«Тобуруокап оҕо сааһа» айар түһүлгэ Учуутал уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр аан бастаан ыытыллар.
Саха норуодунай бэйиэтэ Петр Николаевич Тобуруокап 2017 с. алтынньы 25 күнүгэр булчут Ньукулай Тобуруокап уонна Евдокия Ксенофонтовна дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кини оҕо сааһыттан норуо ырыаларын, сэһэннэрин сэргээн истэрэ, өйүгэр хатыыра. Бэйэтэ илиитинэн араас оонньууру, тэрили оҥороро, уус дьоҕурдааҕа. Дьоно Бүөтүрү Намынан, Куорамыкынан айахтаан, сүөһү биэрэн, ыалынан олордон, үөрэттэрбиттэрэ. Үөрэҕэр үчүгэй этэ, элбэҕи билэргэ-көрөргө дьулуһара, билиигэ тардыһара. Саха бэйиэттэрин айымньыларын үлүһүйэн ааҕара, нуучча классик суруйааччылары интэриэһиргиирэ. 12-14 сааһыттаан аны бэйэтэ хоһоон суруйарга холонон буолбута, 1934 сыллаахха бастакы хоһоонноро бэчээттэнэллэр.
Тобуруокап оҕо тапталлаах бэйиэтэ буолар. Оҕолорго аналлаах айымньыларыгар бэйиэт оҕо уйулгутун өйдөөн, тулалыыр эйгэҕэ сыһыанын толору арыйар. Оҕо санаатыгар, өйдөбүлүгэр сөп түбэһиннэрэн, олох көстүүлэрин быһаарар, ойуулуур. Оҕолорго аналлаах кинигэлэрэ : «Буукубалар мунньахтара», «Чаҥый чаҕаан», «Лыах», «Маҥан тиит», «Ытанньах герой буолбат», «Тиэргэннээҕи зоопарк», «Бурҕаллай», «Сиибиктэ», «Чабырҕах азбука», «Чыычаахтар күнү көрсөллөр», «Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр»,«Тыаҕа олорон», «Сайын ханна барабын?». Оҕо аймах сөбүлээн ааҕар хоһооннорунан «Улаатарым буоллар мин», «Эрдэ турбут оҕолор» буолаллар.
Бүөтүр Тобуруокап – буойун-бэйиэт. Кыһыл аармыйа кэккэтигэр 1942 с. ыҥырыллан, Сталинград фронугар 298-с дивизия стрелковай полкатыгар пулеметчигынан сылдьан өстөөхтөрү кытта кыргыспыта. 1943 с. сэрии толоонугар улаханнык бааһыран, дойдутугар төннүбүтэ. «Аҕа дойду улуу сэриитин» уордьанынан, «Бочуот знага» уордьанынан наҕараадаламмыта.
Тобуруокап — «музыкальнай” бэйиэт. Кини хоһоонноро ырыаҕа тахсымтыалар, сүһүөхтэрэ, рифмалара чочуллубут, чуолкай буоланнар, ырыа ритмигэр сөп түбэһэллэр, табыллаллар. Композитор Аркадий Алексеев кини хоһоонноругар айбыт «Мутукча сыта», «Күөх солко былааттаах кыргыттар», «Улахан тапталы умнумуох», «Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэнэрэ», «Күөгэһэр лабаалар», «Тула өттүм тула хаар», «Чэмэлиинэ», «Эйиигин кыыһырыа диэбэккэ», «Этимэ ый үөһэ устарын», «Ньургуһунна бэлэхтээ», «Ыччат ырыата», о.д.а. билиҥҥэ диэри уостан түспэккэ ылланаллар. Өссө да атын мелодистар айбыт ыарыалара элбэх.
Тобуруокап сатиристическай уонна юмористическай бэйиэт быһыытынан биллэр. Кини бу жанрга суруйбут айымньылара «Тыҥырахтаах тыллар» диэн кинигэҕэ хомуллар киирбиттэр. Холобур, «Өндөрүүскэ тиэтэйбэт».
