ыстаныыга, хайыһарга ордук ситиһиилээхик кыттара. Физкультура учуутала, Григорий Николаевич Оконешников оҕолору кытта тэӊнээхтэрин курдук, оонньоһо сылдьан дьарыктыыра мэлдьи үчүгэй түмүктэрдээх буоларын туһунан астына бэлиэтиирэ.
Оскуола кэнниттэн тута аармыйаҕа барбыта. Үс аӊаар сыл мотуруостаан кэлбитэ. Бэйэтин кыанар буолан, үчүгэйдик сылдьыбытын туһунан кэпсиир этэ. Бу сылларга биһиги бииргэ улааппыт буолан, уопсай табаарыстарбыт, билэр оҕолорбут элбэх этилэр. Онон ол оҕолор сонуннарын: ким ханна үөрэнэ киирбитин, ханна үлэлиирин, хайдах сылдьарын туһунан суруйар этим. Билэр дьоммут туһунан хаһыакка суруллубутун, атын туох сонун баарын оройуон, республика хаһыаттарыттан кырыйан ылан ыытарым. Сурук кэллэҕинэ эрэ эппиэттээн буолбакка, солуну биллим да суруйан иһэрим. Онон миигиттэн чаастатык, элбэх сонуннаах суруктары тутарын иһин махтанар этэ. Уһуннук дойдутуттан тэйэн, соҕотоҕун сылдьар диэн аһынар этим. Бииргэ үөрэммит уолаттарыттан төрдүө буолан, бииргэ түбэһэн сулууспалаабыттара. Онно тэӊнии саныырым уонна туоххаһыйыытын кыччата сатыырым. Мин оскуоланы бүтэрэн, дьүөгэлэрбин кытта «оскуола- производство-үрдүк үөрэх», – диэн путевканан Төлөй Дириӊэр бэһиэ буолан ньирэй көрө, ыанньыксыттыы тахсыбыппыт. Арай биир ахсынньы аам-даам тымныыта түһэн турдаҕына, хотоммутугар ньирэйдэрбитигэр от уга сырыттахпытына, мотуруоскай таӊастаах киһи киирэн кэлбитэ. Өйдөөн көрбүтүм: арай убайым Байбал турар эбит. Улааппыт, эр киһилии көрүӊнэммит. Үөрүүбүттэн эккирии түһэн баран, сүүрэн кэлэн кууһан ыллым. Убайым даҕаны балтым хотон таӊастаах диэбэтэ, кууһан ылла. Байбал сынньана түһэн баран, үлэлээтэ. Кулун тутар ыйтан Чурапчы райкомолун путевкатынан, обкомол тэрийбит бэлэмнэнии курсугар киирэрбитинэн биһигини үлэбититтэн босхолоотулар. Онон Дьокуускай куоракка улахан убайым Дмитрий Семёнович дьиэтигэр аҕам балтын оҕолрунаан, киирэн олорон, 29 №-дээх оскуолаҕа бэлэмнэннибит. Шуралыын биһиги бииргэ үөрэнэн, бииргэ ньирэй көрбүппүт. Байбаллаах Миитээ эмиэ бииргэ үөрэммиттэрэ, иккиэн сулууспа кэнниттэн этилэр. Убайбыт СГУ физмат факультетыгар преподователлиирэ. Томскай куоракка идэтинэн үрдэтинэр үөрэххэ барбыт кэмэ буолан, биир хостоох квартираҕа бэйэбит эрэ олорбуппут. Илдьэ кэлбит харчыбытын сотору бүтэрэн кэбиспиппит. Көрдөөммүт да диэн дьоммут ордук харчылара суоҕун билэр буоллахпыт дии. Онон убайдарбыт, эр дьон быһыытынан, холтуура булан үлэлээн, аһыыр харчыбытын булаллара.
Үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан кыра сааһыттан үлэлии үөрэммит буолан, үөрэнии даҕаны, үлэ даҕаны бэйэттэн тутулуктааҕын билэр буолан үчүгэйдик үөрэммитэ. Кэлин үлэтигэр даҕаны оннук сыһыаннааҕа. Сэрии кэннинээҕи олох ыарахан кэмигэр элбэх оҕолоох аӊаардас ийэҕэ улаатан, олох сыанатын, ас, таӊас хантан кэлэрин билэ улааппыта. Олоҕун бэйэтин кыаҕынан тэриммитэ. Тугу барытын таба сыаналыыра. Кими да быһа-хото саӊарбата, дьоӊӊо-сэргэҕэ биллэ-көстө сатаабат этэ. Байбал аһыныгас, кыаммакка, кырдьаҕаска, көмөлөһөрө. Ордук ийэтигэр, бииргэ төрөөбүттэригэр истиӊ сыһыаннааҕа. «Киһилии киһи» буолан тахсыбыта.
Ханна да үлэлээбитин иһин сирдэрбэтэҕэ. Ааллаах Үүӊӊэ үлэлиир сылларыгар тэрилтэлэр икки ардыларыгар социалистическай куоталаһыы түмүгүнэн таһаарыылаах үлэтин иһин «Коммунистическай үлэ ударнига» диэн знагынан бэлиэтэммитэ. 1970 сыллаахха Улуу кыайыы 25 сыла туолуутун көрсөргө «Улуу Кыайыы 25 сыла» мэтээли Советскай Аармыйаҕа сулууспалаабыттарга биэрбиттэрэ. Онно сулууспалаабыппыт таах хаалбата диэн олус үөрбүтэ, киэн туттубута. Үлэтин үксүн, уһун сылларга СГУ-га үлэлээбитэ. Ордук уһуннук медфак, кэлин мединститут научнай чинчийэр секторыгар үлэлээбитэ. Манна да үлэтигэр сирдэрбэтэҕэ. Наукаҕа үлэни үрдүк таһымӊа таһаарбыта диэн бииргэ үлэлээбиттэрэ билинэллэр. Сыралаах үлэтин сыанабыла «Үрдүк анал үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ» диэн аат эриллибитэ буолар. Бииргэ үлэлиир дьонун ахтыыларыттан быһа тардыылары киллэрэбин.
“Медицинскай институтка наука олус балысханнык сайдыбыта. Кандитатскай. докторскай диссертациялары көмүскээһин дьыалалара-куолалара Павел Семёнович илиитин иһинэн ааспыттара. Медицинскэй институтка кини үлэлиир кэмигэр 35 киһи докторскай, 158 киһи кандитатскай диссертацияны көмүскээбиттэрэ. Эттэххэ эрэ дөбөӊ, боростуой курдугун иһин, кумааҕы дьыалата чуо-бааччы буолары ирдиир. Ону медицинскэй институт научнай салаатын сүрүн специалиһа Павел Семёнович кэмигэр ыпсарыылаахтык толороро”. (ХИФУ МИ доцена медицинскай наука кандидата. РФ анал үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ. СР доруобуа харыстабылын туйгуна. СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ В.Т.Андросов ахтыытыттан).
“СГУ урукку ректора. Ит Түмэн урукку спикерэ, бөдөӊ политик Василий Филиппов быстах кэпсэтиигэ манныгы этэн турар: «Мин ректорынан үлэлиирим саҕана оӊоһуллубут ситиһиилэр бу убайдарбыт Павел Семёновичтаах өӊөлөрүнэн ситиһиллибиттэрэ. Мин, ол саҕана университет ректора, Павел Семёнович кабинетыгар толло-толло киирэр этим», – диэн. Павел үлэтин иһин В.В. Филиппов эппитин курдук дириӊӊик убаастыыллар эбит этэ”. (Быраата. табаарыһа Д.Ф. Хойутанов ахтыытыттан).
