Биэс бойобуой орден кавалера Сэмэн Дмитриевич Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта, медиа киин салайааччыта Лидия Ивановна Лукина быйыл муус устар ыйга Хабаровскай куоракка анал кууруска үөрэнэн кэлбитэ.
Лидия Ивановна Аллараа Бэстээхтэн Хабаровскайга диэри поеһынан айаннаан иhэн, поездка үлэлиир саха уолун Эван Николаевич Гильденбранты кытта көрсөн интервью ылбыт этэ. Эйэ, Үлэ, Маай бырааһынньыгар анаан, учууталбыт ылбыт интервьютун сурукка тиһэн бэлэмнээтим.
Эван Гильденбрант Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыттан төрүттээх. Рестораннай бизнескэ сыһыаннаах түөрт дипломнаах. Дойдутугар Саха сиригэр Ярославль куораттан үлэлии кэлэригэр пассажирскай поезд саҥардыы сылдьан эрэ кэмэ эбит. Эдэр киһи поездка үлэлээбитэ билигин төрдүс сыла буолбут.
– Бу үлэни тоҕо талбыккыный, Эван?
– Саха сиригэр сыһыаннаах саҥа идэни боруобалыахха диэммин кэлбитим. Уонна сөбүлээн үлэлии сылдьабын. Олус интэриэһинэй үлэ. Сири-дойдуну көрөҕүн, элбэх дьону кытта билсэҕин. Манна мин олус үчүгэй коллегалардаахпын. Уонна хамнаһа үрдүк.
– Үлэҥ туһунан сиһилии кэпсээ эрэ, баһаалыста.
– Тимир суол уустук конструкциялаах. Ону барытын чопчу билиэххин наада. Холобур, вагон иһинээҕи, таһынааҕы өттүн, электроникатын, быраабылатын. Мин үлэм поездка айанныыр дьону кытта сибээстээх. Араас дьон баар. Хас биирдии киһиэхэ тус-туспа сыһыан ирдэнэр. Тоҕо диэтэххэ, айаҥҥа араас буолуон сөп. Этиһии, кыыhырсыы, өйдөспөт буолуу баар буолааччы. Соҕуруу куораттарга чугаһаан истэххэ, поезд электрофикациянан барар. Онтон Саха сиригэр чугаһаатахха, электрофикация суох, ол иһин уматыгынан барар.
– Эван, оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Баҕалаах буоллаххытына, тимир суолга үлэлии кэлиҥ. Бу үлэ хамнастаах. Онон дьиэ-уот туттарга, массыына ылынаргар, сахалыы эттэххэ, атаххар тураргар кыаҕы биэрэр. Бу киһи сайдар үлэтэ. Аны күһүн бэһис үөрэхпэр психолог идэтигэр киирэр былааннаахпын. Тоҕо диэтэххэ, пассажирдары кытта үлэҕэ психолог буолар наадалааҕын таһынан, дириҥ билиини эрэйэр.
Биири бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын. Биһиги бу үлэҕэ вахта ньыматынан үлэлиибит. Ол аата 15 күн үлэлиигин, 15 күн сынньанаҕын. Уоппуска, айан төлөбүрэ, больничнай – барыта баар.
– Эван, кэпсээниҥ иһин, баһыыба! Ситиһиилэри баҕарабын.
Л.И. Лукина ылбыт интервьютун сурукка тистэ
Алёна КСЕНОФОНТОВА, VII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы
Л.И. Лукина хаартыската