“Северяночка” уһуйааҥҥа бэлиэ түгэн буолла. Бүтүн Арассыыйатааҕы айылҕаны харыстыыр социальнай, үөрэтэр бырайыак чэрчитинэн ситимнээн ыытыллар, «Эколята-дошколята» кэккэтигэр киирии тэрээһин, биһиги оҕолорбутугар ыытылынна.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ оҕолорго, айылҕаны харыстыыр остуоруйа героя Елочка кэлэн ыалдьыттаата. Кини оҕолорго бэйэтин доҕотторун Тихоняны, Шалуну уонна Умницаны кытта билсиһиннэрдэ. Елочка уонна Шалун оҕолорго элбэх таабырын, айылҕаны харыстыырга араас оонньуулары оонньоттулар. Оҕолор ойуурга баран бөх хомуйдулар, балыктарга ууларын ыраастаатылар, тииҥнэргэ хаһаас хомуйдулар. Чыычаахтарга аһыыр сир оҥорон ас кутан биэрдиэлэр уонна дьиэлэригэр эмиэ оҥостуох буоллулар.
Оҕолор айылҕаны харыстыырга андаҕар биэрдилэр. Айылҕаны, кыыллары, үүнээйилэри араҥаччылыы сылдьарга мэлдьи бэлэмнэрин эттилэр. Тихоня, Умница оҕолорго “Эколята-Дошколята” эмблематын, уһуйаан салайааччытыгар, Иванова Мария Гаврильевнаҕа, уһуйаан бырайыак кыттыылааҕа буоларын туһунан туоһу сурук туттардылар.
Түмүккэ, оҕолор “Эколята молодые защитники природы” гимн ырыатын ыллаатылар. Тулалыыр эйгэни оҕо саастан харыстыырга, араҥаччылыырга үөрэтэр инники өттүгэр кэскиллээх тэрээһин. Айылҕа кэрэтин кэрэхсиир, дьоһун-мааны дьон буола улаатыахтара диэн бигэ эрэллээхпит.
Татьяна Ивановна Егорова,
“Северяночка” уһуйаан иитээччитэ,
Ньурба.