Жанна Семеновна Иванова, Ороһу нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ:
— «Тобуруокап оҕо сааьа» тэрээһин бэйэтин тула оҕо эйгэтигэр үлэлии-хамныы, оҕоҕо аналлаах суруйааччылары тумэр. Тэрээһин торумун Ороһу орто оскуолатын иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччыта Кысылбаикова Татьяна Гаврильевна уонна нуучча тылын уонна литературатын учуутала, кыраайы үөрэтээччи Сардаана Николаевна Васильева иилээн-саҕалаан, олоххо киллэрэн эрэллэр. Тэрээһин чэрчитинэн кэтэхтэн оҕоҕо аналлаах суруйуулар, буктрейлердар, ойуулуктар, уруһуйдар күрэхтэрэ эрдэттэн балаһыанньалара ыытыллан, дьон-сэргэ хамаҕатык кыттар. Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар эбии үөрэхтээһин педагогтарын өрөспүүбүлүкэтээҕи форума ыытыллар, онно кэлбит ыалдьыттар Ороһуга сылдьан, кэрэхсэнэр сирин-уотун көрөн барыахтара диэн эрэнэбит. Өссө былырыын, Ороһу оскуолатын выпусниктарын көҕүлээһининэн, Тобуруокап айымньыларыгар олоҕуран уустар күрэхтэрэ ыытыллыбыта. Уопсайа биэс кыттааччы өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кэлэн, бэртээхэй үлэлэри хаалларан барбыттара. Ол үлэлэр билигин выпускниктар сквердэрин киэргэтэллэр.
Кэлиҥҥи быһаарыныынан, «Тобуруокап оҕо сааһа» тэрээһин нэһилиэк ыһыаҕын кытары биир ситимнээн ыытыллар буолла. Тоҕо диэтэххэ, дьон-сэргэ, кырдьаҕаһыттан оҕотугар тиийэ, ытыктыыр поэта Петр Тобуруокап идэтинэн учуутал уонна, чахчы да, үлэни өрө туппут киһи буолар.
Тэрээһин бэс ыйын 16 күнүгэр сарсыарда эрдэттэн кэлбит ыалдьыттары регистрациялааһынтан саҕаланар, салгыы ким баҕалаах 11 чааска диэри Нам, Балаҕаннаах ытык сирдэригэр, педагогика түмэлигэр экскурсиялыахтарын сөп.
Кэлбит ыалдьыттарга Ороһу дьиҥ айар талааннаах, үлэһит үтүөтэ дьон буоларбытын көрдөрөр араас хабааннаах быыстапкалар, түһүлгэнэн үгүс интэриэһинэй сатабыл кылаастара ыытыллаллара күүтэр. Ону таһынан ыһыах ыһар күн үгүс уоттаах-күөстээх тэрээһинэ, алгыстаныы, арчыланыы, оһуокай оонньуута,саамал кымыс утаҕа, үтэһэлээх этэ уонна Ороһу ыалдьытымсах дьоно эһигини куутэллэр!
Саргылаана Васильевна Гольдерова-Саргы Куо, поэтесса:
— Үөһээ Бүлүүгэ айан миэхэ өрүү да умсугутуулаах, ахтылҕаннаах буоллаҕа. Аҕам Василий Гольдеров — Ороһу Уола төрөөбүт дойдутугар,Ороһу нэһилиэгэр ыһыах чэрчитинэн ыытыллар «Тобуруокап оҕо сааһа » литературнай тэрээһиҥҥэ ыҥырыллан,төрүт дойдубар айаннаары бу куорсун анньына сылдьабын. Онтон Петр Тобуруокап ийэтэ Евдокия Ксенофонтовна уонна аҕам аҕата Баһылай Кустуктуурап бииргэ төрөөбүттэр. Онон эргиччи айыы хаан аймах ситимэ. Аҕам ийэтэ Ирина Федотовна Гольдерова ( Эбээ Өрүүнэ) өттүнэн эмиэ Үөһээ Бүлүүгэ аймах билэ дьонум элбэх. Оҕо сааспыттан Аммабар олорон эбэбиттэн Үөһээ Бүлүү диэн ырыых-ыраах да буоллар, олус үтүө дойду баарын остуоруйа курдук истэ улааппытым. Кэлин аҕам үбүлүөйдээх саастарыгар, таайым Петр Тобуруокап поэзиятын көмүс күһүнүгэр Үөһээ Бүлүүбэр тиийэн кэлэн, төрүт дойдубар элбэхтэ сылдьабын. Арыйабын Үөһээ Бүлүүбүн ийэ куппут- ийэ тылбыт биһиктэнэр эйгэтинэн, сахалыы олох салаллар саргытынан, айыы хаан аймах түбүрүөннээн олорор алгыстаах эйгэтинэн. Онтон саха народнай поэта Петр Тобуруокабы оҕо сааспыттан «Чычып чаабыттан»,»Ытанньах герой буолбат», «Улаатарым буоллар мин», «Билэр букваларбыттан» уо.да.атын айымньыларыттан, илэ чахчы кинини билбит- көрбүт курдук кэрэхсии,өйдүү улааппытым. Ол курдук оҕо саас чаҕаан сааскыта уонна Петр Тобуруокап оҕолорго анаммыт поэзията биир айыы ситимнээхтэр, биир алгыс эйгэлээхтэр. Билигин даҕаны саҥаттан саҥалыы кини дьикти минньигэстик иһиллэр,сахалыы тыл-өс илгэ тыынын иҥэрбит хоһооннорун арыйа ааҕабын.Тобуруокап айар далааһынын анаара сөҕөбүн, элбэххэ үөрэнэбин.
