Уһун айантан сылайан, өссө да утуйуох баҕалаах киһи, сарсыарда харахпын хайа тардаат, тэрээһин буолар сиригэр — Ньурбатааҕы Оҕо научнай-техническэй киинигэр кэлэн, аактабай саалаҕа киирэн олордум. Тулабар оҕо бөҕөтө. Айдаан-куйдаан, саҥа-иҥэ…
Өссө тугу эрэ кэпсиэхтээхпин… Барыта түҥ-таҥ курдук буолан ыллым. Өйүм-санаам хомуллубакка, ситэри уһуктубакка олордохпуна, арай… гитара тыаһа дуорайда, барабааҥҥа оҕустулар, синтезаторы тыаһаттылар, ырыа ылланна. Хайдах эрэ сүргэм көтөҕүллэ түстэ уонна уһуктан кэлбиккэ дылы буоллум.
Өйдөөн көрбүтүм, кыргыттар эбит… уонна икки ардыларыгар соҕотох ыллыыр уоллаахтар. Икки кыыс нарын-намчы санныларыгар бэрт ыйааһыннаах электрогитаралары иилинэн оонньуу тураллар, өссө биирдэстэрэ барабааҥҥа охсо олорор уонна клавишницалаахтар.
Мааны дорҕоон санаабын күүркэттэ, үөртэ, устунан үҥкүүлүөх сэниэм киирдэ. Итинник сэргэхсийэн хааллым уонна көтөҕүллүбүт санаалаах күнү быһа сырыттым.
Тэрээһиннэрбит этэҥҥэ ааһан, киэһэлик бу ыллаабыт оҕолору көрдүү бардым. Ханна эрэ үөһэ муусука иһиллэргэ дылы. Тахсаммын көрдүм…
“Амака” “Кэскилэ”
Кыргыттар төрдүөн биир сиргэ түмсэн олороллор. Онтон билбитим, уолбут диирим – учууталлара Манчаары Григорьевич Ксенофонтов эбит!
Манчаары Григорьевич бэйэтэ кыра эрдэҕиттэн муусуканы истэн, сэҥээрэн улааппыт киһи. “Кино” бөлөҕү ордорор буолан, рокка дууһатынан чугас. Аан бастаан гитараҕа үөрэммит, онтон кыра-кыралаан атын тэриллэргэ оонньоон саҕалаабыт.
Хобби оҥостубута киниэхэ сыыйа үлэҕэ кубулуйан астына, үөрэ-көтө, дуоһуйа айар-тутар. Маннык дьиҥ бэриниилээх идэлээхтэн таһаарыылаах үлэ тахсара биллэн турдаҕа.
Бэйэтэ “Амака” бөлөххө бас гитараҕа оонньуур буолан, төрдүттэн хайдах буолуохтааҕын, ким тугу гыныахтааҕын билэр. Оҕолор бөлөхтөрүн аата “Кэскил”, ол аата бу “Амака” бөлөх кэскилэ буоллун диэн алҕаабыттар.
Кыргыттар эбит дуу?
Икки сыл анараа өттүгэр, оҕолору муусукаҕа уһуйаары, Манчаары Григорьевич уолаттары түмэн, “Кэскил” рок-бөлөҕү олохтообут. IX-XI кылаастар буолан, хомойуох иһин, сорохторо үөрэхтэрин бүтэрэн, тарҕаһан хаалбыттар.
Онтон, арай, саҥа үөрэх дьыла саҕаланыыта, хаһан да гитара диэни туппатах, билбэтэх оҕо киирэн кэлбит.
– Бастаан кыыс кэлбитигэр соһуйа санаабытым ээ. Онтон олох даҕаны икки кыыс эбии киирбитэ. Ыйыталаспытым – бииргэ үөрэнэр, алтыһар кыргыттар эбит. Баралларыгар-кэлэллэригэр бэйэ-бэйэлэригэр атас-доҕор буола сылдьаллара үчүгэй буоллаҕа дии.
Рок эйгэтиттэн ыраах соҕустара, Корея ырыаларын истэллэрэ быһыылаах. Билигин тыыннаах доҕуһуоллаах муусуканы истэ үөрэннилэр, сөбүлээтилэр.
Уонна бэлиэтээн көрбүтүм – кыргыттар ордук ылыналлар, түргэнник үөрэнэллэр. Билигин ыллыыр кыыһы була иликпит. Бэйэлэрэ ыллыах курдуктар эрээри, бэлэмнэрэ суох, – диир Манчаары Григорьевич.
Кыргыттар дьарыктаммыттара быйыл иккис сыллара. Бу кэм устата рок ырыалары истибэтэх оҕолор, номнуо үс ырыаны үөрэппиттэр.
Үөрэх кэнниттэн…
Барабаанньыт Валя Семенова олус тэтимнээхтик, ис дууһатын ууран туран охсоро биллэр. Оттон гитаралаахтар Вилена Андреева (бас) уонна Хаарчаана Плотникова (ритм) киһи сүргэтин көтөҕөр гына оонньууллара чопчу. Мичийээнэ Буслаева – “клавишница” – ситиһиитэ баһаам.
Кыргыттар үөрэхтэрин кэнниттэн үөрүүнэн дьарыкка кэлэллэр. Бары бэйэ-бэйэлэрин билсэр, бииргэ үөрэнэр буоланнар үлэлэһэргэ судургу.
Репетицияларын көтүппэккэ сылдьыахтаахтар. Тоҕо диэтэххэ, барыта ыһыллан, кэнники былааҥҥа хааллаҕына, туох да тахсыа суоҕа…
Маннык бөлөҕү түмэн үөрэтэр олус ыарахан. Манчаары Григорьевич араас интэриэстээх, дьарыктаах оҕолору биир сомоҕо оҥорон, иннин диэки хардыылата турара кэрэхсэбиллээх.
“Амака” “Кэскилэ” кэскиллээх, кыргыттар биллиини-көстүүнү, кыайыыны-хотууну аҕалыахтара буоллаҕа.
Айаана ТРЕТЬЯКОВА.
Василий ПАК түһэриилэрэ.
Ньурба.