“ХИФУ научнай библиотекатыгар үлэлии сылдьан, Павел Семёновичтыын бииргэ тэрээһиннэри ыытар этибит: информация күнэ, специалистар күннэрэ диэн преподавателлэргэ, аспираннарга. научнай сотрудниктарга уонна студеннарга анаан. Павел Семёнович кимиэхэ туох информация наада буолара суруллубут испииһэктээх буолара. Испииһэгэр факультета, кафедрата, специальноһа, наукаҕа ханнык теманы интириэһиргиирэ барыта суруллубут буолара. Ол быһыытынан биһиги наадалаах литератураны, бэйэбитигэр суох буоллаҕына, Павел Семёнович заявкатынан Москва уонна ССРС атын да библиотекаларыттан сакаастаһан ыларбыт. Учуонайдар. преподователлэр бириэмэлэрэ суох диэн. кинилэр бириэмэлэрин харыстаан маннык дьаһанара. Элбэх литератураны бэйэтэ хасыһан була сатыыра. Литературабыт бэлэм буолла да, туһааннаах дьонугар биллэрэн иһэрэ. Онон туһаммыт дьонноро Павел Семёновичка кинилэр тустарыгар олус хасыһыылаах, сыралаах үлэтин иһин махтаналлара”. (Анатолий Петрович Семенов ХИФУ научнай библиотекатын главнай библиотекарын ахтыытыттан.)
Кэлин сааһыран. хараҕынан көрөрө мөлтөөн үлэтиттэн уурайан. СГУ-га баһаарынай отдел аһылларыгар тэрийээччинэн анаабыттара. Саӊа тэриллэр отдел үлэлиэхтээх тускулларын кини суруйан, дьыалаҕа түһэрэн үлэлэппит. Бииргэ үлэлиир дьоно билигин даҕаны уларыппакка үлэлии сылдьалларын туһунан махтанан ахталлар.
ХИФУ ректора А.Н. Алексеев Павел Семёновиһы ыӊыран ылан, ХИФУга саӊа тэриллибит баһаартан сэрэхтээх буолуу үлэтин тэрийсэргэ диэн салайар талааннаах киһини үлэҕэ ылбыта. Үлэлии кэлээт, үлэлиир сирин оӊостубута. Баһаартан куттала суох буолуу систематын бырайыактаан оӊорбуттарын ректор биһирээн. государственнай программаны, сокуоннары, правовой нормативнай актары киллэрэн, үлэлээн барбыттар. Объектарга баһаарынай сигнализация, түргэн диспетчерскэй сибээс. видеонаблюдениялары киллэрбиттэрэ. Үлэтиһиттэригэр үлэлиир сирдэрин дьиэтиттэн материал аҕалан тупсаран. оӊорон биэрбитэ. Бары биир санаанан үлэлиир коллектив оӊорбутун үлэһиттэрэ олус иһирэх махталынан ахталлар.
Бииргэ алтыһан сылдьыбыт дьоно бары Байбалы үрдүктүк сыаналыыллар. Үчүгэй доҕор, табаарыс, бастыӊ сүбэһит, салайааччы буоларын бэлиэтииллэр. Оҕо эрдэҕиттэн кыайар-кыайбат үлэлээн, үлэни хайдах гынан чэпчэтиэххэ сөптөөҕүн, хайдах үлэлээтэххэ үлэ таһаарыылаах буоларын толкуйдуу үөрэммит киһи. Ханна да үлэлээтэр кыһамньылаахык, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, дьону бэйэтин тула тарпыта, элбэх махталларын ылбыта. Убайым Байбал «Киһитэ киһитэ» буолбут эбит диэн сыаналыыбын.
Үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан тапталын, Мария Васильевна Степанованы булан, ыал буолбуттара. Мариятынаан олус иллээхтик, эйэлээхтик, таптаһан, убаастаһан олорбуттара. Кини Мариятыттан ордук дьахтар суоҕар бигэ эрэллээҕэ. Ону кини Орто Дойдуга кэлэн олох олороругар сирдээҕи дьолунан, Үрдүк айыылар үтүөкэн бэлэхтэринэн ааҕабын. Мариятыгар анаан 50 сааһын туолар үбүлүөйүгэр олус истиӊник олоҕор кини көстүбүтүн дьылҕатын бэлэҕинэн ааҕарын эӊин бэйэлээх тылларынан сценарий суруйан остуолун мин кэргэммэр, Иван Егоровичка итэҕэйэн ыыттарбыта. Кэлин Мариятыгар анаабыт хоһоонугар Владимир Корякин – Индигирскэй мелодия суруйбут. Бэйэтин айар кэнсиэригэр ыллаабыт. «Бу саӊа ырыам тылын суруйбут поэт, Павел Семенович Сивцев манна кэлэн олорор. Сценаҕа таҕыс эрэ»,- диэн сценаҕа таһаарбыт. Кэнсиэр кэнниттэн миэхэ эрийэн: «Мин поэт аатырдым»,- диэн үөрэн кэпсээбитэ. Элбэх араас хоһооннору суруйбутун өлбүтүн кэннэ булан аахпыппыт. Олус сэмэй буолан, хоһоон суруйабын диэбэт, ааҕан да иһитиннэрбэт этэ. Үбүлүөйдэргэ эҕэрдэ суруктарын олус кичэйэн үчүгэй ис хоһоонноох, хомоҕой алгыс тыллаах гына суруйара.
Кэргэниттэн, оҕолоруттан, сиэниттэн күнэ-ыйа тахсара, кинилэринэн эрэ тыынар курдуга. Оҕолоругар сыһыана олус харысхаллаах буолара. Сиэнин Иришаны олох ис иһиттэн ууллан туран таптыыра. Иришатын туһунан кэпсииригэр сирэйдиин сырдыыра. Оҕолорун олохторун уйгутугар олус кыһаллара. Дьон олоҕун устатыгар биир эмэ дьиэни туттар буоллахтарына, Байбал 7-8 дьиэни тутунна. Эдьиийбит Анастасия Семеновна кэргэнэ Егор Петрович тутууга үлэлиир кэмигэр кэлэн, аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн баран, кинилэргэ олорон тутууга үлэлэспитэ. Инньэ гынан, дьиэ тутарга үөрэммитэ. Хас дьиэтин туттаҕын аайы күтүөтүгэр Егор Петровиһы ыӊыран прорабтатара уонна дьиэ тутарга үөрэппитигэр махтанар этэ. Туппут дьиэлэрин сороҕун атыылаан, оҕолоругар таас дьиэҕэ квартира атыыласпыта, даача дьиэлэрин туппута. Ол курдук оҕолоро олорор уйаларын ситэртээтэ.
Аймахтарыгар сыһыана олус истиӊ кыһамньылаах буолара. Мария Васильевналыын икки өртүттэн элбэх ахсааннаах бииргэ төрөөбүттэрин оҕолорун үрдүк үөрэххэ киирэллэригэр бэйэлэригэр олордон, баарынан-суоҕунан үллэстэн, аһатан-сиэтэн көмөлөһөллөрө. Үөрэнэр кэмнэригэр сороҕун, уопсайга тиксибэтэх өртүн бэйэлэригэр олордоллоро. Уопсайга олорор өртүлэрэ өрөбүллэригэр кэлэн дьиэ аһын аһаан, сүбэ-ама ылан бараллара ама туохха тэӊнэһэр абырал буолуой! Бу элбэх киһиэхэ бэриллибэт хаачыстыба. Мин улахан уолум Георгий үксүн кинилэргэ олорон үөрэммитэ. Мин оҕолорум, атын да аймахтарын оҕолоро Байбал диэн кимиэхэ да биэрбэт, туохха да атастаспат күндүтүк саныыр киһилэрэ. Тиһэх суолугар атаарарга «сыа-сым» курдук тутан, көмөлүсүһэн кистээбиттэрэ. Онон убайбын Байбалы «Киһилээх киһи», – эбит дии санаатым.
Ытыктыыр, убаастыыр, таптыыр убайым, Павел Семенович Сивцев, сэрии кэмигэр төрөөбүт оҕо буолан, олох араас эриирин-мускуурун көрбүт киһи. Онон орто дойдуга кэлбит аналын толорбут саха биир дьоһун-мааны киһитэ.
Балта, Федора Семеновна Борисова,
үлэ ветерана, СР доруобуйа харыстабылын туйгуна,
Мэӊэ-Хаӊалас улууһун Төӊүлү нэһилиэгин
бочуоттаах олохтооҕо.