Анета ПОПОВА Өрөспүү- бүлүкэтээҕи лиссиэйи бүтэрэр. Кини “Тойон кыыл” киинэ айар бөлөҕүн кытта көрсүһүүгэ сылдьыбыта. Анета режиссер, сценарист, артыыстар тугу кэпсээбиттэрин суруммут уонна бэртээхэй матырыйаалы бэлэмнээбит. Ону кылгатан, сүрүнүн, сүмэтин талан таһаарабыт.
Киинэтэ оҥоруохха диэбитим ыраатта…
Эдуард НОВИКОВ, “То-йон кыыл” киинэ режиссера:
– Василий Васильевич Яковлев кэпсээнин ааҕан баран, наһаа сөбүлээбитим. Ол ырааттаҕа дии, билигин сылын да өйдөөбөппүн. Бу айымньынан киинэтэ оҥоруохха диэн продюсердарга этэн көрбүтүм, ким да өйөөбөтөҕө. Онтон 2015 сылга “Сахафильм” салалтата уларыйбыта. Дмитрий Дмитриевич өйөөн, киинэ таҕыста. Семен Никонович сценарийы биир ый суруйбута. Василий Васильевич кэргэнэ Клара Трифоновнаны, уола Николай Васильевиһы кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтэн, кинилэр көҥүллэрин ылбыппыт, – диэн киинэ айыллыбыт историятын билиһиннэрэр.
Мантан ордук айымньы суох
Семен ЕРМОЛАЕВ-Сиэн Өкөр, сценарист:
– Сценарийы суруйарбар маҥнай Василий Васильевич Яковлев “Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиитин” ааҕан баран, олох саллан, хайдахтаах курдук улуу айымньыны дьон, норуот өйдөөбөккө сылдьарын сөхпүтүм. Экранизациялыыр соругу туруоруммутум.
Мантан ордук кинематографияҕа чугас айымньы сахаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ, аҕыйах киһилээх, философскай, космическай диэххэ сөп. Биһиэннэрэ үлүгэр харчылаах, туох да элбэх массовкалаах буолаллар, – диэн санаатын үллэстэр.
Дьылҕа, Хотой уонна Ситиһии
Киинэ сүрүн геройа Зоя ПОПОВА, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Россия үтүөлээх артыыската:
– Мин итинник улахан ситиһиини хаһан да билбэтэх киһибин. Билигин да ситэ өйдөөбөккө олоробун.
Бу киинэҕэ кэлбиппин бөлүһүөктүөхпүн баҕардым. Дьылҕа хас биирдии киһини суруйан кэбиспитэ диэн баар быһыылаах. Маҥнайгы кууруска үөрэнэ сырыттахпына, артыыстары зоопаркаҕа илдьэллэр этэ. Онно тоҕо эрэ хотойу талбытым. Преподавателим: “Бу кыыл наһаа хамсаныылаах, тоҕо кинини таллыҥ?” – диэн сэмэлээбитэ. “Сирэйин-хараҕын, төбөтө хамсыырын сөбүлээтим”, – диэбитим.
Биир күн гримеркаҕа олордохпуна, Эдуард кэлбитэ уонна былаанын кэпсээбитэ. Кастинныыра буолуо дии санаабытым, павильоҥҥа киирбитим. Сценарийын эҥин эрдэ аахпытым. Степан миигин көрөөт, тута сирбитэ. Дорооболоһорун оннугар: «Оо, пахайбын да, иннэни сиэбит ыкка дылы буолаахтаан», – диэбитэ. Онтон кэнники сөбүлэһэн оонньообуппут.
Үлэлиир кэммитигэр балааккаҕа олорон, тымныыга, киһилии аһаабакка-сиэбэккэ сылдьан уһуллубуппут. Миигин ийэлэрин, эбэлэрин курдук санаан, наар көмөлөһөн тахсаллара. Тугум эмэ табыллыбатаҕына, Сэмэн Аманатов хайдах эрэ туман курдук көрөн кэбиһэрэ уонна киэр хайыһара. Эдуард эмиэ туох да диэн ыххайбата, көннөрү үөһэ тыынара, саҥата суох кытыы диэки хаамара. Оччоҕо тугу эрэ сатаабатым быһыылаах дии саныырым. Онтон эмиэ хос дубль бөҕө буолара.
Бу наһаа улахан таһымнаах фестиваль эбит. Москваҕа тиийэн баран, тыйаатырга хам хатанан олорон, алта киинэни көрбүтүм. Биһиэхэ тэҥнээтэххэ, кинилэр айылҕалара, устуудьуйалара лаппа ордук. Киинэлэрин хаамыыта бытаан баҕайы эбит. Санаарҕаатахтарына, табахтыыллар, суотабайынан кэпсэтэллэр, бултуу баралларыгар олороллор. Оттон биһиги Ыстапаанныын олорбот эбиппит. Киинэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри, биирдэ тохтоон көрбөккө, тугу эрэ гынан тахсар эбиппит. Эчи, үлэбит бүппэтиэн!
