Порталбытыгар Тускул Иванов Новосибирскай университетын сайыҥҥы оскуолатын фантастика бырайыактарын куонкуруһугар иккис төгүлүн кыайбытын туһунан таһаарбыппыт. Бу сонун өрөспүүбүлүкэ атын да сайтарыгар баара. Ол эрээри, ханна даҕаны Тускул Иванов бэйэтин туһунан суруйбатахтар этэ. Онон бүгүн Тускул Ивановы кытта кэпсэтиибитин эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.
— Тускул, ханнык оскуолаҕа үөрэнэҕин? Сөбүлүүр уруоктарын?
— Мин Өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-лиссиэй X кылааһыгар үөрэнэбин. Химия, математика, физика уруоктарын ордоробун.
— Новосибирскайдааҕы государственнай университет иһинэн үлэлиир киин (СУНЦ) сайыҥҥы оскуолатыгар сылдьан тугу биллиҥ, эбинниҥ?
— СУНЦ сайыҥҥы оскуолатыгар иккис сылбын сырыттым. Олус интэриэһинэй лекциялары иһиттим. Учуонайдарын таһыма таһыччы үрдүк эбит, ордук математика уонна химия бэридимиэттэрин үчүгэйдик үөрэтэллэр.
— Фантастика бырайыактарын хаһааҥҥыттан интэриэһиргиир буоллуҥ?
— Бу лааҕырга, үгэс быһыытынан, фантастика бырайыактарын куонкуруһа ыытыллар. Маннык куонкурус баарын былырыын тиийэн баран билбитим, кыттарга быһаарыммытым. Былырыын Уһук Хоту дойдуга күнтэн үлэлиир электростанция бырайыагынан бастаабытым. Быйыл стратосфераҕа ыытыллар стратостаттар нөҥүө сибээһи олохтуурга этии киллэрэн, эмиэ кыайбытым. Билигин сибээс спутник нөҥүө олохтонор. Стратостат нөҥүө сибээс спутниктааҕар барыыстаах.
— Аны 10 сылынан олоххо туох саҥа киириэй?
— 10 сылынан Саха сиригэр гаас, уот сыанатын чэпчэттэххэ, улахан ситиһии буолуо этэ. Биһиэхэ оҥорон таһаарар тэрилтэ (производство) аҕыйах. Онон сир баайын өссө көдьүүстээхтик туһаныахха наада. Холобур, муус “призмалары”. Аны электроэнергияны күнтэн, тыалтан ылар наадалаах. Ол кэмҥэ хас биирдии дьиэ “автономнай” буолуо. “Өйдөөх дьиэ” диэн ааттанар. Электричество, Интернет боробуота суох ньыманан нэһилиэктэн нэһилиэккэ тиэрдиллэр буолуо. Уонна неби, гааһы нэһилиэнньэҕэ түҥэтэр өҥөнү оҥорор улахан компаниялар салайааччылара аһары элбэх хамнастаналларын бобуохха наада.
— Үөрэхтэн ураты туох дьарыктааххын? Ааҕаргын сөбүлүүгүн дуо?
— Үлүһүйэр дьарыгым — теннис, волейбол. Кинигэни электроннай көрүҥүн туһанабын, араас тиэмэлээх айымньылары ааҕабын. Хотугу норуоттар остуоруйалара элбэххэ үөрэтэллэрин бэлиэтиибин. Кыра сылдьан, бэйэм кэпсээни суруйарга холонор этим.
— Холобур оҥостор киһилээххин дуо?
— Холобур оностор дьоммунан эһэм Семён Ильич уонна аҕам Джулустан Семёнович Ивановтар буолаллар. Аҕам инженер идэлээх, В.П.Ларионов аатынан Сибиирдээҕи физика-техническай чинчийэр институт үлэһитэ. Мин сайдыыбар дьонум сабыдыаллара олус улахан.
— Тыа сирин оҕолоругар тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Тыа оскуолатын сайдыытын, кыһалҕатын туһунан бу саас Ил Дарханы кытта көрсүһүүгэ ыйытан турабын, ону: «Кыра оскуолалар сабыллаллар, оҕолор улахан оскуолаларга үөрэниэхтэрэ, оччого сайдыы барыа»,— диэн хоруйдаабыта. Ол эрээри бу этиини кытта быһаччы сөпсөһөр кыаҕым суох. Тыа оскуолаларын өйүөххэ наада.
— Новосибирскай университетын сайыҥҥы оскуолатыгар хайдах киириэххэ сөбүй?
— Олимпиада түмүгүнэн ыҥырыы кэлэр, төлөбүрэ 42.000 солк. Олимпиаданан кыайан киирбэтэхтэри дистанционнай кэпсэтии (собеседование) түмүгүнэн ылыахтарын син. Манна эмиэ хапсыбатаххытына, “вольнослушатель” быһыытынан 75.000 солк. төлөөн киирэр эмиэ суол баар. Маны таһынан, бырайыаһы төрөппүт эмиэ бэйэлэрэ уйунар. http://www.education.nsu.ru/letka/ сайтка барыта сурулла сылдьар.
— Бэйэҥ туох идэлээх киһи буолуоххун баҕараҕын?
— Эдэр ыччаты иитиинэн дьарыктаныахпын баҕарабын. Үөрэҕирии салаатыгар үлэлиэм.
Ааптар: Таисия Алексеева