Тыа сирэ – мин дойдум
Ыраас, чэбдик салгыннаах,
Күөх унаар халлааннаах
Сүрэхпэр өрүү тыыннах!
Ааптар
Тыа сирэ… Тоҕо билиҥҥи үйэ ыччата тыаҕа олохсуйбатый? Тыа сирин айылҕатын, сибиэһэй салгынын, чуумпутун киһи эрэ ордоруон сөп этэ даҕаны…
Сүүрбэ биирис үйэҕэ үөрэх-билии, техника сайдыыта олус тэтимнээхтик бара турар. Бу сайдыы барыта куораттарга, киин сирдэргэ тыа нэһилиэктэринээҕэр түргэнник тиийэр. Арааһа, ыччат тыа сиригэр олордоҕуна, сайдыыттан хаалар курдук сананара буолуо, ол иһин киин сирдэргэ талаһар. Холобур, мин тастыҥ убайдарым, эдьиийдэрим үөрэхтэрин бүтэрэн үлэһит буолан баран, дойдуларыгар төннүбэтилэр, эбээбинээн иккиэйэҕин эрэ олоробут, кинилэри бырааһынньыктарга эрэ көрөбүт. Оттон ыччата суох дэриэбинэҕэ туох сайдыыта кэлиэй? Биирэ биириттэн тутулуктаах буолан тахсар.
Сүүрбэ биирис үйэҕэ тыа сиригэр эдэр ыччат олохсуйуута улахан суолталаах сытыы кыһалҕа. Бу проблеманы биһиги Ил Дархаммыт быһааран, Саха сирин киин сирдэрэ эрэ буолбакка, кыра дэриэбинэлэрэ эмиэ олохтон хаалбакка сайдалларын туһугар үлэлиэхтээх. Быйыл республикабытыгар Доруобуйа сыла биллэриллибитэ куораты эрэ буолбакка, хас биирдии нэһилиэги тупсарыа диэн бигэ эрэллээхпин. Холобур, биһиги бөһүөлэкпитигэр билигин балыыһабыт амбулатория эрэ быһыытынан үлэлиир. Мин эбээм ыалдьан балыыһаҕа киирэр туруктаммытыгар, Бэрдьигэстээххэ илдьибиттэрэ, соҕотоҕун хаалбатын диэн миигин интернакка олохтообуттара. Тыа сирин сайдыыта куораттартан хаалсыбат буоллаҕына ыччат тоҕо олохсуйуо суоҕай? Тоҕо ыраас салгыннаах, туспа тэлгэһэлээх, киэҥ мас дьиэлэнэр оннугар сүүһүнэн киһи олорор таас дьиэтигэр баар квартираҕа олохсуйа сатыай?
Ыччат – кэлэр кэм кэскилэ. Ыччат баар буоллаҕына олох тупсар, сайдар, киэркэйэр. Ол гынан баран билигин эдэрдэр общество олоҕор кыттыспат, улахан оруолу оонньообот буоллулар. Тоҕо итинник буолла?
Биир өттүнэн ылан көрдөххө, ыччат саҥаҕа, үөрэххэ тардыһар, ол гынан баран билиилэрин-көрүүлэрин олоххо сатаан көдьүүстээхтик киллэрбэттэрэ, дьон туһатыгар таһаарбаттара улахан сыыһа буолар. Бэйэлэрин итэҕэстэрин билиммэккэ, ким эрэ кэлэн кинилэр олохторун тупсаран, дьаһайан биэриэхтээҕин курдук саныыллара сыыһаларын дириҥэтэр. Улааппыт дэриэбинэтэ ыччат олохсуйбатыттан күнтэн-күн, сылтан-сыл аастаҕын аайы иччитэхсийэн, уһуйаанын-оскуолатын оҕотун ахсаана аҕыйаан иһэрин туһунан эдэрдэр ама толкуйдаабаттара буолуо дуо?! Холобур, биһиги Солоҕоммутун ыччат хото олохсуйар сирэ диир кыахпыт суох. Оскуоланы бүтэрбит оҕолор бары кэриэтэ үөрэххэ киирэллэр, идэ ылан баран дойдуларыгар төннөн кэлбэттэр, тоҕо диэтэххэ үлэ миэстэтэ даҕаны, дьиэ-уот даҕаны көстүбэт. Ыччат тыа сиригэр олохсуйарын туһугар дьаһалта эрэ буолбакка, бары тэрилтэ араас үлэни ыытыан сөп этэ. Оҕо оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан төрөөбүт дойдутугар тус бэйэтэ хайдах туһалыаҕын толкуйдууругар, онно сөптөөх сатабыллаах, бэлэмнээх буоларыгар көмө, өйөбүл баара буоллар диэн санаа үөскүүр.
