Мин аатым Габышев Тимофей. Хаҥалас улууһун Кыһыл Үрүйэ орто оскуолатын бэһис кылааһын үөрэнээччитэбин. Мин элбэх оҕолоох Габышевтар дьиэ кэргэннэрин улахан оҕолоро буолабын. Бииргэ төрөбуттэр үһүөбүт: балтым Кира үһүс кылааска үөрэнэр, кыра балтым Мия түөрт саастаах уһуйаан иитиллээччитэ. Аҕам Александр Иванович нэһилиэкпит ЖКХ-тын үлэһитэ, ийэм Алена Агитовна уһуйааҥҥа иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир.
Биһиги дьиэ кэргэн иллэҥ кэммитин айылҕаҕа атаарарбытын олус сөбүлүүбут. Күһүн буоллун, сайын буоллун, айылҕалыын алтыһан, сынньанан, бириэмэбитин атаарабыт. Сайынын ийэм дьонугар Үөһээ Бүлүүгэ баран оттуубут, сир астыыбыт. Эбээлээх, эһэм ынах, сылгы, куурусса иитэр буоланнар кинилэргэ көмөлөһөбүт. Балтыларым кууруссалары, ньирэйдэри бүөбэйдииллэр, мин аҕабынаан, эһэбинээн оттуубун.
Тыа сиригэр олорор, сарсыарда эрдэ таһырдьа тахсар, сибиэһэй салгынынан тыынар, ийэм оҥорбут күөрчэҕин сиир, доҕотторбунаан сөтүөлүүр, көҥүл таһырдьа оонньуур миэхэ туохтааҕар да күндү.
Габышев Тимофей,
Кыһыл Үрүйэ орто оскуолатын V кылааһын үөрэнээччитэ, Хаҥалас