Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгин профессор Г.П.Башарин аатынан орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын нэдиэлэтин иһинэн, учуутал Л.С. Сивцева көҕүлээһининэн, үгэскэ кубулуйбут «Аман өс» тыл этии күрэҕэ ыытылынна. Бу күрэхтэһиигэ орто сүһүөх уонна үрдүкү кылаас уолаттара эрэ кытталлара ирдэнэр.
Тылынан күрэх – бу улахан эппиэтинэс. Онон эрдэттэн бэлэмнэнэн, олунньу 15 күнүгэр эр бэрдэрэ күөн көрүстүбүт.
Үс киһилээх дьүүллүүр сүбэ олус болҕойон истэн, элбэх ыйытыылары биэрдэ. Хоруйдарбыт эмиэ туһунан сыаналаннылар. Бу сүбэҕэ бэтэрээн учуутал Е.А. Аянитова, сынньалаҥ киинин дириэктэрэ С.С. Ноговицын, нэһилиэк библиотекатын библиотекара А.В. Аммосова үлэлээтилэр.
Кыттааччылар олус интэриэһинэй, оруннаах (актуальнай) тиэмэлэргэ тыл эттилэр. Ол курдук, Саха сиригэр Сомоҕолоһуу, түмсүү, оттон Россияҕа Театр сылларыгар, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, уол оҕо инники кэскилигэр аналлаах тиэмэлэри арыйдылар.
Бастакы миэстэни ылбыт IX кылаас үөрэнээччитэ Алеша Нестерев “Сомоҕолоһуу күүһэ” тиэмэҕэ сомоҕолоһуу дьиэ-кэргэнтэн саҕаланарын, үөрэнээччилэр бары биир киһи курдук түмсэн, волонтерскай хамсааһыны тэрийэн, төрөөбүт түөлбэбитин ыраастааһынтан саҕалаан, элбэҕи кыайыахпытын-хотуохпутун сөбүн туһунан итэҕэтиилээхтик кэпсээтэ.
Орто сүһүөххэ бастаабыт Ганя Сивцев “От үлэтин чэпчэтии” тиэмэҕэ оту кэбиһэргэ аналлаах налба тэрил туһунан сырдатта. Бу ньыманы биһиги нэһилиэкпитигэр элбэх ыал туттан олус абыранна.
Уолаттар сомоҕолоһорбутугар кэлии омуктарга төрүт култуурабытын тарҕатарга үлэлэһиэхтээхпитин (Никитин Павлик, VII кыл.), Дьокуускайга Арчы дьиэтигэр эр дьон өрөбүл аайы арчыланан, ыраастанан, өйдүүн-санаалыын ырааһыран, эр дьон быһыытынан норуокка хамсааһын оҥорон эрэллэрин ылынан, бэйэбитигэр киллэриэхтээхпитин (Афоня Макаров, Х кыл.) сүбэ курдук эттилэр.
“Г.П. Башарин дьаныһан үөрэнэн, наука чыпчаалыгар тахсыбытын, чулуу олимпиецтарбыт Р.Дмитриев, П.Пинигин, А.Диодорова, Г.Балакшин уо.д.а. систиэмэлээхтик дьарыктанан, кыайыы өрөгөйүн билбиттэрин, кинилэртэн тулуурдаах, дьаныардаах буола үөрэниэххэ”, — диэн ыҥырда Прудецкай Айтал, Х кылаас үөрэнээччитэ.
Тохсус кылаас үөрэнээччитэ Владик Трофимов “Уол оҕо – норуот кэскилэ” тиэмэҕэ уол оҕо иитиитигэр аҕа сүрүн оруолу ыларын тоһоҕолоон эттэ.
Вася Жирков (Х кыл.) эбээтэ Дария Гаврильевна Жиркова, эһээтэ Василий Митрофанович Жирков, кинилэр кыра уоллара Рома Чурапчы норуодунай театрыгар сүрүн оруоллары оонньуур артыыстар буолан, үгүс ситиһиилэммиттэрин сырдатта. Аҕата уонна ийэтэ эмиэ билигин даҕаны испэктээкиллэргэ оонньуулларын, Вася бэйэтэ Чурапчыга үөрэнэ сылдьан, “Эмчэ” остуоруйаҕа Эмчэни оонньоон, “Бастыҥ эр киһи оруола” ааты ылбытын туһунан кэпсээн, сэҥээриини ылыан ылла.
Павлик Никитин,
“Кыраһа-пресс”,
Чурапчы улууһун
Сылаҥ Г.П.Башарин аатынан орто оскуолата.