Артыыс хаһан да бэйэтин үлэтиттэн астыммат. Кириитиктэр олус дириҥник ырыталлар эбит. Ону истэн наһаа сөхтүм. Дьиҥнээх тыйаатыр дуу, киинэ кириитигэ дуу наада эбит. Оччоҕо сайдыахпыт этэ. Биһиги наар хайҕабылынан эрэ сылдьабыт.
«Бу киинэҕэ төһө гонорары ыллыгыт?» – диэн, баҕар, ыйытыаххыт. Ыйытааччылар да бааллар. Суох диибин, ону итэҕэйбэттэр ээ. Эдуард: “Киинэ прокаттаннаҕына, харчы баар буолуон сөп. Киинэбит салгыытын уһулуохтаахпыт, онно харчыбыт суох ээ”, – диир.
Москваҕа барар санаам олох суоҕа. Ону ити Сардаана «кутурукпар туос баайан баран, уот анньан кэбиспитэ». Москваҕа баран кэллим. Сардаанаҕа махтанабын. Эдэр дьоҥҥо кириисис аана мэһэй буолбатын. Бу айылаах таһымы түһэн биэрбэт курдук, оҕолор өссө хайдах сайдыахха, хайдах киинэлэри устуохха диэн сыаллаах-соруктаах үлэлээтиннэр, – диэн баҕа санаалаах.
Халлааммыт хараҥаран быыһаммытым…
Степан ПЕТРОВ, киинэҕэ сүрүн оруолу толорооччу:
– Киһи үйэтигэр биирдэ маннык дьол тосхойор дииллэрэ кырдьык эбит. Миигин бу киинэҕэ сирдээн аҕалбыт, икки сөкүүндэ да буоллар, маҥнай киинэҕэ көрдөрөн, онтон киинэлэргэ дуруускалаабыт киһим Прокопий Романович Ноговицын буолар. Хаартыскаҕа түһэрэн баран: “Эйигин киинэҕэ уһулларга ыытабын”, – диэн ыыппыта. Онтон сотору соҕус буолан баран, дуобаттыы олордохпуна, Эдуард Алексеевич, Прокопий Романович киирэн кэлбиттэрэ. Эдуард Алексеевич: «Чэ, бачча чыыһылаҕа куоракка киирээр», – диэбитэ.
“Дубль” диэн тыл баар эбит ээ. Тугу эппиттэрин сүгүн толорбоппун быһыылаах, ол аайы дубль: «Итинник тут, маннык тут…». Ол үрдүнэн сыыһа барыы туох да баһаам.
Саамай эрэйдээҕэ диэн, дьэ, биир мутугу сатаан оҥорботум. Куйуурум алдьанан хаалан, ол мутугу тосту тутан баран турабын. Ону Алексеевич этэр: “Бу мутугунан уйаны толкуйдуохтааххын. Кыра сылдьан, бу мутугунан быраҕан, хотой тутан иһэр маһын түһэртэрэн, уйатын ситэ оҥорторбокко, оҕолорун өлөрөҕүн”. Ону хайдах оҥорорбун толкуйдуу сатаан баран, испэр: «Маны оҥоруохтаахпын, ээ, маны быраҕыахтаахпын», – дии саныы-саныы, халлааны көрө турдахпына: «Ээ, стоп! Дубль!», – диэтилэр. Онтон бэһис дуу, алтыс дуу төгүлбэр ыксаан: «Бээ эрэ, Эдуард, кэбис, мин хараҕым кыараҕас, сирэйим бу олох истиэнэ». «Суох. Давай, делай», – диэтэҕэ үһү. Уонна төхтүрүйэн уһулан баран, халлааммыт хараҥаран, хата, онон быыһаммытым. Дьэ, итинник курдук көрүдьүөстэр бааллара.
Мин Бүлүү улууһугар, уһук Эдьигээн быыһыгар сытар Хаҕын нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Быйыл нэһилиэгим 100 сааһын туолла. Онуоха бу дьол тосхойон, киинэбит бастыҥ аатыран, кыайыыбын нэһилиэкпэр аныахпын баҕарабын. Миигин киһи гыммыт Хаҥалас улууһун II Дьөппөн нэһилиэгим дьонугар күүстэринэн аахсыйаны тэрийэн, кэнсиэртээн, харчы хомуйан, Москваҕа ыыппыттарыгар махталым муҥура суох.
***
Василий Яковлев «Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит» айымньытынан киинэ киэҥ эйгэҕэ таҕыста, биһирэннэ, ситиһиилэннэ. Билигин киинэни ситэри уһулар сорук турар. Күһүн «Тойон кыыл» сүрэхтэниитин кэтэһэ хаалабыт.
Анета
ПОПОВА,
XI кылаас,
Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй.
ХААРТЫСКАҔА: 1. Москватааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалын кыайыылаахтара.