Бу түбэлтэни миэхэ оҕо эрдэхпинэ эбэм кэпсээбитэ. Кини өссө кыра эрдэҕинэ бу дьулаан кэпсээн Саха сирин тилийэ көппүт. «Хайа оройуоҥҥа, ханнык нэһилиэккэ чопчу буолбутун умнан кэбистим. Сэрии бүтэһик сылларыгар эбитэ дуу, сэрии бүттэҕин утаатыгар этэ дуу… Биир колхуоска биэс-алта сулумах кыргыттары ыраах алааска субай сүөһү көрүүтүгэр кыстата ыыппыттар», — диэн эбэм кэпсээнин саҕалаабыта…
Кинилэргэ отторун-мастарын дьаһайар биир оҕонньору сыһыарбыттар. Кырдьаҕас кэлэ-бара сылдьыбыт. Аҕыйах хонук олороллоругар барытын бэлэмнээн баран, киин сиргэ ол-бу наадаҕа барар эбит. Биирдэ үс хонуктаах сүөһүлэрин аһын, оттор мастарын хааччыйан баран, дэриэбинэлээбит.
Арай киэһэ кыргыттар чэйдээри олордохторуна, бүтүннүү түү таҥастаах, барыта кырыа буолбут биэс-алта эр бэрдэ киирэн кэлбит. Сүппүт үөрдэрин көрдүү сылдьар сылгыһыт уолаттар эбит. «Күнү быһа сиргэ сылдьан, сылайдыбыт, аччыктаатыбыт. Иттэн, чэйдээн ааһаары киирдибит», — диэбиттэр. Эдэр дьон билсэн, күө-дьаа кэпсэтэн, остуолга олорон бииргэ аһаабыттар. Онтон ким эрэ «Хаартылыаххайыҥ», — диэн этии киллэрбит. Үөрэ-көтө остуол тула олорон, хаартылаан барбыттар. Оонньуу саамай үгэнигэр арай биир кыыс хаартыта сиргэ түһэн хаалбыт. Кини ону ылаары төҥкөйөн, остуол аннын өҥөйбүтэ… доҕоор! Уолаттар бука бары атахтарын оннугар туйахтаах буолан биэрбиттэр! Кыыс дэлби куттаммыт, сирэйэ кубарыйан хаалбыт. Ол эрээри туох да диэн саҥарбатах, кутталын биллэрбэтэх. Сотору соҕус буолан баран, уолаттар «Чэ, биһиги барыахпыт, айаммыт уһун», — диэн быраһаайдаһан, тахсан барбыттар. Ол барааттарын кытта били кыыс сүүрэн тиийэн, ааны хатыы охсубут. «Ити уолаттар — илэ абааһылар! Атахтара суоҕа, ол оннугар барыта туйах этэ», — диэн кэпсээн биэрбит. Эмискэ сылгылар кистээн дьырылаппыттар, балаҕаннарын тула туйах тыаһа дьыбарга ынырыктыйан иһиллибит. «Ити кэпсээбит кыыһы биһиги илдьэ барабыт! Таһаара охсуҥ эбэтэр барыгытын сиэхпит!» — диэбиттэр. Кыыс эрэйдээх дьүөгэлэриттэн «Биэримэҥ», — диэн көрдөһө-ааттаһа сатаабыт. Уҥуохтара халыр-босхо барбыт кыргыттар сүбэлэһэн баран, сиирэ-халты таҥаһын саба быраҕаат, кинини таһырдьа аспыттар. Кыыстара биирдэ эрэ сарылаан хаалбыт. Сарсыныгар таһырдьа тахсан көрбүттэрэ, ат туйаҕыттан ураты туох да суол суох эбит.
Кэлин санаатахпына, бу түбэлтэ дьиҥнээхтии буолбут да эбит буоллаҕына, манна ханнык да абааһы кыттыгаһа суох. Биир бэйэм икки көрүүлээхпин. Бастакыта: кыыс — өлөрүөхсүт дьүөгэлэр сиэртибэлэрэ. Кыргыттар туохха эрэ тыл тылга киирсибэккэ, этиһии-охсуһуу саҕаламмыт. Ол түмүгэр биирдэстэрин алҕаска дуу, соруйан дуу, өлөрөн кэбиспиттэр. Тыаҕа таһааран кистээбиттэр уонна «үһүйээн» айбыттар. Иккиһэ: уолаттар чахчы кэлэ сылдьыбыттар, кинилэр дэһэнтиирдэр. Сэрииттэн куотан, дьон булан тиийбэт сирдэригэр кыстыыр уораҕайдаммыттар. Кыргыттар баар сирдэрин эрдэттэн үөрэтэллэр, оҕонньор барарын маныыллар. Биир кыыһы илдьэ бараары эрдэттэн тэринэн, оҥостон кэлэллэр. Атахтарын «туйахтарын» эмиэ. Ыстаан эбэтэр этэрбэс иһинэн оҥостуохтарын сөп (уһуллар, кэтиллэр гына) уонна биллэрбэккэ остуол аннынан уларытан кэбиһэллэр.
Онтон эн, күндү ааҕааччы, бэйэҥ көрүүгүн биһиэхэ суруйан ыыт: keskil_online@mail.ru (для сайта диэн бэлиэтээн баран).
Хаартыска: Интернеттан.
Ааптар: Ондьук сиэнэ