Дэриэбинэҕэ төһөнөн элбэх көхтөөх ыччат баар даҕаны, оччонон элбэх үөрүү-көтүү бу сиргэ үксүүр. Айылҕа сокуонунан эдэр дьон харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолар уруулара, этэҥҥэ олорон оҕолонуулара, дьиэ-уот тэриниилэрэ – барыта дэриэбинэ олоҕун сэргэхситэр, сайыннарар. Бары тэрилтэ үлэтэ тэтимирэр, далааһына кэҥиир. Историяттан холобурдуур буоллахха, сэрии кэнниттэн урусхалламмыт куораттары чөлүгэр түһэриигэ, дойдуга барытыгар суолталаах тимир суоллары тутууга ыччат туохха да тэҥнэммэт өҥөлөөх. Онон тыа сиригэр ыччат күргүөмүнэн олохсуйара буоллар дэриэбинэлэр, бөһүөлэктэр олохторун таһыма куораттартан хаалсыбат, өссө ордук буолуон сөп этэ.
Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ тоҕо биһиги тыа сиригэр олохсуйартан куотуна сатыыбыт? Тыа сиригэр олохсуйуоҕун баҕарар даҕаны ыччаты сыана ыарахана, өйөбүл суоҕа чаҕытар, ол иһин куоракка үлэ көрдүү диэн барар. Куоракка үлэ көһүннэҕинэ, сыыйа олохсуйан хаалар, ыал буолар, оҕо төрөтөр. Оҕотун куоракка төрөөбүт тылынан саҥарар уһуйааҥҥа, оскуолаҕа киллэрээри эрэй бөҕөтүн көрсөр, кыайан булбакка нууччалыы саҥалаах үөрэх кыһатыгар бирэрэргэ күһэллэр, үлэтиттэн быыс булан оҕотун төрөөбүт тылыгар үөрэппэккэ хаалар. Оҕо барахсан саха диэҕи сахалыы саҥарбат, нуучча диэҕи эмиэ табыллыбат, аныгылыы тылынан эттэххэ, маргинал буоларыгар тиийэр. Бу оҕо төрөөбүт тылынан суруйааччылар айымньыларын ааҕыахтааҕар, олоҥхону истиэхтээҕэр төрөппүттэрин даҕаны кытта кэпсэтэр кыаҕа суох буолар. Оттон төрүт дэриэбинэтигэр оҕо ахсаана аҕыйах буолан, оскуола сабыллар кутталланар.
Билигин тыаҕа саха төрүт дьарыгын, сүөһү иитиитин тутан олорор дьон үгүс өттө сааһыран эрэллэр. Кинилэр кэннилэриттэн сүөһү иитиитигэр эдэрдэр ылсыбатахтарына, саха төрүт дьарыга эстэр кутталлах. Оттон төрүт дьарыга суох омугу силиһин-мутугун сүтэрбит маска тэҥниэххэ сөп буолуо. Бу туһунан эбээбинээн хаһыаттары ааҕар буоламмын билэбин. Билигин ыччат тыа сиригэр олохсуйара, төрүт дьарыгы сөргүтэрэ саха норуотун инники сайдар кэскилигэр барытыгар улахан суолталаах.
Билигин тыа хаһаайыстыбата Саха сиригэр эстэн эрэр диэтэххэ улахан омуннааһын буолбата буолуо. Саха төрүт дьарыга – ынах-сылгы иитии билиҥҥи ыччаты кэрэхсэппэт. Эбээлэрбит-эһээлэрбит колхозтарга-совхозтарга тигинэччи үлэлии сылдьыбыт, ийэлэрбит-аҕаларбыт кыралаан кэтэх сүөһүнү тутан олорбут эбит буоллахтарына, биһиги көлүөнэбититтэн сүөһү ииттэр санаалаах киһи баара биллибэт. Билигин кэлэн ыччаты былыргы курдук тыа үлэтигэр сыһыарар кыаллыбата да буолуо дии саныыбын. Соторутааҕыта Ленскэй биир хотонугар 100 тыһыынча хамнастаах ыанньыксыт наада диэн биллэрии тахсыбыт этэ. Оччо улахан хамнаска дэриэбинэ иһигэр үлэлиэн баҕалаах киһи көстүбэтэх. Ол аата ыарахан үлэни кыайар, сатыыр эппиэтинэстээх үлэһити булар уустук.
Ыччат үрдүк үөрэхтэнэн, идэлэнэн баран дойдутугар төттөрү кэлиэхтээх. Оччоҕуна эрэ Сахабыт сирэ сайдыа дии саныыбын. Манна биир сүрүн санаа: оҕо оскуоланы бүтэрээт хаалара буолбакка, идэлээх үлэһит буолан кэлэрэ суолталаах. Оскуоланы бүтэрээт дойдутугар хаалбыт ыччат дэриэбинэ дьадаҥы араҥатын эрэ үксэтэр кыахтаах. Оттон билигин тыа сиригэр олорор сааһырбыт дьон бэйэлэрин кэмнэригэр үгүс үлэни үлэлээбиттэрэ, дойдуларын туругурдубуттара. Аныгы кэмҥэ тыа сирин олоҕун сайыннарыыны кинилэртэн күүтэр сыыһа. Туох барыта бэйэтэ кэмнээх-кэрдиистээх буолар. Мин эбээм сэрии кэмин оҕото буолан олус тулуурдаах, үлэһит. Хаһан даҕаны быар куустан олорбот. Аҕыйах сыллаахха диэри сүөһүбүтүн көрөн кэлбитэ. Олох кыайтарбат буолбутугар эрэ эһэргэ күһэллибитэ.
