“Сосновый бор” сынньалаҥ уонна чэбдигирии киинигэр “Кампус молодежных инноваций” “Цифровое поколение” симиэнэҕэ биһиэхэ бу күннэргэ араас интириэһинэй түгэннэр буола тураллар. Ол курдук алтынньы 14 күнүгэр киинэ-квиз күнэ олус сэргэхтик ааста. Тоҕус академияттан биһиги “LVL SIX” бастакы миэстэни ылан олус үөрдүбүт. Бу квесткэ араас киинэлэр, мультиктар түгэннэриттэн хаартыскалары, биидийэлэри, ону таһынан ханнык дьоруой саҥарарын астына таайдыбыт.
Баһаатайбытыттан Сардаана Эверствоттан аҕыйах боппуруос ыйыттыбыт: — Киинэ-квиз оҕолору хайдах түмэрий? – “Академияттан алталыы оҕо кытынна, ол иһин хамаанданнан үлэ буолар. Манна оҕолор бииргэ үлэлээн түмсүүлээх буоллаллар дии саныыбын”.
-Тоҕо бу тэрээһини киинэ тиэмэтигэр оҥордугутуй? “Киинэ эйгэтигэр элбэх интириэһинэй түгэннэр бааллар. Улаханныын кыралыын бары киинэни көрөрбүтүн сөбүлүүбүт. Элбэҕи билиэххэ да сөп, ол иһин уопсай тиэмэҕэ боппуруос оҥорон ыыттыбыт. Оҕолор киинэ эйгэтигэр интириэстээхтэрин көрдөрдүлэр, бары көхтөөх кыттыыны ыллылар”.
— Оҕолорго баҕа санаан? “Оҕолор манна элбэх доҕоттордонон, астына дуоһуйа үөрэнэн, сынньанан баралларын баҕарабын”.
Бу курдук, хас күн ахсын бөлөхтөрүнэн арааран баһаатайдарбыт күммүтүн араас тэрээһиннэринэн киэргэтэллэр, биһигини үөрдэллэр.
Валера Емельянов
Владислав Потапов
Майатааҕы №2-дээх орто оскуола
8 кылааһын үөрэнэччилэрэ