Раиса Георгиевна Крылатова, худуоһунньук, «Хотун Бүлүү» пааматынньык ааптара, скульптор Егор Крылатов кыыһа:
— Бүөтүр Тобуруокап оҕолорго анаан суруйбут элбэх остуоруйалара, хоһоонноро, кэпсээннэрэ кылгастар, өйдөнүмтүөлэр. Билигин сахалыы саҥарар оҕо олус аҕыйаата. Дьэ, бу кэмҥэ, оҕолоор, кытаатан элбэхтик сахалыы ааҕыҥ, бэйэ бэйэҕитин кытары кэпсэтиҥ. Таптыыр сахабыт тылын умнумаҥ. Кэлин улаатан баран, бэйэҕит оҕолоргутун сахалыы иитээриҥ. Бүөтүр Тобуруокап хоһооннорун, кэпсээннэрин ийэлэргит, аҕаларгыт, эбээлэргит, эһээлэргит ааҕан, истэн улааппыттара. Саха дьоно таптыыр суруйааччыта оҕо киһи быһыытынан сайдарыгар сүдү улахан оруоллаах.
Мария Петровна Менкярова, «Саха» НКиХ ойуулук уонна дубляж устуудьуйатын эрэдээктэрэ:
— Мин Тобуруокап хоһоонноругар улааппыт киһи буолабын, оҕолорбор эмиэ кини хоһооннорун ааҕабын, үөрэтэбин. Тобуруокап айымньылара оҕолорго тиийимтиэ, үөрэтэр-такайар суолталаахтар. Биир бастыҥ саха суруйааччыта мин биир дойдулааҕым буоларыттан куруутун киэн тутта саныыбын.
Аны ыһыах аастыпын кэннэ санаалартан
Б.С.Макаров, кыраайы үөрэтээччи, педагогическай үлэ бэтэрээнэ:
— Ороһуга бэртээхэй ыһыахха сылдьан, биир төбөнөн үрдээн кэллим. «Оҕо саас кустуга» быыстапка түһүлгэтэ баай ис хоһоонунан сөхтөрдө. Ороһулар төрүччүлэрин өрө тутан күүстээх үлэни ыыппыттарын түмүгэ кэпсээҥҥэ киирэр кэрэхсэбиллээх ыһыах буолла.
Бииртэн биир ураты экспонаттар элбэхтэрэ киһи эрэ болҕомтотун тардар гына көрдөрүлүннэ. Биир бэйэм Ороһуттан элбэх даҕаны саханы ааттатар, ааттаппыт дьон үөскээн, төрөөн олороллор, олорбуттар эбит диэн, ороһуларга кыттыһан, саха буоларбынан киэн тутта санаатым.
Ити курдук, мин туора киһи санаабыт буоллахпына, ороһуларга хайдахтаах курдук өрө көтөҕүллүү, түмүллүү, биир санааланыы олохтоммута буолуой!?
Сэдэх хаартыскалар, уруһуйдар, оҥоһуктар элбэхтэрэ даҕаны бэрт. Биир кэм тугу көрүөххүн, хантан саҕалыаххын билбэккэ, биир сиргэ холоруктанан хаалыах курдуккун.
Аны туран, итини барытын иилээччилэртэн биирдэстэрэ, биһиги киһибит Сардаана Николаевна буолбутуттан кистээбэккэ эттэххэ, киһиргэс кэмэлдьим күөдьүйтэлээри гыммытын, хата, халлаан сөрүүн тыаллаах буолан өрүкүйбүт төлөммүн намыратта. Биһиги кыраайы үөрэтээччилэр Сардааналаах буолан, ытыс үрдүгэр сырыттыбыт. Хата, түгэнинэн туһанан Сардаанаҕа махтаныым.