Ханнык түбэлтэҕэ ыччат тыа сиригэр олохсуйуо, сүөһү ииттиэ этэй? Аныгылыы технологиянан тутуллубут киэҥ хотон, үлэ кэнниттэн суунарга-тараанарга анал хааччыллыы, үрдүк хамнас, өрөбүл күн… Маннык түбэлтэҕэ, баҕар, ким эрэ үлэлии-олохсуйа хаалыа этэ. Ол эрээри Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар маннык хотон барыһа суох дииллэр. Сылы быһа күөх сайын турар дойдуларыттан эт-арыы чэпчэки сыанаҕа кэлэ турар, оттон саха ынаҕын этин-үүтүн харчыта кыһыны быһа сиэбит отун даҕаны сабар кыаҕа суох. Үп-харчы, барыс туһугар буолбакка, норуот кэскилин-инникитин туһугар сүөһү иитиитэ өйөнүөхтээх. Быйылгы 35 тыһыынчаны “көмө” биэрэр буолбуттара эмиэ тоҕо эрэ дьону соччо үөрдүбэтэ, ол харчы тоҕо эрэ толору кэлбэт, алҕас ынах өлөн-сүтэн хаалар түбэлтэтигэр ыстараап төлүөхтээх сууммалара быдан улахан, көмө ылбыттар үүттэрин 10 эрэ солкуобайга туттарарга күһэллэллэр…
Дойдутугар үөрэхтэнэн-идэлэнэн төннүбүт ыччат эрэ тыа сирин сайдыытын саҥа кэрдиискэ таһаарар кыахтаах. Дьиҥэ, үлэһит уонна олоххо көхтөөх сыһыаннаах киһи куоракка-тыаҕа олорбутуттан тутулуга суох тулалыыр эйгэтин тупсара сатыахтаах. Тыаҕа даҕаны аныгы кэмҥэ толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олоруохха, сынньалаҥы кэрэхсэбиллээхтик тэрийиэххэ, спордунан дьарыктаныахха сөп. Ылсыахха, санааҕынан кыайыахха эрэ наада.
Степан Ефремов “Куорат кыыһа” пьесатыгар куорат кыыһа Маня оччотооҕу эдэр дьонтон хаалсымаары тыаҕа үлэлии тахсан элбэххэ үөрэнэрэ, киһи быһыытынан сайдара ойууланар. Оттон билиҥҥи куорат ыччата тыаҕа үлэлии тахсыа этэ дуо? Күүстээх өйдөтөр үлэ ыытылыннаҕына, ыччат романтикаҕа тардыһыытын уһугуннардахха, баҕар, эдэрдэр тыа сиригэр тахсыа да этилэр.
Тыа сирин олоҕун наука хараҕынан көрөн, сүөһүнү көрүү, үрүҥ аһы харайыы технологиятын сайыннарыыны ылсарбыт буоллар. Оскуолабытыгар оҕолор дакылааттарын истибиппит. Мин үүт састаабын, хараллыытын туһунан Ванесса Степанова дакылаатын сэргии истибитим. Ол үлэни өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” конференцияҕа эмиэ кэрэхсээбиттэр этэ.
Олоххо көхтөөх эдэр дьон тыа сиригэр олохсуйдахтарына, республикабыт сайдыытын тэтимэ күүһүрүө этэ дии саныыбын. Маны өйдөөн сорох ыччат араас хайысханан бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлээн-хамсаан эрэр. Кинилэр дьиэ кэргэннэрин хааччыйалларын таһынан биир дойдулаахтарыгар үлэ миэстэтэ таһаараллар, атыттарга үтүө холобур буолаллар.
Түмүкпэр, ыччат тыа сиригэр олохсуйуута улахан суолталааҕын бэлиэтээн туран, үрдүк үөрэҕи бүтэрээри сылдьар тыа сириттэн төрүттээх оҕолору ыҥырыам этэ: төрөөбүт дойдугутугар төннүҥ, күүскүтүн-кыаххытын, өйгүтүн-санааҕытын ийэ сиргит сайдыытыгар анааҥ!
Мария Потапова,
С.И.Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын
10 кылааһын үөрэнээччитэ.
Варвара Николаевна Угарова 80 сааһыгар анаммыт
Горнай улууһугар 4-с төгүлүн ыытыллыбыт суруналыыстыка күрэҕин кыттыылааҕа.
Салайааччы: Туйара Александровна Тарасова,
төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ учуутала.