Биһиги быйыл 4-с кылааһы бүтэрээри сылдьабыт. Учууталбыт аата Саргылана Семеновна Кривошапкина. Оҕолор бары араас куруһуоктарга сөбүлээн дьарыктанабыт.
Ол курдук, «Фольклор эйгэтэ», «Роботландия» уо.д.а. Уолаттар ордук сөбүлээн «Эдэр дизайнер» диэн куруһуокка дьарыктанабыт. Бу куруһуогу Мотрена Афанасьевна Никитина салайан ыытар. Бастаан кини биһигини оригаминан оҥоһук оҥорорго үөрэппитэ, онтон уһанарга үөрэтэн киирэн барбыта.
Былырыын ийэлэрбитигэр, эбэлэрбитигэр телефон уурар подставка оҥорон бэлэхтээбиппит. Кыргыттар оҕуруонан симэх оҥостубуттара. Быйыл эт кырбыыр дуоска оҥорон ийэлэрбитигэр, эбэлэрбитигэр Ийэ күнүгэр бэлэхтээн үөртүбүт. Бу чиэппэргэ хамыйахха аны ылсан эрэбит. Кэбээйигэ биллэр уус Алексей Иванович Иванов биһиэхэ эмиэ көмөлөһөр. Мотрена Афанасьевна лобзигынан быспыт элбэх оҥоһуктаах. Урут араас дьиэ кыылларын, көтөрдөрүн иитэрэ.
Биһиги Мотрена Афанасьевнаҕа уонна Алексей Ивановичка махтанабыт. «Юный дизайнер» куруһуокка олус сөбүлээн сылдьабыт.
Евдор Лепчиков, 4-а кылаас, Кэбээйи орто оскуолата.