Үөһээ Бүлүүтээҕи «Тоҥуочаан» лааҕыр үгүс сыл устата оҕону айылҕа ураты кистэлэҥнэрин арыйарга үөрэтэр. Быйылгы экспедиция сүрүн уратытынан Бүлүү ГЭһ-ин каскадын, бассейнын тула сытар улуустар айылҕаларын чинчийдилэр. Бүлүү эбэбит билиҥҥи уонна инники дьылҕата хас биирдии Саха сирин олохтооҕун долгутар. Бу сытыы боппуруос тула үгүс учуонай үлэлиир. Чинчийиилэр хайысхалара: Бүлүү эбэ уутун туруга, балыгын хаһаайыстыбата, энтомологическай, этнографическай, метеорологическай чинчийиилэри ыытыы.
“Тоҥуочаан” лааҕыр Ричард Маак экспедициятын суолунан кэлиҥҥи сылларга үлэлээн кэллэ. Экспедицияҕа сыл аайы учуонайдар кытталлар. Үөрэнээччилэр, улуус, оскуола дьаһалтата буолан бырайыак суруйаллар. Республика, Россия араас таһымнаах научнай-практическай кэмпириэнсийэлэригэр ситиһиилээхтик кытталлар.
Быйылгы бырайыак сүрүн соругунан Бүлүү өрүс бассейнын тула үөскээбит тукулааннарын, криопустыняларын уратыларын чинчийиигэ сүрүн болҕомтолорун уурдулар. Бэс ыйын 14 күнүттэн 26 күнүгэр диэри экспедиция маннык маршрутунан айаҥҥа туруммута: Үөһээ Бүлүү-Чаппанда-Күүкэй-Кэмпэндээйи-Мииринэй-Чернышевскай. Манна барыта 21 киһи сырытта, ол иһигэр 15 араас саастаах оҕолор. Кинилэр бары чинчийэр үлэлээхтэр, научнай салайааччылаахтар. Бу нэһилиэнньэлээх пууннары тулалыыр айылҕа уратытын, өбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторун-дьаһахтарын үөрэттилэр.
Былыргы сахалар айылҕаны кытта ураты сыһыаннаах олохторо-дьаһахтара билигин үгүс интэриэһи үөскэтэр. Саха сирин дьикти, ураты айылҕата элбэх кистэлэҥнэрдээх. Билигин да наука кини үгүс таабырынын таайа илик. Саха сиригэр үгүс учуонайдар, политсыылынайдар кэлэн саха тылын, этнографиятын, фольклорун чинийбиттэрэ. Бу билигин норуот инники сайдыытын түстүүргэ олук буолар.
Хас биирдии экспедиция кыттыылааҕа научнай үлэнэн дьарыктанарын таһынан киһи быһыытынан толору сайдыыны ылар. Оҕо айылҕа уһуктуутун, кини ураты тыаһын-ууһун истэргэ, араас өҥнөөх кырааскатын сөҕө-махтайа көрөргө бэйэтин ураты айылгытынан сылдьан, иһийэн ылынар. Ол түмүгэр, оҕолор хоһоон суруйарга холоноллор, уруһуйдуур дьоҕурдарын эмиэ сайыннараллар. Айылҕалыын алтыһарга, дьону кытта сатаан бодоруһарга, тулуурдаах-дьулуурдаах буоларга, бэйэни сайыннарыы кистэлэҥнэрин баһылаан кэлэллэр. Экспедиция кыттыылаахтара бэйэлэрин санааларын маннык суруйаллар:
Прокопьева Варя, 11-с кылаас. Үөһээ Бүлүүтээҕи Михаил Алексеев лиссиэй-интэринээтэ:
— Бу экспедицияҕа үһүс сылбын сөбүлээн сырыттым. Бүлүү Үгүлээтиттэн кэлбитим. Бастакы лааҕыр кэнниттэн лиссиэйгэ туттарсан киирбитим уонна ситиһиилээхтик үөрэнэ сылльабын. Экспедицияҕа сылдьыахпыттан элбэҕи көрдүм, биллим, научнай улэнэн интэриэhиргээн дьарыктанарга сананным. Ол курдук лыахтары чуолаан үөрэтэбин. Кинилэри хайдах тутартан саҕалаан чинчийэргэ, көрүҥүнэн араарарга үөрэнним. Научнай салайааччым Попов А.А., криолитозона биологическай проблемаларын институтун үлэһитэ, ученай-энтомолог. Конференцияларга ситиһиилээхтик кыттабын. Быйыл өссө үлэбин кэҥэттим. Сунтаар, Мирнэй лыахтарын эбии хомуйдум.
Бу «Тонуочаан» лааҕыр айылҕаҕа үлэлииргэ, тулуурдаах буоларга, киһи ис санаатын этинэригэр үөрэтэр. Өрөспүүбүлүкэбит элбэх кэрэ көстүүлээх сирдэригэр сырыттым. Элбэх эрэллээх доҕордоннум диэн киэн туттабын. Хомойуох иһин, бу миэхэ бүтэһик оскуола оҕотун быһыытынан сылдьыбыт экспедициям буолар. Ол эрэн улаатан, үөрэнэн баран бэйэм оҕолору үөрэтэ-иитэ кэлиэм диэн эрэнэбин.
Долгунова Карина, 8-с кылаас:
— Мин бу экспедицияҕа бастакы сылбын сылдьабын уонна олуһун да сөбүлээтим. Бу «Тоҥуочаан” лааҕырга сылдьыбыт оҕолор бары ситиһиилээх буолалларын иһиттим, көрдүм даҕаны. Ону араас таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ кыттыы, араас интэриэһинэй идэни талыы, төрөппүттэр сыанабыллара дакаастыыр эбит.
Николаев Юлиан, 7 кылаас:
— Маак суолунан тэрээһиҥҥэ иккис сылбын сылдьабын. Бастакы сылга устуоруйа хайысхатын талбытым уонна сэргэлэри үөрэппитим. Быйыл климаты үөрэтэр география хайысхатыгар Петрова А.Н., айылҕа билигин институтун старшай преподавателын салайар бөлөҕөр дьарыктанным. Араас прибордарынан үлэлииргэ үөрэнним, олохтоох нэһилиэнньэттэн элбэх интервью ыллым. Бүлүү регионугар климат уларыйыытын кэтээн көрөн чинчийэр үлэбин саҕалаатым. Биһигини кытта режиссер Петрова О.Н. сырытта. Кини хайдах айылҕаны хаартыскаҕа түһэрэргэ үөрэттэ. Оҕолор сүрдээҕин сөбүлээн үөрэннилэр. Быйыл күһүн лиссиэйгэ улахан фотобыыстапка оҥорорго быһаардыбыт.
“Тоҥуочаан” лааҕыр кэнчээри ыччаты кытта доҕордоспута номнуо 18 сыл буолла. Бу лааҕыр чэрчитинэн ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Дойдум барахсан” научнай-практическай кэмпириэнсийэ үһүс төгүлүн ситиһиилээхтик ыытылынна. “Тоҥуочаан” быйылгы үлэ түмүктэригэр тирэҕирэн, саҥа айымньылаах суолун былаанныыр, саҥа доҕотторун кэтэһэр.
Ааптар: Сардана Захарова, экспедиция салайааччыта