Үөһээ Бүлүү мэҥэ бэлиэтэ буолбут Хотун Бүлүү ааптардарыттан биирдэстэрэ Егор Николаевич Крылатов түһүлгэтэ киһи күннүктээн олорон көрөр, элбэх матырыйаалынан манчыыктаата. Манна Егор Николаевич 1960 сыллаахха Ороһу үлэһит дьонун мэтириэттэрин оҥортообутуттан ордон хаалбыт икки хартыыната баар. Бу ордубут хартыыналар дьылҕаларын сиһилии биллим. Ол курдук, Егор Николаевич оҥорбут мэтириэттэрин Ороһу кулуубун көстөр сиригэр ыйаан туруорбуттар. Дьокуускайтан кэлэ сылдьар делегация ол Ороһу дьонун галереятыттан иҥнибит: «Политбюро чилиэннэриттэн ордорон, ыйаан тураҕыт дуо?! Уларытыҥ!» — диэн толоос дьаһалы биэрбит. Ол түмүгэр хаарыан уруһуйдары сарай үрдүгэр уурбуттар. Инньэ гынан, уруһуйдар үрүө-тараа ыһыллар, алдьанар, сүтэр дьылҕаларын оҥорбуттар. Дьэ кыһыылаах.
Өссө биир билиим диэн Егор Николаевич хоһоонньут бэрдэ эбит. Аны «Күннэй» диэн хоһоонугар Николай Бойлохов матыып айан, ырыа гынан көтүппүтүн, оччотооҕу ычат олус сөбүлээн ыллыы сылдьыбыттаах эбит. Мин, муусукаҕа сыһыана суох киһи, иһиттэхпинэ, бэркэ табыллыт, киһи сүрэҕин ортотунан киирэр матыыптаах ырыа буолбут. Ол ырыаны нэһилиэк баһылыга Антонов А.В. олус истиҥник толорон үөртэ.
Быыстапка хас биирдии түһүлгэтин туһунан кэпсээтэхпинэ, аһара уһун буолууһу диэн манан бүтүүм.
Үчэһэлээх эт, босхо ис миинэ иһэн, быырпаҕынан утахпытын ханнаран баран, нэһилиэк балаҕаныгар тиийэн, Ороһу ыһыаҕын ыҥырыылаах ыалдьыттарын билсиһэр, санаа атастаһар тэрээһиннэригэр сырыттыбыт. Ыалдьыттар дьоннорун удьуордаан, бииртэн биир бэрт, бииртэн биир ураты дьон тахсан саҥаран-иҥэрэн, кэпсээн-ипсээн, талааннарын быктаран, бэрт астык көрсүһүү буолла. Дорҕоонноох хоһоон манна ааҕылынна, ырыа бэрдэ манна ылланна. Ытык ыалдьыт саха народнай суруйааччыта Миитэрэй Наумов:
—Намҥа Тобуруокапка аналлаах «Көмүс күһүн» диэн тэрээһин дьон сэргэ биһирэбилин ылан атаҕар турбут эбит буоллаҕына, аны Ороһуга «Оҕо саас кустуга» диэн тэрээһин сүрэхтэниитэ буолла. Саҕалааһын баар, салгыы дьон сэргэ кутун тутар тэрээһин буоларын курдук биир сүбэнэн үлэлиэҕиҥ! — диэн эппитэ, мустубут дьон саныы олорбут баҕа санааларын курдук иһилиннэ.
Онно эбии нэһилиэк баһылыга Анатолий Васильевич:
—Үтүө дьыаланы саҕалаатыбыт, бу тэрээһини икки сылга биирдэ ыытыаҕыҥ, мин, баһылык быһыытынан, үлэлэһиэм. Уонна манна баар Ороһуттан төрүттээх дьоммутун бииргэ үлэлиэҕиҥ, биир сүбэнэн тэрийиэҕиҥ диэн ыҥырабын! — диэбитэ ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.
Дьэ, ол кэнниттэн биһиги түмсүүбүт дьоно Галина Георгиевнаны кытта бүөмнээн көрүстүбүт. Көрсүһүү табылынна, истиҥник-иһирэхтик ааста. Арааһа, ол төрүөтүнэн Галина Георгиевна бэйэтэ буолла быһыылаах. Биһиги туохпут кэлиэй, кулгаах, харах иччитэ буолан олорор эрэ буоллахпыт. Дьэ, доҕоттоор, Галина Георгиевна, Георгий Кардашевскай төрөппүт кыыһа диэх курдук, киһи киһилээхпин диир, мааны далбар хотуна эбит. Бу кэпсиирэ минньигэһин, саҥаран-иҥэрэн, ыпсаран этэрэ үчүгэйин. Быыһыгар дьээбэлэтэлээн, учуутал учуутал курдук сыана даҕаны туруортаан ылара истиниҥ. Илдьэ кэлбит кинигэтэ, кумааҕыта, хаартыската элбэҕэ. Бииртэн биир сонун, бииртэн биир арыйыы. Аһара сонун, сэргэх буолан кэм ааспытын, билбэккэ даҕаны хааллыбыт.
