Бэс ыйын 5-9 күннэригэр мин Улахан Ааҥҥа «Ayar home» сайыҥҥы сынньалаҥар сырыттым.
Бастакы күҥҥэ оҕолору кытта билсибиппит уонна оонньообуппут. Смузи уонна пончик астаабыппыт, мыылаттан пузырь таһаарбыппыт.
Иккис күҥҥэ пицца астаабыппыт уонна гиипсэттэн түөскэ кэтэр киэргэл оҥостубуппут. Онтон сарсыҥҥы күнүгэр эмиэ гиипсэттэн ракушка уонна мүөттэн бэчиэнньэ оҥорбуппут. Английскай тылынан оонньуулар буолбуттара.
Төрдүс күҥҥэ биһиги сыттаах арома-чүмэчи оҥорбуппут уонна араас өҥнөөх блины астыы үөрэммиппит. Учууталбыт химия уопуттарын көрдөрбүтэ, мин сөбүлээбитим. Уонна бүтэһик күҥҥэ Таҥара уола кылыйбыт сиригэр тиийэн, плов уонна торт астаан илдьэн сиэбиппит, барыбытыгар мэтээл уонна грамота биэрбиттэрэ.
Мин бу сынньалаҥы астынным. Дьиэбэр күн аайы араас оҥоһуктаах кэлэр этим, ийэм онтон олус үөрбүтэ.
Владик ГРОМОВ,
М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ.