Тохсунньу ый 4-8 күннэригэр В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар Дорҕоон Дохсун салайааччылаах «Барҕа» ааптарыскай бырагыраама иһинэн үлэлиир «Кудай Бахсы» — «Күөсчүт» бырайыага ыытылынна.
«Кудай Бахсы» оскуолаҕа кыһыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр сылын аайы ыытыллар. Инники сылларга үөрэнээччилэр тимиринэн, муоһунан уһанарга үөрэммит эбит буоллахтарына, быйыл туойунан иһит-хомуос, харысхал оҥорорго уһуйулуннулар.
Оҕолору туойунан уһанарга олохтоох маастар, учуутал Петр Александрович Петров үөрэттэ. Туһалаах маастар-кылаастарга Анна Александровна Петухова салайааччылаах 5-в, Александра Романовна Гаврильева салайааччылаах 9-а кылаас уолаттара дьарыктаннылар.
Бырайыак салайааччыта Дорҕоон Дохсун:
— Күөсчүт диэн саха төрүт дьарыга, идэтэ буолар. Күөсчүт — туойтан күөс иһитин оҥор дьарыктаах уус киһи. Сахалар өбүгэлэрбититтэн утумнаабыт төрүт дьарыкпыт эппитигэр-хааммытыгар, өйбүтүгэр-санаабытыгар кистэнэн иҥэн сылдьар. Ону уһугуннаран, сөргүтэн үгэһи үйэтитэргэ, кэнчээри ыччаты уһуйарга тоҕоостоох кэм кэллэ.
Вова Черкашин, Стас Сергучев, 5-в кылаас үөрэнээччилэрэ:
— Биһиги каникулбутун олус туһалаахтык атаардыбыт. Туойунан үлэлииргэ үөрэннибит. Чороон, кытыйа, харысхал оҥордубут. Бастаан туойу ыраастыыллар, уу кутан убаталлар, аҕыйа мүнүүтэ туруора түһэн баран туһаналлар. Иһит оҥорорго анал станогунан туһаныахха сөп эбит, эбэтэр илиигинэн сыбаан оҥороҕун. Олус элбэх ууну куппакка, көннөрү илитэ-илитэ эргитиэххэ наада эбит. Бэлэм буолбут иһити куурда түһэн баран, оһоххо уган буһаран ылабыт.
Ити курдук уолаттар төрүт дьарыгы сөргүтэр кэрэхсэбиллээх бырайыакка кыттан кыһыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атаардылар.
«Мэҥэбил» пресс-киин иһитиннэрэр.