Аҕатын аатын чахчы даҕаны өрө тутар, аатын ааттатаары күнүс олорбокко, түүн утуйбакка түбүгүрэр, мэктиэтигэр сырдыгынан сыдьаайар кэрэ киһи кини эбит — Галина Георгиевна!
Баҕар, сорохтор саныаххыт «төрөппүт аҕата буоллаҕа» диэн. Ол эрээри оҕо оҕоттон, киһи киһиттэн атынын бары даҕаны билэн сырыттахпыт. Дэлэҕэ даҕаны «ийэ сүрэҕэ-оҕоҕо, оҕо сүрэҕэ-тааска» диэн өс хоһооно айыллыа дуо?! Мин санаабар, Георгий Романович кэрэтэ, сырдыга, билиитэ, сатабыла кыыһыгар бэриллэн, Галина Георгиевна киһилии киһи, киһи киһитэ, далбар хотун буола иитиллэн тахсыбыт, аҕатын туйаҕын хатаран, биһиэхэ үтүө холобур буолар быһыылаах.
Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, устуоруктар, кыраайы үөрэтээччилэр ааспыты бүгүҥҥүнү, кэлэри кытта ситимниир ытык иэстээхпит эбээт! Оннук эбит буоллаҕына, Галина Георгиевна курдук туруу үлэһит буолуохтаахпыт, бүгүҥҥүнү кырата уонча сыл инникини кытта ситимниир үлэни ыытыахтаахпыт.
Галина Георгиевнаны кытта көрсүһүүгэ сылдьыбатаҕым буоллар мин манныктары ситэн ылан өйдүү охсуом суох этэ:
1) Георгий Романовиһы СГ-га үөрэнэ сылдьан, преподтарым кэпсээннэриттэн төһө даҕаны иһиттэрбин, кини уһулуччу талааннаах, аламаас таас күн уотугар араас өҥүнэн күлүмүрдүү оонньуур ураты дьоҕурун (суруналыыс, тылбаасчыт, литературнай критик, үтүөкэннээх учуутал, суруйааччы, кыраайы үөрэтээччи, учуонай, амарах аҕа, бар дьоҥҥо ис сүрэҕиттэн көмөлөһөр үтүө сүбэһит, сирдээҕи аанньал) билиэ суох эбиппин.
2)Элгээйи оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, сүгүрүйэр суруйааччым Түгүнүүрэп үтүө аатын тилиннэрээччи буоларын, Түгүнүүрэп барахсаҥҥа туруоруллубут мин көрөр мэҥэ бэлиэбин (памааматынньыкпын) кини оҥотторбутун хантан билиэмий?
3)Кырдьык туһугар туохтан даҕаны толлубакка туруулаһар хорсун быһыытын, кытаанах майгытын, булгуруйбат, биир бигэ санаатын. Онтон сылтаан үгүс үтүрүллүүгэ түбэспитин, олоҕор охсууну ылбытын.
4)Сахаҕа Сэмэн Уруукап курдук народнай поэт баар буолбут ситиспит үтүөтүн.
5)Үөрэппит оҕолоро наука биллэр учуонайдара буолан миигин үөрэппиттэрин.
6)Оҕолорго аналлаах бэртээхэй хоһооннор ааптардара буоларын.
7)Олус кыраһыабай буочардааҕын, киһи эрэ астынан көрөр киһи кэрэтэ буоларын (тас эрэ мөрсүөнүнэн буолбакка, кутунан-сүрүнэн, өйүнэн санаатынан).
8)Саха туһугар олорбут сырдык олоҕун сайыннарар, салҕыыр оҕолордооҕун.
9)Үтүө-мааны оҕолору күн сиригэр көрдөрөн, саханы сайыннарбытын, кэскиллээҕи тэрийбитин. Саха сарсыҥҥыта туруктаах буоларын туһугар ахсаабат кыһамньытын!
Галина Георгиевнаҕа, киһи санаатын иһинэн, астык көрсүһүүнү бэлэхтээбитигэр, кыраайы үөрэтээччилэр түмсүүлэрин аатыттан барҕа махталбын тириэрдэбин. Чэгиэн-чэбдик, сырдыгынан сыдьаайа, кэпсии-ипсии, кэрэни тарҕатар сырыт!